Оҕо сылдьан барыта күндү, кэрэ, эриэккэс. Оҕоҕо үтүө өйдөбүл буолан хатанан хаалаллар — араас бэлиэ күннэр, бырааһынньыктар. Ол курдук, кырачаан оҕолор ыһыах диэн тугун эттэринэн — хааннарынан биллилэр.
Уһуйаан — оҕону иитиигэ улахан оруоллаах. «Домисолька» уһуйаан оҕолору 1,5 саастарыттан оскуолаҕа киириэхтэригэр диэри иитэр — такайар. Ыһыах ыытыллыбыт сыала — соруга оҕону кыра сааһыттан — төрөөбүт норуотун төрүт култууратыгар сыһыарыы, билиһиннэрии. Кыра саастаах оҕолор бөлөхтөрүн төрөппүттэрэ олус кыһаллан араас сахалыы таҥастары тикпиттэр, бырааһынньык сүрүн көстүүтүн киэргэттилэр. Иитээччилэр бэйэлэрэ сахалыы үҥкүүлээн оҕолор интэриэстэрин тарпыттара. Кырачааннар эмиэ хоһоон, ырыа — үҥкүү көрдөрдүлэр. Дуоһуйан сахалыы оонньуулары оонньоотулар, дэлэй сахалыы остуол аһын амсайдылар.
Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн төрүт удьуор эйгэтин тэрийии дойдуга тапталы сабыдыаллыыр. Ыһыахха кыралыын улаханныын түмсэн сомоҕолоһуу түһүлгэтэ буоларын итэҕэйэ көрөбүт!