«Кэскили» кэрэхсииллэр, күргүөмүнэн суруйтараллар
Биир дьиэ кэргэн курдук
Мин бу кылааска киирбиппиттэн олус үөрэбин, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр учууталларга үөрэнэрбинэн киэн туттабын. Ыраата бардахпына, доҕотторбун ахтабын. Биһиги кылааспыт иллээх-эйэлээх, биир улахан дьиэ кэргэн курдук. Ол барыта салайааччыбыт Клара Борисовна Ксенофонтова уонна төрөппүттэрбит ситимнээх үлэлэрин түмүгэ дии саныыбын.
Алексей НОВГОРОДОВ.
Бары өттүнэн сайдабыт
Биһиги физико-математическай кылааска үөрэнэбит. Ол эрээри, бу эрэ предметтэринэн үлүһүйбэппит. Духуобунай өттүнэн сайдарга дьулуһабыт. Куорат араас култуурунай тэрээһиннэригэр кыттабыт. Ордук Саха тыйаатырын туруорууларын сэргээн көрөбүт.
Мичийэ МИХАЙЛОВА.
Лааҕырга
Сайын аайы математика лааҕырыгар дьарыктанабыт. Түөрт хамаандаҕа арахсан үөрэнэбит. Уон икки күн устата элбэх куонкурустар уонна оонньуулар буолаллар. Араас садаачаны, эрчиллиини суоттуубут. Биһигини Москваттан кэлбит ааттаах-суоллаах учууталлар үөрэтэллэр. Лааҕырбыт сайдан иһэригэр баҕарабын.
Дьулусхан АФАНАСЬЕВ.
“Ньургуһуннуун сиэттиһэн”
Саас, хаар ууллубутун кэннэ, бүтүн оскуоланан Табаҕа тумуһугар тахсабыт. Күүтүүлээх тэрээһиҥҥэ сарсыарда эрдэттэн сөпкө таҥнан-симэнэн, ыһыкпытын туппутунан, көрдөөх айаҥҥа турунабыт. Мырааны дабайан иһэн, ыллыыбыт-туойабыт, кэпсэтэбит.
Бу күн ийэ айылҕабытыгар, үрдүк Айыыларбытыгар сүгүрүйэбит, алгыс тылын иҥэринэбит. Хас биирдии кылаас түһүлгэ тэринэн аһыыр. Ол кэннэ «Ньургуһуннуун сиэттиһэн» куонкуруспут саҕаланар. Манна ньургуһуну уустаан-ураннаан хоһуйан, ыллаан, хоһоон ааҕан, үҥкүүлээн күрэхтэһэбит. Улаханныын-кыралыын бары оонньуубут. Күүс-уох эбиммит дьон үөрэ-көтө дьиэбитигэр төннөбүт.
Лада СТЕПАНОВА.
Өбүгэлэр суолларынан
Биһиги Чиряев Александр Константинович салалтатынан улуустарынан экспедицияларга уонна араас мусуойдарга, тыйаатырдарга сылдьабыт. Өбүгэлэрбит, төрүттэрбит тустарынан саҥаны, интэриэһинэйи билэбит.
Алик УЛАРОВ.
Муҥхалыыбыт
Муҥха диэн саха киһитин төрүт дьарыга, бултаан-алтаан, көмүс хатырыктааҕынан күндүлэтэн дуоһуйуута. Биһиги сыл аайы кылааһынан уонна оскуоланан мустан, учууталбыт Александр Константинович, төрөппүттэр көмөлөрүнэн муҥхаҕа барабыт. Эбэ бэрсибит бэлэҕин тэҥҥэ үллэстэн, үөрэ-көтө дьиэлиибит.
Вова ТАРАБУКИН.
Мандар Уус үөрэҕэ
Сайын аайы кылааһынан экспедицияҕа сылдьабыт. Араас улуустары кэрийэбит, оту-маһы, үөнү-көйүүрү үөрэтэбит.
Мандар Ууска быһах оҥорбут күннэрбитин өйдөөн хаалбыппын. Сынньалаҥҥа Мандар Уус бэйэтин олоҕуттан быһа тардан кэпсиир этэ. Кини үөрэҕэ, сүбэтэ инники олохпутугар көмөлөһүө диэн бүк эрэллээхпин. Бэйэбит оҥорбут быһахпытын дьиэбитигэр илдьэ кэлбиппит.
Федор МАРКОВ.
