Ааспыт өрөбүлгэ А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Бриллианты Якутии” оҕо үҥкүүтүн ансаамбылын оҕолоро “Остуоруйа кинигэтэ” диэн дьикти, ураты тыыннаах туруорууну көрдөрдүлэр. Бу үҥкүү испэктээк Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылыгар ананна.
Бүгүн ол туһунан кэпсэтээри сүрүн оруоллары толорбут оҕолору кытта көрүстүм. Олус сэргэх дьүһүннээх, кырдьык да бу үҥкүү алыбар сүрэхтиин-дууһалыын ылларбыт оҕолор миэхэ утары сүүрэн кэлэн, былдьаһа-былдьаһа кэпсээннэрин саҕалаатылар. Бастаан утаа, бу туруоруу ис хоһоонун арыйдылар.
3000 сыл диэн саныахха ыраах курдук… Ол эрээри биһиги оҕолорбут онно номнуо “тиийэ сылдьыбыт” кэриэтэ сананаллар. Ол курдук Дьокуускай диэн мегаполис устун сахалыы ааттаах Сандаара уонна Айтал диэн доҕордуу оҕолор күүлэйдии сылдьыбыттар… Сээркээн Сэһэн оҕонньор кинилэри остуоруйа кинигэтин аптаах туонатыгар угуйан илдьибит… Оҕолор бу туһунан тугу кэпсииллэр эбитий? Кинилэр маннык дириҥ ис хоһоонноох үлэни көрдөрөн баран, бэйэлэрин төрөөбүт тылларыгар, норуоттарын култууратыгар сыһыаннара чыҥха уларыйбыт диэн түмүккэ кэллим. Онон “Остуоруйа кинигэтин” көрөөччүлэр да куттарын туттарбыт буолуохтаахтар диэн бүтэйдии сэрэйэбин.
Режиссер — СӨ искусствотын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Мария Маркова
Хореографтар — РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыстара Зоя уонна Афанасий Соловьевтар, СӨ култууратын туйгуна Валерия Платонова
Көстүүмнэргэ худуоһунньук — СӨ култууратын туйгуна Марьяна Оконешникова
Видеоконтент режиссера — Духуобунас Академиятын чилиэн-корреспондена Александр Лукин
Иистэнньэҥ — «Кэрэ» ателье, Галина Илларионова
Зоя Михайловна Соловьева, СӨ үтүөлээх артыыһа, салайааччы:
—Былырыын биһиги Арктика сылыгар анаан, юкагир норуотун номохторугар олоҕурбут “Дочь небесный подарок” диэн остуоруйаны туруорбуппут. Ити бастакы уопуппут этэ. Онтон иэйиилэнэн, оҕолорбут бэлэмнэр эбит диэн үөрэн, саха норуотун остуоруйаларыгар ылсаары былааҥҥа туруорбуппут. Мария Маркиловна Маркова сөбүлэһэн режиссердаата. Сүрүн үҥкүүлэри Афанасий Соловьев туруорда. Биһиги бэйэбит идеялаан, С.А. Зверез — Кыыл Уола музыкаларын туһанан туруордубут. Онтубут табыллыбытыттан үөрэбит. Олус кылгас кэмҥэ бэлэмнэннибит. Биһиги 140-ча оҕолоохпут, олору мунньан үөрэтэр-такайар улахан сыраттан тахсар.
Бу “Остуоруйа кинигэтэ” туруоруу олус тыын боппуруоһу таарыйар дии саныыбын. Саха ыччата төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарара, норуотун фольклорун билэрэ-көрөрө соччото суох диэн эттэхпинэ сыыспаппын. Биһиги бу остуоруйабытын аҥаардас үҥкүүнэн эрэ туруорбатыбыт, манна чабырҕаҕы, ырыаны эмиэ киллэрдибит. Түөрт остуоруйа киирдэ: Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин, Алаа Моҕус, Сутурук саҕа Бухатыыр, Мэник Мэнигийээн. Оҕолорбут маннык туруорууну кыайдылар, онон, баҕар, оҕо үҥкүүтүн тыйаатыра да буолар баҕа санаалаахпыт.
Биһиги ансаамбылбытыгар үҥкүүлүү кэлбит оҕолору тута сыанаҕа таһаарар үгэстээхпит. Оччоҕо оҕо биир төбөнөн үрдүү түһэр, эппиэтинэһэ улаатар, көрөрө-истэрэ, туттара-хаптара уларыйар. Ол иһин үлэбит түмүктээх буолар. Төрөппүттэрбит олус улахан көмөнү оҥороллор. Көрөөччү оҕолорбут сайдыбыттарын, харахтара уоттаммытын өйдөөн көрөр буолла. Ити — биһиэхэ саамай үрдүк , суолталаах сыанабыл.
