Үтүө күнүнэн, кыргыттар! Таһырдьа таҕыстахха от-мас көҕөрбүтэ, сибэкии тыллыбыта эчи кэрэтиин! Сайыҥҥы күннэрбит сотору эмиэ түргэнник да бүтүөхтэрэ. Ол иһин кумаарбыт эмин ыстара-ыстара таһырдьа күүлэйдиэххэ, кэрэтик таҥнан хаалыахха! Мин бүгүн эһиэхэ бу сайын ханнык таҥастар тренд буолбуттарын көрдөрүөм. Биһиэхэ көмөлөһүөҕэ “CHICHI” таҥас маҕаһыына.
Велосипедка. Урукку 90-с сыллардааҕы велосипедка муодата эргиллэн кэллэ! Хаамарга, хамсанарга табыгастаах.
Кыыс-аймах кэтэһэр сайыны саҥа былааччыйа кэтээри.Бытархай сибэккилэрдээх, дьэрэкээн ойуулаах былааччыйа нарын бэйэҕин өссө тупсаран көрдөрүө.
Бу сайын ХИТ буолбут кылгас, киэҥ сиэхтээх “Былыт” былааччыйа.
Өссө маннык уһун быалаах суумканы кытта кэтиэххэ сөп.
Кылгас топ – 1990-2000 сс. Британи Спирс, Кристина Агилера, Spice Girls кылгас топ кэтэн ыллыыллар этэ, онтон саҕалаан маннык топтар популярнай буолбуттара. Дьиэҕэ, уулуссаҕа кэтэргэ, спордунан дьарыктанарга удобнай.
Тройка. Чараас сайыҥҥы көстүүм. Маайка, ырбаахы уонна киэҥ бүрүүкэ (плаццо/кюлоты). Киһи этигэр сыстыбат, олус чэпчэки буолан итии күннэргэ кэтэргэ оһуобай! Бу көстүүм гардероб сүрүн таҥаһа буолуон сөп.
Сайыҥҥы атах таҥаһа -2022
Бу сайын ханнык атах таҥастара саамай муодунайдарый? Көрүөххэйиҥ!
СЛИНГБЕКИ. Иннэ тумустаах, тилэҕэ аһаҕас. Маннык атах таҥастара араас уобараһы кэрэ көстүүлээх гыныахтара.
ЛОФЕРЫ. Бу маннык атах таҥаһа 60-с сыллардаахха муода буола сылдьыбыт эбит. Кроссовканы, кеданы солбуйарга ону тэҥэ көстүүмү, дьууппаны кытта кэтиэххэ сөп.
СИННЬИГЭС БЫАЛААХ БОСОНОЖКА. Бу сайын саамай биллибит, тренд-2022 атах таҥастарыттан биирдэстэрэ буолар Хобулугу кытта синньигэс быа олус уратытык уонна стильнайдык көстөр.
Сайын-2022 актуальнай өҥнөрө манныктар:
Күндү ааҕааччыларбытыгар, кыргыттарбытыгар анаан «CHICHI» маҕаһыынтан КЭСКИЛ диэн промокодунан 10 % скидка бэлэхтиибит. Маҕаһыын аадырыһа: Дом торговли, 2 этээс.
Сайыны кэрэ көстүүлээхтик атаарыҥ!
Матырыйаалы Кристина Иванова бэлэмнээтэ