Бэҕэһээ киэһэ 11 чааска Үөһээ Бүлүү туонатыгар кэллибит. Улуу Ньыыкан ойууҥҥа анаммыт баннер көрсөрө олус суолталаах: бу сир-дойду ытык буоларын көрдөрөр. Улуус кыраныыссатыгар, Чыбыыда үрэх таһыгар, суруналыыстары алаадьынан айах тутан көрсүбүттэрэ. Харбалаах нэһилиэгин култуура эйгэтин үлэһиттэрэ эбит. Олус үчүгэй хаартыскаҕа түһэр сирдэри тэрийбиттэр. Хотун Бүлүү сирэ — дойдута наһаа абылыыр, сылааһынан угуттуур.
Оҕо литературатыгар «көмүс» айымньылары хаалларбыт норуодунай суруйааччылар Николай Якутскай, Петр Тобуруокап, Семен Руфов, Василий Сивцев дойдулара буолар. Кинилэр быйыл үбүлүөйдээх сыллара.
Бүгүн Нина Никитична Михайлова салайар «Иэйэхсит-Тымтык» оҕо бөлөҕүн эдэр кэрэспэдьиэннэрэ Валерий Ласточкин-8 кылаас, Надежда Котоконова-10 кылаас, Айна Тарасова-8 кылаас, ону таһынан, Дүллүкү орто оскуолатын Антонина Ивановна Афанасьева салайар «Эрчим» эдкорпост кэрэспэдьиэннэрэ Дайаана Федорова-10 кылаас, Уруйдаана Афанасьева-10 кылаас, Анна Тобохова-9 кылаас, бүгүн кэлиэхтэрэ, үлэҕэ түһүнүөхтэрэ, өрөгөйдөөх тэрээһини сырдатыахтара. Айымньылаах үлэҕэ бэлэммит!
Эльдар Садовников