Билиҥҥи сайда турар саҥа үйэҕэ хас биирдии киһи үөрэхтээх буолара – олохпут ирдэбилэ.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка 14-тэн тахса тыһыынча устудьуон баарыттан 295 устудьуон араас дойдулартан кэлэн, Саха сиригэр үөрэнэ сылдьаллар. Ол аата биһиги үөрэхпит кыһата аан дойду таһымыгар биллэр эбит. Онон атын омуктары кытта алтыһар, кинилэр үгэстэрин үөрэтэр уонна доҕордоһор түгэн көстүөн сөп эбит. Ол түгэни мүччү туппакка, омук устудьуоннарын кытта кэпсэттибит, Саха сирин туһунан санааларын ыйыттыбыт.
Winda Yani SINAMBELA,
Muhammad Habibi SYAHIDI,
Индонезия:
– Биһиги ХИФУ туһунан Интернеттэн билбиппит. Үчүгэй билиини биэрэр, элбэх хайысханан үлэлиир диэн, манна таласпыппыт. Бу университеты бүтэрдэхпитинэ, дойдубутугар туһалаах идэлээх дьон буолуохпут.
Биһиги Дьокуускайга быйылгы үөрэх дьылыгар эрэ кэллибит. Элбэҕи кэтэһэбит. Саха сирин олохтоохторун үгэстэрин, култуураларын интэриэһиргиибит. Ааспыт нэдиэлэҕэ мусуойга сылдьан, сэлии (мамонт) дьардьаматын, удаҕан таҥаһын көрбүппүт, өрөбөлүүссүйэ туһунан кэпсээбиттэрин истибиппит. Ыһыаҕы наһаа сэргээтибит уонна эһиил хайаан даҕаны ыһыахха сылдьыахпытын, саха аһын амсайыахпытын баҕарабыт.
Цю СЯНСЮ,
Кытай:
– Кытай университетыгар преподаватель элбэҕи саҥарар-кэпсиир буоллаҕына, манна олус атыннык үөрэтэллэр эбит. Устудьуоннарга элбэх дьиэҕэ үлэни биэрэллэр: бырайыак, презентация, өйтөн суруйуу. Үөрэниэххэ сөп эбит дии санаатым. Бэйэм ангылычаанныы, кытайдыы, нууччалыы саҥарабын. Саха кыргыттара истээх сон кэтэллэрин сөҕө көрдүм. Дойдубар биир истээх сону илдьэ барыахпын баҕарабын. Кыһыҥҥы тымныыны эппинэн-хааммынан биллим.
Сун БИНЧУ,
Кытай:
– Харбинтан кэлэн, “exchange student” нөҥүө үһүс сылбытын үөрэнэ сылдьабыт. Саха сирэ атын дойдулардааҕар ураты тымныы эбит. Усулуобуйа барыта баар, толору хааччыллыылаах уопсай дьиэҕэ олоробут. Корпуспут наһаа ыраас уонна үчүгэй. Нуучча аһа биһиэниттэн атын.
Кытайга үөрэнэр университетым ХИФУ-ну кытта ыкса сибээстээх, бииргэ үлэлэһэллэр. Олохтоох дьону кытта биир тылы булан кэпсэтэбит. Нуучча тылын баһылаатахпытына, аны саха тылын үөрэтэр былааннаахпыт.
Шахрух РИСАЛИЕВ,
Кыргызстан:
– Мин бииргэ үөрэммит табаарыһым ХИФУ-га үөрэнэр уонна миэхэ сүбэлээбитэ. Тыйыс-тымныы дойдуга сатаан олоруохпун сөп дуо? Бу ыйытыыга хоруй булаары, бэйэбин бэрэбиэркэлэнээри, Дьокуускайга көтөн кэлбитим. Ол гынан баран, хойутаабыт буолан, бастаан университет иһинэн тэриллибит эбии үөрэхтээһин факультетыгар үөрэммитим. Бу кэмҥэ куораты көрбүтүм, саха норуотун үгэстэрин уонна төрүт култуураларын кытта билсибитим. Дьокуускай уонна Табаҕа ыһыахтарыгар сылдьыбытым. Аны Булууска уонна Хаҥалас улууһугар тиийэр баҕалаахпын.
Иккис сылбар туттарсан киирбитим. Нууччалыы саҥарарбын ыарырҕатар этим да, үөрэтэммин, өйдүүр буолан эрэбин. Кыһын олус тымныы эбит. Таһырдьа тахсарбар космоска тахсар курдук бэлэмнэнэбин.
Саха төрүт аһыттан алаадьыны сиэн көрбүтүм, өссө да атын аһы амсайыахпын баҕарабын.
Андрей АНТОНОВ,
ХИФУ суруналыыстыка салаатын I кууруһун устудьуона.
Салгыытын уонна элбэх хаартысканы «Кэскил» хаһыат саҥа нүөмэригэр көрүҥ!