Бэс ыйын 20-21 күннэригэр Түгэхтэй алааһыгар уолаттарга «Түмэн Түүрэй бухатыыр» диэн өбүгэ оонньууларынан күрэх буолла. Бу күрэх уратытынан былыргы өбүгэлэр оонньууларын сөргүтүү буолар. Ол иһин сонун, интэриэһинэй тэрээһини дьон-аймах сэргии, астына көрдө.
Бэҕэһээ «Хардаҕаһы охторуу» «Ойбонтон уулааһын», «Кырынаастааһын» түһүмэхтэргэ эдэр уолаттар бэйэлэрин күүстэрин холоммуттара. Үрдүк көрдөрүүлээхтэр финалга киирэн бүгүн «КҮН КӨМҮС КЫТЫЛА» күнү көрсүү түһүлгэтигэр түмүктүүр күрэскэ күөн көрүстүлэр. Иккис күҥҥэ «Балаҕан нөҥүө тааһы быраҕыы», «Тааһы көтөҕүү», «Үөһээ Бүлүү таастара» түһүмэхтэр буоллулар. Түһүлгэ иһэ ыһыы-хаһыы саҥатынан туолла. Хас биирдии ыалдьааччы бэйэтин уолугар күүһүгэр күүс, сэниэтигэр сэниэ эптэ. Уолаттар тулуурдарын, дьулуурдарын, кыахтаахтарын көрдөрдүлэр. 12 уол астына-дуоһуйа, улахан баҕалаахтык кытыннылар. Ньурбаттан сылдьар ыалдьыттар «Саха төрүт оонньууларын киллэрбиттэрин олус сэҥээрдэбит. Бириистэрэ олус дьоһун, улахан эбит. Атын улуустарга маннык тарҕанара буоллар» диэн санааларын эттилэр. Икки күн устата тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн кыайыы үрдүк өрөгөйүн Үөһээ Бүлүүттэн Эльдар Мандаров ылла. Иккис бочуоттаах миэстэни Уус-Алдантан Арсен Эверстов, үһүс миэстэни Үөһээ Бүлүүттэн Ян Прокопьев ыллылар.
Кыайыылаах 200 тыһыынчанан, иккис миэстэ 120 тыһыынчанан, үһүс миэстэ 80 тыһыынчанан, чаппараах быһыылаах ураты мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. Уолаттар мэтээллэрин көрө-көрө «астык да мэтээл дии» диэн үөрдүлэр-көттүлэр Маннык үрдүк наҕараада уолаттар спорт эйгэтигэр өссө күүскэ дьарыктаналларыгар, куонкурустарга кытталларыгар мотивация буолуо. Уол оҕону сахалыы өбүгэлэрбит оонньууларынан этин-хаанын сайыннарыы, дьаныардаах буоларга иитии маннык тэрээһиннэртэн тахсар буоллаҕа. Кэрэхсэбиллээх, интэриэһинэй, ураты күрэс буолла!
Григорьева Раиса Васильевна, кылаабынай дьүүллүүр сүбэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай оскуола хотугу многоборье тренера: «Күрэхпит алта көрүҥнээх. Былыргы өбүгэлэрбит күрэхтэрин хостоон ылан, хаһан да улаханнык ким да киирсэн көрбөтөх көрүҥнэрин ыламмыт бэйэбит даҕаны интэриэһиргээн туран аан бастакынан боруобалаатыбыт. Бу олус ыарахан көрүҥнэр буолаллар. Бэлэмэ суох оҕолор сатаан кыттыа суох эбиттэр. Сылы быһа тохтообокко, эрчиллэ сылдьыбыт оҕо симбиир кыанарын көрдөрөн миэстэҕэ киирэр эбит. Улууспут баһылыгар Владимир Семёнович Поскачиҥҥа спорт эйгэтин өйөөбүтүгэр, өйүүрүгэр улахан махталбытын тириэрдэбит!»
Кыайыылаах Эльдар Мандаров: Техникумҥа үөрэнэбин, I куурсу бүтэрдим. Хотугу многоборьеннан сөбүлээн дьарыктанабын. Бу күрэххэ өр соҕус бэлэмнэнним. Наһаа боруостуой буолбатах, син ыарахаттардаах этэ. Маннык көрүҥнэргэ аан бастакыбын холоннум , олус интэриэһинэй эбит. Ыарахан соҕус көрүҥнэр буолан сарсыарда олох көһүйэн турдум. Кыайыыга эрэллээх этим. Тренербар Раиса Васильевнаҕа махтанабын!
II миэстэ — Арсен Эверстов, Уус-Алдан: Мин X кылааһы бүтэрдим. Сыалым-соругум күрэххэ үс иһигэр киирии этэ, ол туолла диэн үөрэбин. Тэрээһин оһуобай, наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, тутуу бөҕө баар эбит. Бэйэм хотугу многоборьеҕа дьарыктанабын, тренерым Пётр Николаевич.
III миэстэ — Ян Прокопьев, Үөһээ Бүлүү, Балаҕаннаах: Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж устудьуона буолабын. Кыра эрдэхпиттэн спорду сэҥээрэбин. Бастаан хапсаҕайынан онтон улаата түһэн баран маска көспүтүм. Спортка угуйбут киһим спорт маастара Спиридонов Сергей Григорьевич буолар. Уолаттарбар очкуобун ааҕан, ыйан-кэрдэн биэрбиттэригэр махталбын тиэрдэбин!
Матырыйаалы Кристина Иванова бэлэмнээтэ