Бэстибээл ыам ыйын 20-21 күннэригэр Санкт Петербург куоракка үгэс быһыытынан Петропавловскай кириэппэскэ күн ортолоон турар кэмигэр пушканан ытыынан уруйданан-айхалланан саҕаламмыта.
Бу араас норуоттары түмэн, ырыа дьикти абылаҥын нөҥүө омук култууратын көрдөрөр, иһитиннэрэр аналлаах тэрээһин номнуо VII төгүлүн ыытыллар. Аан бастакы саҕалааччыларынан Сэбиэскэй Сойуус Геройа Валентина Терешкова, СССР норуодунай артыыһа, РФ Үлэтин Геройа Иосиф Кобзон (1937-2018 сс.) уонна РФ Госдуматын депутата Олег Нилов буолаллар. Бэстибээл бу сыллар тухары фольклор кыра тэрээһиниттэн силис тардан, кынаттанан, сүүһүнэн норуодунай кэлэктииби мунньар норуоттар икки ардыларынааҕы улахан сыанаҕа кубулуйда.
Быйылгы “Добровидение” бэстибээлэ ыытыллар кэмигэр, ыам ыйын 21 күнүгэр, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Ырыа күнэ бэлиэтэнэрэ улахан суолталаах буолла. Ол курдук Үөһээ Бүлүүтээҕи Н.И. Бойлохов аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатын иһинэн үлэлиир Олоҥхо оскуолатын кырачаан иитиллээччилэрэ төрөөбүт дойдуларын аатын дьоһуннаахтык ааттаттылар. Ыраах айантан үгүс үтүө өйдөбүллээх астынан-дуоһуйан кэлээт, тута биһиэхэ, “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатыгар, ыалдьыттаан, кэпсээн-ипсээн аастылар. Айталина Мойтохонова — Сахаайтаны саха фольклорун интэриэһиргээччилэртэн билбэт киһи диэн суоҕа буолуо. Кини 2014 сылтан Олоҥхо оскуолатын салайан үлэлэтэр, үгүс оҕону сахабыт норуотун ырыатыгар-тойугар уһуйар. Кини үөрэппит оҕолоро үксүгэр олохторун култуураны кытта ситимнииллэр, учууталларын биэрбит билиилэрин, үөрүйэхтэрин киэҥ эйгэҕэ тарҕаталлар.
Айталина Мойтохонова – Сахаайта, Олоҥхо оскуолатын салайааччыта:
−Бу бэстибээли Госдума депутата Олег Нилов салайар буолан, хас биирдии кыттар омук дойдутун депутаттара кэлэн көрөллөр-истэллэр эбит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит аатыттан Госдума депутата Федот Семенович Тумусов эмиэ баара. “5-с” каналга тиийэн көрсүбүппүт (манна көр). Кини оҕолорго бэйэтин аатыттан Махтал суругу уонна анал бэлиэни туттарбыта уонна саха дьонун култууратын туһунан наһаа үчүгэйдик кэпсээбитэ. Саха сириттэн Сунтаартан “Дьүһүйүү” диэн улахан дьон фольклорнай ансаамбыла кыттыыны ылбыта. Биһиги тэрээһиҥҥэ саамай кыра саастаах кыттааччылара этибит.
Бу бэстибээлгэ “Северный колорит” тэрилтэ дириэктэрэ Авксентий Обоюков ыҥырбыта. Барытын бэйэтэ сүүрэн-көтөн тэрийбитэ. Программата олус интэриэһинэй эбит дии санаабыппыт. Оҕолор Россия араас телеканалларыгар тахсалларыгар кыах биэрэр. Мин саамай сүрүн сыалым ол этэ. Ол курдук“1-кы”, “5-с”, “Жар птица”, “Россия 1”, “Играй гармонь”уонна өссө икки оҕоҕо аналлаах биэриигэ уһулуннубут. Олус элбэх камера, суруналыыс… Уһула-уһула ааһан иһэллэр.
Атын кыттар бөлөхтөр 30-40-нуу киһилээх кэлэллэр эбит. Чугастар да буоллаҕа. Оттон биһиги сэттэбит эрэ. Ол да буоллар санаабытын түһэрбэккэ кытынныбыт. Атыттар нүөмэрдэрэ бэйэ-бэйэлэригэр атылыы курдуктар. Биһиэнэ ураты буолан улахан сэҥээриини ыллыбыт. Кылыһах тахсыытын, таҥаспытын-саппытын наһаа интэриэһиргээтилэр. Таҥаһы-сабы мин бэйэм дизайннаан көмө буолабын, идиэйэбин этэбин. Ону ускуустуба оскуолатын иистэнньэҥэ Татьяна Денисовна Елисеева, Надежда Николаевна Петрова тигэллэр. Бастыҥаларбытын Саргылана Михайловна Иванова диэн Кэнтик оскуолатын учуутала оҥорбута. Онтубутун баран көрдөрөн кэллибит.
