Сахабыт сирин олохтоохторо бииргэ түмсэн ылар бэлиэ күннэрэ, Туймаада ыһыаҕа, тосхойоро аҕыйах күн хаалла. Сылын ахсын буоларын курдук, дьон—сэргэ биһирэбилин ылбыт, национальнай спорт көрүҥнэригэр, “Дыгын оонньуулара” турнир буолуоҕа. Муус устар 30 күнүгэр сүүмэрдээһин буолан ааспыта. Быйыл ким кыттар эбитий? Ситиһиини эрэнэ күүтэр бастакытын кыттар уонна үгүс дьон хараҕын далыгар үүммүт — сайдыбыт, хаһыс да төгүлүн кыттар спортсменнарбытын кытта кэпсэттибит.
«Дыгын оонньууларын» түөрт төгүллээх призера, СӨ ыстаныыга уонна мас тардыһыыга спорт маастара Артем Варданян Нам улууһуттан төрүттээх, кэргэннээх, икки оҕолоох. Убайдарын Николай Дьяконовы, Анатолий Гладкову холобур оҥостон спортсмен буолбут.
Горнай улууһуттан төрүттээх Дьулустан Ноговицын «Дыгын оонньууларын» призера, Россияҕа мас тардыһыыга спордун маастара, Россияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, Иван Белолюбскай аатынан «Чемпион Кубогын» кыайыылааҕа. Кэргэннээх, оҕолордоох.
Николай Матаннанов Таатта улууһуттан төрүттээх. «Дыгын оонньууларын» үс төгүллээх призера, «Манчаары оонньууларын» абсолютнай кыайыылааҕа. Ыал аҕата: кэргэннээх, икки кыыстаах. Бу мадьыналар хаһыс да төгүлүн кыттыахтара. Кинилэр ыалдьааччылара, сүгүрүйээччилэрэ элбэхтэр.
Алексей Уваровскай
— 1999 сыл тохсунньу 10 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мастаах сэлиэнньэтигэр төрөөбүтүм. «Дыгын Оонньууларыгар» үһүс сырыыбын кыттаары сылдьабын. Бастакыбын 2019 сылга кыттыбытым. Дойдубар кэлэн кыра эрдэхпиттэн иитэн-такайан, элбэх кыайыыга кынаттаабыт Николай Николаевич Иванов диэн тренербар дьарыктана сылдьабын. Аҕам Егор Афанасьевич, ийэм Ньургустаана Николаевна Уваровскайдар. Иккиэн үөрэх эйгэтигэр үлэлииллэр. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим Сайаана, атах онньуутугар уонна саха многоборьетыгар спорт маастара.
Айсен Ботуев
— 1999 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр төрөөбүтүм. Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Чурапчытааҕы государственнай спорт уонна физкультура институтугар үөрэнэбин. «Дыгын оонньууларыгар» үһүспүн кыттабын. 2018 сыллаахха үһүс миэстэ буолбутум. Элбэх спортсмены холобур оҥостобун. Тренерым Денис Васильевич Заболоцкай диэн.
Борис Сдвижков
— 1997 сыллаахпын, Амма улууһуттан төрүттээхпин. «Дыгын ооньууларыгар» быйыл иккис холонуум буолар, бастакыбын 2018 сыллаахха кыттыбытым. Бииргэ күрэхтэһэр уолаттарым бары күүстээх дьоннор, мээнэ ыллыҥ да киирсибэккин. Уопуттара улахан, кинилэри кытта бииргэ кыттар, күөн көрсүһэр – ситиһии! Тренерым Айсен Григорьевич Атастыров, эн — мин дэһэр доҕорум.
Вячеслав Дьяконов
— 2001 сыллаахха төрөөбүтүм. Төрөөбүт дойдум — Нам улууһа. Аҕам Николай Дьяконов, «Дыгын оонньууларын» алта төгүллээх кыайыылааҕа, СӨ спордун үтүөлээх үлэһитэ, спорт маастара. Мин үс уол оҕоттон ортокубун. Быйыл күрэхтэһиигэ үһүспүн кыттабын. Иван Белолюбскай аатынан «Чемпион Кубогын» күрэх икки төгүллээх кыайыылааҕа буолабын. Аҕам салайыытынан убайдарбынаан дьарыктанабыт.
