Суруналыыстыка төрдө, «ийэтэ» – бэчээт. Тэлэбиидэнньэ, араадьыйа быдан иннинэ хаһыат, бэчээт үөдүйбүтэ, ситэн, силигилээн кэллэ. Анал идэлээхтэр: «Сүүс да сылынан бэчээт тыла күүһүн сүтэриэ суоҕа, кумааҕы хаһыаты, сурунаалы туох да солбуйуо суоҕа», – дииллэр. Итиниэхэ майгынныыр санаалары, тылы-өһү Москваҕа ыытыллыбыт Россия суруналыыстарын Сойууһун XII съеһигэр бара сылдьан истэн кэллим.
Оҕо хаһыатын кытары
ситимнээхтэр
Съезд сэтинньи 25 күнүгэр Россия наукаларын академиятын Улахан саалатыгар ыытылынна. 80-тан тахса регионтан 700 кэриҥэ суруналыыс кытынна. СӨ суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Г.А. Бочкарева салалтатынан Саха сириттэн 25 киһилээх делегация кытынна. 25 киһиттэн аҕыс киһитэ – «Бэлэм буол»- «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар эдэр кэрэспэдьиэннэрэ: Галина Бочкарева, Петр Павлов, Катерина Григорьева, Чокуур Гаврильев, Виктория Контоева, Роман Пестерев, Никита Аргылов уонна бу строкалар ааптардара. Биһигини түмэр, төрдүбүтүгэр турар кыһабыт – оҕо хаһыаттара эбит!
Саха сирин үрдүнэн Россия суруналыыстарын Сойууһун 1100-тэн тахса чилиэнэ баар. Итиччэ элбэх киһиттэн съезд үлэтигэр делегатынан талыллыы, биллэн турар, үөрүү, үрдүк чиэс. Тус бэйэм делегацияҕа оҕо бэчээтин суруналыыһын киллэрбиттэрин мындыр дьаһаныы уонна төрүттэммитэ 81 сыл буолбут оҕо хаһыатыгар, эрэдээксийэҕэ үлэлээн ааспыт уонна үлэлии сылдьар айар дьоҥҥо ытыктабыл, болҕомто бэлиэтэ диэн ылынным. Онон идэлээх Сойууспут бэрэссэдээтэлэ Галина Алексеевна Бочкареваҕа оҕо хаһыатын эрэдээксийэтин аатыттан барҕа махталбытын биллэрэбит. Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо бэчээтин сайыннарбыт, биһиги хаһыаттарбыт Бочуоттаах эрэдээктэрэ, күндү Нина Иннокентьевна Протопоповабыт баара эбитэ буоллар, тосхойбут айантан төһө эрэ үөрүө этэ дии саныыбын… 2013 с. Кыргызстаҥҥа Чингиз Айтматов үбүлүөйдээх тэрээһинигэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын кытары барарбын истэн, кини истиҥник үөрбүтэ, ыраах суолбун алгыы хаалбытын умнубаппын…
Сүмэлээх этиилэр
Съезкэ тирээн турар үгүс кыһалҕа таарылынна. Холобур, суруналыыстыка уонна блогердааһын, социальнай ситим сирдээх халлаан курдук ыраахтарын, уратылаахтарын хаста да тоһоҕолоон эттилэр. Холобур, Москва суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Павел Гусев: «Журналисты не должны превращаться в Союз блогеров. Не позволим унижать нашу профессию. Журналистика – это профессионализм, это совершенно другой уровень ответственности», – диэн санаалаах. Социальнай ситими блогердар баһылаатылар, ити эрээри, кинилэр суруналыыс курдук үрдүк эппиэтинэһи сүкпэттэр, сүгэр күүстэрэ да суох.
Съезд үлэтин М.В. Ломоносов аатынан МГУ суруналыыстыка факультетын Президенэ, 90-ча саастаах Ясен Засурскай лаппа сэргэхситтэ. СГУ-га, суруналыыстыка салаатыгар профессор Олег Якимов Я.Засурскай үлэлэрин элбэхтэ аахтарбыта. «Дьиҥнээх суруналыыстар – «суһал көмө» курдуктар. Кыһалҕаламмыт, тугу эрэ кэпсиэн, этиэн баҕарар киһи бастаан суруналыыстары сураһар. Ол гынан баран, кэнники кэмҥэ суруналыыстыка ардыгар роботтыы салаллар буолбута соччото суох көстүү», – диэтэ.
Бэчээт –
суруналыыстыка сүмэтэ, хаачыстыба бэлиэтэ
Бельгияттан суруналыыстар Норуоттар икки ардыларынааҕы Сойуустарын сүрүннүүр сэкирэтээрэ Антони Белланже ыалдьыттаата, съезд үлэтигэр кытынна. Мин, оҕо бэчээтин үлэһитэ, ханна сылдьарым тухары оҕо бэчээтин токкоолоһор үгэстээхпин. Бу да сырыыга үгэспиттэн туораабатым. Номнуо ыраатан хаалбыт 1994 сыллаахха, оҕо сылдьан, Францияҕа Нормандия диэн провинцияҕа Де Рош оскуолатыгар француз тылын үөрэтэ тиийэн баран, обургу саастаах оҕолорго «Оkapi» диэн сурунаал тахсарын өйдөөн хаалбытым. Чаҕылхай өҥө, баай ис хоһоонноох матырыйааллара обургу оҕо болҕомтотун, чахчы да, тардар, киһи аахтар ааҕа, көрө олоруох курдуга. Сурунаал дьоллоох дьылҕатын Антони Белланже кэпсиир:
– «Оkapi» ситиһиилээхтик тахса турар. Бу – 70-с сыллартан тахсар сүрдээх үчүгэй, сырбаҥ-татай саастаах оҕолорго аналлаах сурунаал. Францияҕа, Европаҕа оҕолорго саастарынан арааран, араас таһаарыы баар, хото тахсар. Дьон ону суруйтаран эбэтэр атыылаһан ааҕар. Францияҕа, Бельгияҕа, Европа үрдүнэн ким да кумааҕы хаһыаттан, сурунаалтан аккаастаммат. Туох баар үчүгэй бэчээккэ баар буоллаҕа. Бэчээт – суруналыыстыка сүмэтэ, үрдүк хаачыстыба бэлиэтэ. Эн урут Франция хотугу өттүгэр сылдьыбыт, үөрэммит эбиккин, мин Нормандияны үчүгэйдик билэбин. Бэйэм Франция илиҥҥи провинциятыгар хаһыакка үлэлээбитим. Билигин Бельгияҕа олоробун.
Саҥа бэрэссэдээтэл
XII съезд түмүгүнэн суруналыыстар Сойуустарын саҥа бэрэссэдээтэлинэн кинодокументалист Владимир Соловьев талылынна. Кини МГУ норуоттар икки ардыларынааҕы салаатын, Белградтааҕы университет политическай наукаларга факультетын бүтэрбит. «Россия» ханаалга араас дуоһунаска үлэлээбит. Сойууһу 25 сыл устата айымньылаахтык салайбыт Всеволод Богданов Сойуус Бочуоттаах бэрэссэдээтэлэ буолла.
Биһиги, оҕо хаһыатын үлэһиттэрэ, идэлээх Сойууспутугар Россия үрдүнэн тахсар оҕо бэчээтин сомоҕолууругар, болҕомто уурарыгар бэйэбит этиилэрбитин киллэрдибит.
(Салгыыта бэчээттэниэ).
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.
Москва к.
Ааптар уонна
Василий КОНОНОВ
түһэриилэрэ.