Саха сиригэр үрдүк айыыларга сүгүрүйэр, кэлбит дьылтан үтүөнү эрэйэр Олоҥхо ыһыаҕа Үөһээ Бүлүү улууһугар ыһыллар үтүө-мааны үүммүт күнүгэр биир дойдулаахпыт Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин духуобунаһын чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, живописец, график Дьулустаан Бойтунов айар быыстапката арылынна.
Дьулустаан Бойтунов: “Сэттэ уонча үлэ графика уонна живопись көрүҥэр көрдөрүлүннэ. Николай Лугинов романыгар анаммыт уруһуйдар бааллар. Бүтэһик үлэлэртэн «Чуумпу Бүлүү» Иннокентий Иванов романыттан, ону тэҥэ Андрей Титаров “Хардааччы Бэргэн” кинигэтин уон биэс уруһуйа бааллар. Биир саамай сөбүлүүр тиэмэм сылгылар буолаллар. Сылгыларга анаан хас да хартыыналаахпын».
Айсен Будищев,
Кэнтик орто оскуолатын XI кылаас үөрэнээччитэ.