Сотору кэминэн Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх арыллыыта буолуоҕа. Онно үлэлиэхтээх биһиги эдэр кэрэспэдьиэннэрбит номнуо матырыйаал хомуйан ыыттылар. Эдкор Валерий Ласточкин бэлэмнэнии үгэниттэн интервьютун таһаарабыт.
Ласточкин Валерий: — Үтүө күнүнэн!
Иванов Антон: — Үтүө күнүнэн!
Л.В.: — Хантан сылдьаҕын, хаһыс кылааска үөрэнэҕин?
И.А.: — Ороһуттан,8 кылааһы бүтэрдим.
Л.В.: — Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэр сыалтан лааҕыр арыйан үлэлэттилэр дуо?
И.А.: — Бэс ыйын 1 күнүттэн Тамалакаан оҕолорун кытта биһигини түмэн лааҕыр үлэлэттилэр. Лааҕырга 13 күн дьарыктанан баран, Үөһээ Бүлүү оҕолорун кытта бииргэ бэс ыйын 14 күнүттэн, улуус ыһыахтыыр сиригэр, Түгэхтэйгэ, бэлэмнэнэ сылдьабыт.
Л.В.: — Эһиги туохха кыттаҕыт?
И.А.: — Ыһыах арыллыытын сиэригэр-туомугар, битииһиттэрбит.
Л.В.: — Бэлэмнэнэртэн сылайбаккыт дуо?
И.А.: — Сылайбаппыт, оҕолору кытта үөрэ-көтө бэлэмнэнэбит. Ыһыах арыллыыта кэрэ көстүүлээх буоларын туһугар, үөрэтэллэрин ылынан, кыһаллан бэлэмнэнэбит.
Л.В.: — Ыһыахтыыр сири оҥорууга, тупсарыыга тус санааларыҥ?
И.А.: — Хас сырыы аайы кэллэхпитинэ, тупсан-киэркэйэн иһэр, ол аайы биһиги сүргэбит көтөҕүллэр, битиибитин тупсаран иһэбит.
Л.В.: — Олоҥхону истэргин сөбүлүүгүн дуо?
И.А.: — Чиэһинэйдик эттэххэ, таттаран туран олоҥхону истибэппин. Интириэһиргээбит түгэннэрбин истиэхпин сөп.
Л.В.: — Олоҥхо ыһыаҕар, сэргээн тугу көрүөм диэн былаанныыгын?
И.А.: — Мас оҥоһуктарын быыстапкатын көрүөм ,сүрүннээн оҕолор түһүлгэлэригэр ыытыллар тэрээһиҥҥэ сылдьыам.
Л.В.: — Эппиэтиҥ иһин, махтал!
И.А.: — Эйиэхэ эмиэ, баһыыба!
Бүлүү-Үөһээ Бүлүү кыраныыссатыгар. Чыбыыда үрэх таһыгар
Валерий ЛАСТОЧКИН,
Үөһээ Бүлүү, Ороһу.