Күһүн аайы Табаҕаҕа
Ийэ айылҕабыт араҕас өҥүнэн киэргэнэр, мааны көрүҥнэнэр, кэрэтийэр кэмин өрөгөйдүү көрсөөрү, айылҕаттан күүс-уох ылаары, хас күһүн аайы Табаҕа тумуһун дабайабыт. Күнтэн, айылҕаттан, алгыстан сэниэ ылынабыт. Оҕолордуун оонньуубут, күһүҥҥү кэрэ көстүүттэн дуоһуйан кэлэбит.
Алина СЕМЁНОВА.
Муус ылабыт
Сыл аайы Александр Константинович салайыытынан муус ылабыт. Бу тэрээһиҥҥэ үһүс сылбын сырыттым. Учууталларбытыгар уонна көмөҕө наадыйар ыалларга муус тиэйэн биэрэбит. Кинилэр олус үөрэллэр, махтаналлар. Сырыы аайы хайҕанан, үлэттэн дуоһуйан дьиэлиибит.
Андрей ЕФИМОВ.
Олимпиада туһата
Үөрэх дьылын устата араас олимпиадаларга кыттабыт. Үксүн өрөбүлгэ ыытыллаллар, онон мэлдьи солобут суох курдук. Ол эрээри, олимпиада барыбытыгар наада, үөрэхпитигэр олус туһалыыр.
Петя ФЕДОРОВ.
Лэкэ хайатыгар
Мин ордук Лэкэ хайатыгар сырыыбытын сөбүлээбитим. Онно үс мотуорунан айаннаан тиийбиппит. Бараайы үрэх аттыгар түһэн, «Пенсильванскай башмачок» чэчик үүнэн турарын сэргии көрбүппүт. Былыргы тэптиргэни уонна сохсону булбуппут. Өссө ураһа иһигэр сэлии уҥуохтара баара. Бэйэбит ити эҥээр сэттэ уҥуоҕу булбуппут.
Андрей ВИНОКУРОВ.
Лабыдьа хайаларыгар
Сэттис кылааска кыһын Лабыдьа хайаларыгар бара сылдьыбыппыт. Өлүөнэ өрүһү туораан, хайа үрдүгэр тахсыбыппыт. Үөһэттэн эбэбит олус кэрэ көстүүлээх этэ. Бу ытык сири олус сөбүлээбиппит.
Павлик МОКРОЩУПОВ.
Төрөппүт оскуолата
Кыһыҥҥы каникулга төрөппүттэрбит уруоктарыгар үөрэнэбит. Кинилэр атын дойдулар тылларын, итэҕэллэрин туһунан лекция ааҕаллар. Булт ньымаларын, хапкаан араастарын кэпсииллэр. Баскетбол, футбол, волейбол күрэҕэ буолар. Уонна математика, экономика садаачаларын суоттуубут. Төрөппүт оскуолата олус туһалаах.
Юлиана АМОНОВА.
Атын дойдулаахпын
Алын кылаастан үҥкүүнэн дьарыктанабын. Саалаҕа киирээт, туох баар куһаҕаны аан нөҥүө өттүгэр хаалларабын. Муусука холбонно даҕаны, тугу барытын умнабын, ханна эрэ атын дойдуга баар буола түһэбин. Тулам сырдыыр, тупсар. Ол курдук, үҥкүү ис дууһам туругун кэрэҕэ салайар, куһаҕантан арчылыыр-араҥаччылыыр.
Алина СОЛДАТОВА.
Күндүтүк саныыбын
Мин Оҕо искусствотын оскуолатын иһинэн үлэлиир тыйаатыр салаатыгар биэс сыл устата дьарыктаммытым уонна ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Тыйаатыр историятын, сыанаҕа хамсаныыны, гримнэниини, хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыыны умсугутуулаахтык үөрэппиппит. Тапталлаах оскуолабын күндүтүк саныыбын.
Даная СИДОРОВА.
Талаан наадата суох…
Мин санаабар, уруһуй нөҥүө тугу саныыргын, сөбүлүүргүн-сөбүлээбэккин, тугу көрөргүн, эн тула туох баарын тиэрдиэххин сөп. Манна талаан наадата суох, хас биирдии киһи бэйэтэ истииллээх уонна тус санаалаах. Кырааска кумааҕыга түһэн истэҕин аайы уруһуй бэйэтэ тахсан иһэргэ, тиллэн кэлэргэ дылы.
Олеся КИПРИЯНОВА.
Экономист буолуом
Мин экономиканы интэриэһиргиибин. Теорияларын, садаачаларын умсугуйан суоттуубун. Экономист идэтин баһылаан, сыалбын-сорукпун, баҕа санаабын толоруом.
Наташа СЛЕПЦОВА.