Варвара Обоюкова кэпсэтэн Санкт Петербургка олорор сахалары кытта көрсүбүппүт. Алаадьы астаан аҕалбыттара олус күндү этэ. Оһуохай тэрийэн элбэх дьону түмпүппүт.
Түгэнинэн туһанан, төрөппүттэрбитигэр уонна спонсордарбытыгар ООО “Баалыкай” дириэктэригэр Дьулустан Николаевич Еттяновка, “Бэллэкэ” маҕаһыын хаһаайкатыгар Люция Петровна Спирирдоноваҕа, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгар Максим Филиппович Силигияновка уонна Кэнтик нэһилиэгин баһылыгар Валерий Валерьевич Николаевка, Кэнтик орто оскуолатын дириэктэригэр Владислав Николаевич Семеновка уонна бэйэбит ускуустубабыт оскуолатын дириэктэригэр Анатолий Валерьевич Ивановка махталбытын биллэрэбит. Кинилэр бары Олег Нилов илии баттааһыннаах Махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар икки кэнсиэрдээхпит уонна Ноорой “Күн Эрили” олоҥхотунан улахан испэктээктээхпит. Тиийээт онно бэлэмнэниэхтээхпит. Ону таһынан бэс ыйын бүтүүтэ Чувашияҕа “Фольклориада” диэн улахан олимпиада оонньууларын курдук күрэххэ улахан оҕолору илдьэ барыахтаахпын. Соторутааҕыта ортоку бөлөххө дьарыктанар оҕолорум күрэххэ бастаан, Сочига “Орленок” лааҕырга сынньанан кэллилэр.
Өссө да бэстибээллэргэ ыҥырыылар бааллар. Онон от ыйыгар уонна алтынньыга барар былааннаахпыт. Маннык сылдьан оҕо биллэ сайдар. Хамсык хаайан турар кэмигэр кэтэхтэн араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан лауреат, дипломант буолбуппут.
Бу Олоҥхо оскуолатыгар хас биирдии оҕо бэйэтэ туһунан анал программалаах. Эбиһээт хайаан да олоҥхолуохтаах диэн буолбатах. Оҕо бэйэтин кыаҕынан ким норуот ырыатын ыллыыр, ким туойар, ким чабырҕахтыыр. Ол эрээри олоҥхону бары үөрэтэллэр.
Сахайаан Давыдов, Кэнтик орто оскуолатын V кылааһын үөрэнээччитэ:
−Мин Олоҥхо оскуолатыгар дьарыктанарбын олус сөбүлүүбүн. Уһуйааҥҥа сылдьар кэммиттэн олоҥхолуур этим. Билигин ыллыыбын уонна чабырҕахтыыбын. Чабырҕаҕы этэр эмиэ туспа кистэлэҥнээх. Ол биир тыынынан түргэнник элбэҕи этиигэ сытар. Ону тэҥэ ыллыырбын уонна күрэхтэргэ кыттарбын астынабын.
Олус үчүгэйдик сылдьан кэллибит. Тиийбит күммүтүгэр сынньаммыппыт. Сарсыныгар бэстибээлбит саҕаламмыта. Онно араас дойдуттан кыттааччы бөҕө кэлбит этэ. Японияттан, Кореяттан, онтон да атын дойдулартан. Биһиги норуот ырыаларын ыллаабыппыт. Олус элбэх каналга уһуллубуппут: 5-с каналга,1-кы канал “Играй гармонь” биэриитигэр (от ыйыгар көстүөхтээх), “Жар птица” быһа эфиригэр уонна биэриитигэр эмиэ, ону тэҥэ Санкт Петербург куорат оҕолорго аналлаах биэриилэригэр.
Биһигини иккитэ босхо фотосессиялаабыттара. Ол хаартыскаларбытын икки нэдиэлэнэн ыытыахтаахтар.
Эльза Новгородова, Кэнтик орто оскуолатын V кылааһын үөрэнээччитэ:
−Мин 4-с сылбын Олоҥхо оскуолатыгар дьарыктанабын. Ыллыырбын-туойарбын олус сөбүлүүбүн. Саамай таптаан “Кыталык” диэн тойугу туойабын.
Бэстибээл олус улахан сыанаҕа буолбута. Олус элбэх киһи баара. Биһиги тахсан ыллаабыппытыгар ытыс тыаһа бөҕө буолбуттара. Араас телеканалларга уһуллубуппут. Түргэн-түргэнник ыйытыыларга эппиэттээбиппит. “Жар птица” канал корреспондена: “Кылыһах диэн тугуй?” – диэн ыйыппытыгар: “Красота голоса”, ‒ диэн эппиэттээбиппит.
Оннук улахан эйгэлээх тэрээһиҥҥэ тиийэн, Сахабыт сирин култууратын билиһиннэрэн кэлбиппититтэн олуһун астынабыт, киэн туттабыт. Мантан сайын Үөһээ Бүлүүбүтүгэр Олоҥхо ыһыаҕа буолаары турар. Онно күүскэ бэлэмнэнэбит.
