Оскуола– саҥа билии, үөрүү-көтүү кустугунан арылыйа оонньуур оҕо саас аптаах дойдута буолар. Манна биһиги кинигэни таптыырга, доҕордоһорго, үтүө санаалаах дьон буоларга үөрэнэбит.
Биһиги Саха норуота сайдарын туһугар олоҕун анаабыт политическай уонна общественнай деятель, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үлэһитэ, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Мэҥэ Хаҥалас уонна Ходоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Филипп Гаврильевич Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын IV «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ буоларбытынан киэн туттабыт.
Субу курдук өйдүүбүт суумка сүгэһэрдэнэн. аан маҥнай оскуола боруогун атыллаабыт үөрүүлээх күммүтүн. Мичилийбит харахтаах кырачаан кыргыттар, оҥой-соҥой көрбүт оторой-моторой уолаттар, бука бары, сиэттиспитинэн билии аартыгар үктэммиппит. Бу күнтэн ыла ааҕарга-суруйарга үөрэппит бастакы учууталбыт Елена Николаевна Чичахова бастыҥ доҕорбут, үтүө сүбэһиппит буолан, үөрэх-билии сырдык суолугар күннэтэ арыаллыыр. Бу түөрт сыл тухары үгүһү биллибит – алпаабыты кытта алтыстыбыт, ахсааны кытта доҕордостубут, ыллаан-үҥкүүлээн сири-дойдуну көрдүбүт. Кылааспытыгар отут буолан иллээхтик-эйэлээхтик үөрэнэбит. Нарын-намчы уон алта кыыстаахпыт, хорсун-хоодуот уон түөрт уоллаахпыт. Тумус туттар сэттэ туйгун уонна уон сэттэ «4», «5» сыанаҕа үөрэнэр үөрэнээччилэрдээхпит. Бука бары араас талааннаах, тус-туһунан дьоҕурдаах оҕолор буолабыт, кылааспытыгар биир дьиэ кэргэн кэриэтэ түмсэбит, сомоҕолоһон ситиһии кынаттанабыт.
Бука бары айылҕабытын, тулалыыр эйгэбит олус таптыыбыт. «Күн оҕолоро» диэн кылааспытыгар бырайыактаахпыт. Онон сиэттэрэн кэрэхсэбиллээх экологическай бырайыактары үлэлэтэн олоххо киллэрэбит. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ чинчийээччилэрэ Александр Августович уонна Маргарита Афанасьевна Герасимовтар ааптардардаах «Күннүгү» төрдүс сылбытын толоробут. Күн аайы салгыны, сөҥүүнү, тыал хайысхатын кэтээн көрөбүт. Күннүк олус интэриэһинэй ис хоһоонноох, айылҕа туругун кэтииргэ үөрэтэр. Күннүк өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр сылын аайы ситиһиилээхтик кыттабыт. Охлопковтар дьиэ кэргэн кыыстара Диана күнү-дьылы кэтээн көрөрүгэн анаан, усулуобуйа оҥорон, дьиэтээҕи метеостанция туппуттара кэрэхсэбиллээх. Диана Охлопкова «Майаҕа күнү-дьылы кэтээн көрүү» үлэтинэн оскуолабыт попечителлэрин стипендиата, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Я — исследователь» күрэх лауреата, улуус бастыҥ үөрэнээччилэрин кыайыылааҕа, улуус баһылыгын стипендиата буолбутунан киэҥ туттабыт. “Күннүкпүт” ааптардарыгар Александр Августович уонна Маргарита Афанасьевна Герасимовтары кытта ситимнээх үлэбит тахсыылаах буолбутугар истиҥник махтанабыт.
Тыйыс айылҕалаах сахабыт сирин тымныы кыһынын олохтоохторунан чыычаахтар буолаллар. Төһө да кып-кыракый бэйэлээх буолбуттарын иһин, олус күүстээх санаалаахтар. Ол иһин, төрөппүттэрбитин кытта чыычаахтарга кыстыгы туоруулларыгар көмөлөһөн, аһыыр уйа оҥоробут уонна бурдук туорааҕынан аһатабыт. Оччоҕо, кырачаан доҕотторбут, сандал саас кэлиитин уруйдуу көрсөллөр, биһиэхэ махтанан ыллаан дьырыбыныыллар.
Оскуолабыт тупсаҕай көстүүлээх буоларын туһугар, «Күөх оскуола» диэн бырайыак үлэлиир. Онно биһиги кылаас көрүөхтэн кэрэ сибэккилэри үүннэрэн кыттыһабыт. Оскуолабыт тиэргэнигэр ландшафтнай дизайн оҥоробут, оттон кылааспытыгар дьиэҕэ үүнэр сибэккилэри көрөбүт-истэбит.
Бука бары чөл олоҕу өрө тутабыт. Чэгиэн туруктаах буоларга дьулуһабыт. Ол иһин кылааспытыгар доруобуйа муннуга баар. Манна арааһынай массажердаахпыт, сэрээккэлиирбитигэр аналлаах диискэлэрдээхпит. Бу муннук күн устата тэтимнээхтик сылдьарбытыгар, үчүгэйдик үөрэнэрбитигэр бигэ тирэх буолар.
Кылааспытыгар бастыҥ олимпиадниктар, эдэр чинчийээччилэр үгүстэр. Кинилэр оскуолабыт чиэһин араас таһымнаах күрэхтэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ үрдүк таһымнаахтык көмүскүүллэр.
Алын кылааска үөрэммит сылларбытыттан өйдөөн хаалбыт биир үтүө түгэммитинэн Москва куоракка баран, Бүтүн Араассыыйатааҕы «Ороһооспо сулуһа» үҥкүү бэстибээлигэр кыттан, лауреат үрдүк аатын ылбыппыт буолар. Айаммытыгар үгүспүт аан маҥнай дойдубут тэбэр сүрэҕин – Москва куораты көрөн, самолетунан көтөн олус дьолломмуппут.
Бу курдук, быйыл, бииргэ тутуспутунан, алын сүһүөҕү бүтэрдибит – дьоллоох оҕо саас кинигэтин биир сирэйин арыйдыбыт. Иннибитигэр – оскуола сибэккинэн симэммит ситиһиилээх толооно, билии-көрүү чэлгийэ үүммүт хонуута үрдүккэ, сырдыкка ыҥыра, угуйа туруоҕа!
Майа Ф.Г.Охлопков аатынан орто оскуола IV “Б” кылаас үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ.