Бу күн сиригэр хас биирдии киһи оҕо буолан кэлэр. Оҕо саас диэн ураты дьоллоох кэм.
Бүгүн, Оҕо көмүскэлин күнүгэр, Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр Ойуунускай болуоссатыгар оҕо аймах мустан үөрдэ-көттө, астына-дуоһуйа сынньанна. Төрөппүттэр эмиэ оҕолорунааҕар ордуга суох дьоллонон сылдьалларын көрөн киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Кинилэр эмиэ хаһан эрэ оҕо буолан оонньоон-көрүлээн сырыттахтара. Умнуллубат кэрэ түгэннэри бэлэхтээн ааспыт оҕо саастарын туһунан ахтан-санаан аастылар.
Марианна Васильева, 33 саастаах:
-Мин оҕо сааһым сайына Бүлүү улууһун I-Күүлэт бөһүөлэгин сайылыгар ааспыта. Уһун кыһын устата күүтэн үөрэх дьыла бүттэ да төрөппүттэрим, быраатым, балтым буолан сайылыкка көһөн барааччыбыт. Онно мин үлэм балтылаах бырааппын батыһыннара сылдьан ньирэйдэри көрөрүм, дьоммор илии-атах буоларым. Ол быыһыгар ойуурга оонньуу сүүрэрбит.
Сэттис кылааһы бүтэрбитим кэннэ күһүөрү дьиэ кэргэнинэн дэриэбинэттэн тэйиччи сытар Кубалаах диэн сиргэ бохуоттуу барбыппыт. Онно аан бастаан аҕам улары бултаабыта, отоннообуппут, тэллэйдээбиппит. Ити сырыыны олус дьэҥкэтик уонна сылаастык өйдөөн хаалбыппын. Ол кэнниттэн атын улууска гимназияҕа үөрэнэ барбытым. Онон сэрэйдэххэ, оҕо сааһым онон түмүктэннэҕэ дии. Атын сиргэ бэйэбин улахан киһи курдук сананар буолбутум.
Татьяна Филиппова:
-Мин Үөһээ Бүлүү Ороһутугар улааппытым. Оҕо сааспын олус үчүгэйдик саныыбын. Төрөппүттэрим учууталлар этэ. 1986 сыллаахха оскуолаҕа киирбитим. Пионер буола сылдьыбытым. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэ буолан олус тэһийэр этибит бэйэ-бэйэбитин кытта. Сайын аайы окко үлэлиирбит, сир астыырбыт, куруук айылҕалыын алтыһан улааппыппыт.
Татьяна Иванова, 37 саастаах:
-Оҕо сааһым Үөһээ Бүлүү Далыр нэһилиэгэр уонна үлэтин учаастагар күлүм гынан ааспыта. Онно эбэлээҕим олороллоро, мин Үөһээ Бүлүү кииниттэн тиийэрим. Эбэбэр оҕуруокка көмө буоларым. Ийэм бииргэ төрөөбүттэрин оҕолорун кытта бииргэ оонньоон-көрүлээн улааппыппыт. От кэмигэр бука бары оттуу барарбыт.
Үөһээ Бүлүүгэ бэс ыйын 1 күнүгэр сыллата пааркаҕа Оҕо ыһыаҕа буолара. Атыы-тутуу ыытыллара, араас оонньууну тэрийэллэрэ. Онно сахалыы таҥаспытын кэтэн наһаа астынарбыт.
Майя Поисеева:
—Мин оҕо сааһым Дьокуускай куоракка ааспыта. Кыра сылдьан “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттар эдкордара этим. Сайынын лааҕырдарга ыытан, оҕолор тустарынан суруйуҥ диэн сорудахтары биэрээччилэр. Онно хамнас ылар этибит. Ол кэмиэри олус үчүгэйдик саныыбын. Сайын Таатта улууһун Чөркөөҕөр сайылыы тахсарым. Оскуола лааҕырыгар, “Дьоҕур” лааҕырга сылдьарым. Үлэ, оонньуу быыһынан сайыммыт биллибэккэ ааһара.
“Дьоҕур” лааҕырга сылдьан киэһэ аайы күөгүнэн балыктыыр этибит. Биирдэ оннук күөлгэ соҕотох киирэн турдахпына күнүм киирэн хаалбыта уонна эмискэ туман түспүтэ. Туох да көстүбэт буолбута. Балыктарбын туппутунан төттөрү-таары хаамыталаан Чөркөөх мусуойун сиригэр тахсан кэлбитим. Онтон дьэ лааҕырбын булан тиийбитим. Хата, миигин ким да сүтэрбэтэх этэ. Биирдэ оннук муна сыспыттаахпын.
Матрена Охлопкова, 52 саастаах:
—Мин мэник-тэник оҕо сааһым сыллара Уус Алдан улууһун Кэптэнитигэр ааспыта. Урут уулуссаларынан арахсан оонньуур этибит. Сайыҥҥы киэһэлэргэ лапталаах, үспүйүөн-милииссийэлээх оонньуурбут. Иллэҥ кэммэр “Бэлэм буол” хаһыаты суруйтаран сөбүлээн ааҕарым. Оҕо барахсан кыраттан үөрэр, хомойор уйан дууһалаах киһи буоллаҕа.
Бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан ансаамбыллаах этибит. Онон Саха тыйаатырыгар киирэн кэнсиэрдээбиппит. Ону наһаа үчүгэйдик саныыбын.
Биир кылааска үөрэнэр үс дьүөгэлиилэр буолан, бэйэ-бэйэбитин кытта суруйсар идэлээх этибит. Шура Ленинградтан, мин Москваттан, Айнабыт Киров куораттан сыльдар курдук оонньуурбут. Сарсыарда аайы радиоҕа ол куораттар халлааннарын туругун истэн баран дьиҥнээхтии онно олорор дьон курдук суруйсан, кэмбиэрдээн, олбуорбутугар турар почта дьааһыгар угарбыт. Уонна дьэ ааҕа-ааҕа дьоллонорбут.
Кэпсэттэ Вера Петрова