Алина Николаева, И.Н. Барахов аатынан Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын V кылааһын үөрэнээччитэ:
−Мин Олоҥхо оскуолатыгар иккис сылбын дьарыктанабын. Мин ырыаны-тойугу толорорбуттан олус астынабын.
Петергофка сылдьыбыппытын саамай сөбүлээбитим. Онно наһаа улахан фонтаннар бааллар этэ. Өссө кистэлэҥ таас баара, ону буллаххына баҕа санааҥ туолар. Петр I дыбарыаһа олус кыраһыабай!
Ньургуйаана Герасимова, Кэнтик орто оскуолатын IV кылааһын үөрэнээччитэ:
−Олохҥо оскуолатыгар үһүс кылааспын. “Көҕөн Куо уола Күн Ньургун Бухатыыр” диэн олоҥхону ыһыахха толоруохтаахпын. Онно Аал Луук Мас ойууланар уонна бухатыырдар охсуһаллар.
Биһиги Санкт Петербургка Федот Семенович Тумусовы кытта быһа эфиргэ уһуллубуппут, онно ыллаабыппыт. Кини биһиэхэ элбэх Махтал суруктары, грамоталары туттарбыта.
Мин ыам ыйын 20 күнүгэр 11 сааспын туолбутум. Онон төрөөбүт күммүн онно көрсүбүтүм. Олус минньигэс мүөттээх торт сиэбиппит. Бииргэ сылдьар доҕотторум суумка уонна харчы бэлэхтээбиттэрэ. Онтубун туттубакка илдьэ кэллим. Ону тэҥэ Петербургка олорор сахалар шоколад биэрбиттэрэ.
Элона Гаврильева, И.Н. Барахов аатынан Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын IV кылааһын үөрэнээччитэ:
−Олоҥхо оскуолатын үһүс кылааһын үөрэнээччитэбин. Мин Санкт Петербургка иккис сырыым буолар. Айаммыт бүтэһик күнүгэр муоста арахсыытын көрө барбыппыт. Ити түүн 1:00 чааска этэ. Олус кыраһыабай көстүү этэ. Ону тэҥэ биир чаас устата теплоходунан Нева өрүс устун экскурсиялаабыппыт. Олус тымныы этэ, тоҥмуппут.
Полина Константинова, Кэнтик орто оскуолатын V кылааһын үөрэнээччитэ:
−Олус үчүгэйдик сылдьан кэллибит. Халлаан сылаас эрээри, тыала тымныы этэ. Наһаа астык отельга олордубут, буор-босхо аһаатыбыт. Сөмөлүөккэ аан бастаан көттүм. Бастаан иһим кычыгаламмыта. Кореец, грузин омуктары кытта хаартыска бөҕөтүгэр түстүбүт. Биһиги өссө оһуохайдаабыппыт. Онно элбэх дьон киирэн үтүктэн үҥкүүлэспитэ, видеоҕа уһуллубуппут, хаартыскаҕа түспүппүт. Мин санаабар, оһуохай дьону түмэр күүстээх.
Бэстибээл бастакы күнүгэр Петропавловскай кириэппэскэ олус элбэх дьон баара. Бэстибээл гимнин ыллаабыппыт. Ону биһиги билбэт буолан, таах айахпытын эрэ хамсаппыппыт. Ол туран тоҥмуппутугар нуучча норуодунай көстүүмнэрин кэтэрдибиттэрэ. Онно Петр I кэлбитэ, “Виват, Россия!” – диэбитэ, ону биһиги хатылаабыппыт хаһыытаабыппыт.
Ону тэҥэ океанариумҥа сылдьыбыппыт. Акула, тюлень, скат уонна кыра балыктары, чарапаахылары көрбүппүт.
Айхаана Николаева, Үөһээ Бүлүү 3-с №-дээх оскуолатын III кылааһын үөрэнээччитэ:
−Мин иккис сылбын бу оскуолаҕа дьарыктанабын. Бүгүн умнуллубат айантан кэллибит. Миигин кытта аҕам барсыбыта. Мин саамай кыра кыттааччы буоллум. Миигиттэн “Жар птица” канал суруналыыһа: “Манна үчүгэй дуо? Кимниин эмит билистиҥ дуо? Туох ырыатын ыллыыгыный?” – диэн ыйыппытыгар эппиэттээбитим. Мин “Соноҕос” диэн 4 куплеттаах норуот ырыатын ыллыыбын.
Санкт Петербург олус кыраһыабай дьиэлэрдээх. Мин бу иннинэ Москва, Казань куораттарга сылдьыбытым. Онон Россия улахан куораттарын көрбүппүттэн үөрэбин.
Петр Петрович Николаев, төрөппүт:
−Мин оҕобун Айхаананы кытта барса сырыттым. Олус үчүгэйдик сылдьан кэллибит. Оҕом Олоҥхо оскуолатыгар дьарыктанарын сэргиибин. Бэйэтэ баҕаран туран барар, олох кыра сылдьыаҕыттан ыллыыр. Саха буолан баран норуотун култууратын билиэх тустаах, тардыһыахтаах.
Кэпсэттэ Вера Петрова