«Дыгын оонньуларын» саҥа кыттааччылара
Тимофей Большаков — сүүмэрдээһин кыайыылааҕа!
— 1994 сыллаахпын, Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Урукку кэмҥэ Николай Дьяконов бары көрүҥнэргэ уһулуччулаах, дэгиттэр диэн сөҕө көрөр этим. Тренербар Денис Васильевич Заболоцкайга студент сааспыттан дьарыктанабын. Ону таһынан, Айсен Ботуев, Володя Шологонов бааллар.
Владимир Шологонов
— 2001 сыл атырдьах ыйын 16 күнүгэр төрөөбүтүм. Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Чурапчытааҕы государственнай спорт уонна физкультура институтугар үөрэнэбин. «Дыгын оонньууларыгар» бастакыбын кыттабын. Тренерым Денис Васильевич Заболоцкай.
Давыд Колесов
— 1992 сыл от ыйын 9 күнүгэр төрөөбүтүм. Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан төрүттээхпин. «Дыгын оонньууларыгар» быйыл бастыкыбын кыттабын. Холобур оҥостор дьонум: аатырбыт Николай Дяконов, Уйбаан Белолюбскай уонна Юрий Эверстов. Кэргэннээхпин, кыыс оҕолоохпун. Тренера суох дьарыктаммытым биэс сыл буолла.
Петр Прудецкий
— 1996 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр төрөөбүтүм. Үөһээ Дьааҥы улууһун Табалаах нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт. Кыра эрдэхпиттэн спордунан дьарыктанабын. Спорт араас көрүҥүн барытын кэриэтэ боруобалаатым. 2018 сыллаахха Чурапчытааҕы государственнай спорт уонна физкультура институтун бутэрбитим. Студенныы сылдьан хотугу многоборьенан дьарыктаммытым: Саха сирин уонна Россия спордун маастарын нуормаларын толорбутум, онтон армияҕа баран кэлбитим, 2019 сыл күһүн Уйбаан Белолюбскайы көрсөн эйиэхэ дьарыктаныахпын баҕарабын диэбиппэр, тута ылбыта. Онтон ыла кини салалтатынан ситиһиилээхтик дьарыктана сылдьабын.
Николай Обоев
— 1994 сыллаахха Обоевтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ньурба Антоновкатыттан төрүттээхпин. Холобур оҥостор дьонум аҕам уонна убайым буолаллар. Аҕам Василий Ионович Обоев буоксаҕа ССРС спордун маастара, убайым Максим Васильевич Обоев бэйэтин кэмигэр эмиэ үчүгэйдик боксалыыр этэ. Үс Хатыҥ түһүлгэтигэр, «Дыгын оонньууларыгар», сурэхтэниим буолар. Ону тэҥэ Туймаада ыһыаҕар олох сылдьа иликпин, бу бастакы сырыым буолуоҕа. «Дыгын оонньууларын» тэлэбииһэринэн эрэ көрөөччүбүн. Дьэ, аны бэйэм киирсэн эрэбин. Иван Белолюбскай «Боотур» спортивнай кулуубугар дьарыктанабын. Кэргэннээхпин, уол оҕолоохпут.
«Дыгын оонньуулара» сылтан сыл аайы дьон интэриэһин тардаллар. Сахабыт дьонугар олус суолталаахтар. Аныгы үйэ боотурдара манныктар, бу курдук чөл олоххо тардыһан, ыарахаттары тумнан, үрдүк чыпчааллары дабайа сылдьарга үөрэтэллэр. «Дыгын оонньуулара» турнир «тыыннаах легендалара», аатырбыт Николай Дьяконов, Иван Белолюбскай ыччаты угуйалларынан, бэйэлэрин баай сатабылларын үллэстэллэринэн үтүөлээхтэр. Эһиги «Дыгын оонньуулара» буоларын күүтэҕит дуо? Аҕыйах күн хаалла, сотору кэминэн бүгүҥҥү дьоруойдарбытыттан ким кыайыылаах буоларын билиэхпит, ол ким дии саныыргытын комментарийга суруйуҥ!
Эльдар Садовников