Элеонора Оконешникова – Сандаара кыыс, 18-с №-дээх орто оскуола VI кылааһын үөрэнээччитэ:
-Сандаара Айтал диэн чугас доҕордоох. Биһиги иккиэн 3000 сыллаахха, ол аата өссө 978 сылы нөҥүө өттүнээҕи кэм оҕолоро буолбуппут. Кинилэр Дьокуускайга, оччолорго номнуо мегаполис курдук сайдыылаах куоракка, олороллор. Кинигэ диэни билбэттэр, барыта электроннай эйгэ. Ол сылдьан урукку олохтон кэлбит Сээркээн Сэһэни көрсө түһэллэр. Кини остуоруйа кинигэлээх эбит. Ону илиистэрин алдьатан кэбиһэбит уонна остуоруйалар устун араас мүччүргэннээх сырыыларга түбэһэммит барытын хос хомуйабыт. Ол курдук Алаа Моҕуһу, Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсини, Мэник Мэнигийээни уонна Сутурук саҕа Бухатыыры көрсөбүт. Ол сылдьан Бэйбэрикээн эмээхсин кыыһа мин буолан хаалабын. Абааһы кыыһа миигин уоран ылар. Онно Сутурук саҕа Бухатыыр быыһыыр. Маны барытын үҥкүү нөҥүө көрөөччүгэ тиэрдэбит.
Мин “Бриллианты Якутии” ансаамбылга олус сөбүлээн дьарыктанабын. Биһиги үҥкүүбүт таҥастарын мин ийэм Марьяна Оконешникова тигэр. Үҥкүүлүүрбүн туохтааҕар да ордоробун. Улааттахпына үҥкүү тыйаатырын артыыската буолар баҕа санаалаахпын.
Троев Айсар – Айтал уол, Саха политехническэй лицей III «В» кылааһын үөрэнээччитэ:
-Сандааралыын биһиги остуоруйа дойдутугар баар буола түһэбит. Дьүөгэбин кытта куоракка күүлэйдии сылдьан Сээркээн Сэһэни көрсүбүппүтүттэн сюжет арыллан барар. Мин бу остуоруйалары оҕо саадыгар сылдьан сөбүлээн истэр этим. Ону биһиги үҥкүүнэн 50 мүнүүтэ иһигэр көрдөрдүбүт. Онно биир ый курдук бэлэмнэннибит.
Самаана Портнягина – Бэйбэрикээн эмээхсин, Саха гимназия VII «В» кылааһын үөрэнээччитэ:
-Мин Бэйбэрикээн эмээхсин оруолун толордум. Бу саамай сөбүлүүр остуоруйаларбыттан биирдэстэрэ буолар. Эбэбэр уонна ийэбэр куруук кэпсэттэрээччим. Мин эмээхсин оруолун иккис толоруум буолар. Арааһа, араастаан артыыстыыры сатыыр буоламмын, миэхэ итинник оруол түбэһэрэ буолуо. Сөбүлээтим. Манна мин үҥкүүлүүр эрэ буолбакка, норуот ырыатын эмиэ ыллыыбын. Саамай долгуйбутум ол этэ. Хаһан да ыллаабатах буоллаҕым. Ол эрээри эр санаа ылынаммын боруобалаатым уонна олус диэн астынным. “Звездочки” бөлөхтөн кыргыттар мин биэс ынахтарбынан буолбуттара, наһаа үчүгэйдэр этэ.
Эмээхсин оруолун толорор наһаа уустук дии санаабаппын. Арай куруук төҥкөҥнүү сылдьабын, нэһиилэ хаамабын уонна хаста да охтон түһэбин (күлэр).
Айаана Захарова – Абааһы кыыһа, «Айыы Кыһата» гимназия VII кылааһын үөрэнээччитэ:
-Мин оҕолор остуоруйа кинигэтигэр киирэн истэхтэринэ, Сандаараны уоран ылабын. Абааһы оруолун толорор уустук соҕус. Сирэйбэр мааскалаах буолан тыынарбар мэһэйдиир этэ. Ол да буоллар олус интэриэһинэйдик табылынна дии санаатым.
Туруоруубут ис хоһоонун олус сөбүлээтим. Аныгы кэм оҕолоро сахалыы остуоруйалары уонна кинигэ диэни билбэттэр. Онно бу үҥкүүнэн остуоруйа көмө буолара саарбаҕа суох. Ханнык да кэмҥэ тиийдэрбит төрөөбүт тылбытын, норуоппут үгэстэрин, култууратын умнуо суохтаахпыт.
Арон Андреев – Сутурук саҕа Бухатыыр, 31-с №-дээх орто оскуола II кылааһын үөрэнээччитэ:
-Мин үтүө санаалаах бухатыыр буолбутум. Сандааралаах Айталы быһаабытым. Бухатыыр диэн, мин санаабар, күүстээх, өйдөөх, киитэрэй уонна түргэн буолуохтаах. Мин “Остуоруйа кинигэтэ” туруорууттан олус диэн астынным. Оруолбун толору арыйдым. Бүтэһигэр сылайбытым, ол иннинэ өссө бэлэмнэннэхпит дии. Остуоруйабыт түмүгэр Аан Алахчын кинигэни аҕалбытыгар оҕолор бүтэһик илииһи туттараллар. Онтон оһуохайдаан иһэн утуйан хаалаллар уонна төттөрү Дьокуускай метрополиска баар буола түһэллэр. Кинилэр өйдөрө-санаалара уларыйар.
Сарсын, бэс ыйын 1 күнүгэр, Ойуунускай болуоссатыгар күнүс 12 чаастан “Бриллианты Якутии” оҕо үҥкүүтүн ансаабыла чаас усталаах кэнсиэрин туруорар. Кэлэн көрүҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабыт!
Кэпсэттэ Вера Петрова