Өйгө-сүрэххэ хаалар гына
Ааһан эрэр 2021-2022 үөрэх дьыла үгүс элбэх бэлиэ түгэннэрдээх ааһан эрэр. Ол курдук, быйыл Бүтүн Сойуустааҕы В.И. Ленин аатынан Пионерия хамсааһына тэриллибитэ 100 сылын туолла. Сэтинньи ыйтан улуустааҕы үөрэх управлениятын дьаһалынан Улуустааҕы оҕо эбии үөрэхтээһинин киинэ сыллааҕы былааны ылынан, сүрүн тэрээһиннэри ыытта. Улуус бары оскуолаларыгар былааннаах үлэлэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ, өйгө-сүрэххэ хаалар элбэх тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылыннылар.
Олунньуга
Ол курдук, олунньу 16 күнүгэр «На встречу 100-летию Пионерии!» диэн ааттаах Пионер сылын үөрүүлээхтик саҕалаабыппыт. Ол күн улуус бары оскуолаларыгар «Салют, Пионерия!» диэн акция саҕаламмыта. Хас биирдии улуус оскуолалара аһаҕас кылаас чаастарын, пионерия хамсааһыныгар үлэлээбит пионер-баһаатайдары, урукку сыллар пионердарын, ветераннарын кытары көрсүбүттэрэ, оскуола иһигэр үөрүүлээх линейкалары ыыппыттара.
Кулун тутарга
Кулун тутар 4 күнүгэр В.Н. Мигалкин аатынан Чараҥ орто оскуолата сылын аайы ыытыллар «Мигалкин ааҕыылара» регионнааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ аныгылыы Zoom платформа нөҥүө ыытыллыбыта. Манна «Пионерскай хамсааһын мин түөлбэбэр» диэн сиэксийэ баара. Бүлүү, Эбээн-Бытантай, Горнай, Амма, Уус-Алдан улууһун оҕолоро кыттыыны ылбыттара.
Бу бэлиэ сылга Лөгөй орто оскуолатын педагог-координатора, «Кэскил» оҕо түмсүүтүн салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ ыччат политикатын туйгуна, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, “Саха Республикатын оҕо хамсааһыныгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката – Татьяна Петухова көҕүлээһининэн, улуустааҕы оҕо эбии үөрэхтээһинин киинэ бары оскуолалартан улуус пионерскай историятын туһунан матырыйааллары хомуйан саҕалаата.
Муус устарга
Муус устар 17-21 күннэригэр оҕо эбии үөрэхтээһинин киинин педагога, “Анимушки” уруһуй куруһуогун салайааччыта Ньургуйаана Семёнова улуустааҕы “Страна Пионерии глазами детей” диэн улуустааҕы кэтэхтэн көрүү күрэҕин тэрийэн ыыппыта. Онно алын сүһүөх бөлөххө I миэстэни Түүлээх орто оскуолатын IV кылааһын үөрэнээччитэ Аелина Бочкарева (сал. Е.М. Охлопкова), II миэстэни Түүлээх орто оскуолатын IV кылааһын үөрэнээччитэ Настя Новгородова (сал. Е.М. Охлопкова) ыллылар. Орто бөлөх оҕолоругар I миэстэни Лия Охлопкова, Түүлээх орто оскуолата (сал. И.С. Охлопкова), II миэстэни Чэриктэй орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ Люда Кривошапкина Люда (сал. Е.М. Свешникова), III миэстэни Түүлээх орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ Аня Иванова (сал. Е.М. Охлопкова) ыланнар, кыайыы үөрүүтүн биллилэр.
Муус устар 25-28 күннэригэр оҕо эбии үөрэхтээһинин киинин педагога, «Magic kraft» куруһуок салайааччыта Евгения Местникова “Кукла пионер” диэн аһаҕас кэтэхтэн көрүү күрэҕин тэрийэн ыыппыта. Күрэххэ Уус Алдан улууһуттан эрэ буолбакка, Сунтаар, Бүлүү улуустарыттан кытары оҕолор кыттаннар, күрэхтэһии таһымын үрдэттилэр. Биһиги улуустан Суотту, Түүлээх, Орто-эбэ коррекционнай,Тиит-Арыы оскуолаларыттан кыттаннар, кыайыы үөрүүтүн биллилэр.
Ыам ыйыгар
Ыам ыйын 11 күнүттэн 19 күнүгэр диэри улуус бары оскуолаларыгар Пионерия декадата биллэриллэн, бары оскуолаларга Пионерия күнүн көрсө араас күрэхтэр, кылаас чаастара, быыстапкалар, тимурдуу көмөлөр, Пионерия күннэрэ ыытылыннылар. Ол чэрчитинэн, улуус эбии үөрэхтээһинин киинэ эбии былаан ылынан тэрээһиннэри ыытта. Ол курдук, ыам ыйын 13 күнүгэр Бүтүн Сойуустааҕы В.И. Ленин аатынан Пионерия төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах улуустааҕы оҕо хамсааһынын сүлүөтэ коммунарскай сбор киэбинэн ыытылынна. Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ 12 оскуолаттан 100 оҕо хамсааһынын активистара кытыннылар. Оҕо эбии үөрэхтээһинин киинин директора Я.И. Колодезников оҕо хамсааһыныгар күүскэ үлэлиир, үөрэххэ, үлэҕэ дьоһун ситиһиилэрдээх үөрэнээччилэргэ Бочуотунай грамоталары туттарбыта оҕолор сүргэлэрин көтөхтө. Инникитин төрөөбүт нэһилиэктэрин, улуустарын сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэ туралларыгар баҕа санаатын эттэ. Ити кэннэ бары оскуолалар улуус эбии уөрэхтээһинин киинигэр оскуола пионерскай историятын кэпсиир уонна үбүлүөйдээх сылга ыытыллыбыт тэрээһиннэр тустарынан отчуот-рапоры үөрүүлээх быһыыга туттарбыттара фондаҕа хараллыаҕа.
Олеся Крылова гимн суруйда
Бу күн биир бэлиэ түгэнинэн буолла «Уус Алдан кэскилэ» улуустааҕы оҕо общественнай түмсүүтун гимнин Чараҥ орто оскуолатын VIII кылааһын туйгун үөрэнээччитэ Олеся Крылова бэйэтэ айан, улуус оскуолаларыттан мустубут үөрэнээччилэр истиилэригэр сүрэхтээн, оҕолору долгутта, үөртэ. Кэлбит оҕолору «Уус Алдан кэскилэ» оҕо түмсүүтэ (сал. Оҕо эбии үөрэхтээһин киинин педагог-тэрийээччитэ Л.М. Босикова) станцияларынан оонньотон, гитаранан ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, бириэмэлэрин билбэккэ, туһалаахтык атаардылар.
Быыстапканы кэрэхсээтилэр
Пионерия декадатын чэрчитинэн улууспут хас биирдии оскуолалара, биирдиилээн үөрэнээччилэр пионерскай историяны кэпсиир былыргы хаартыскалары ыытаннар, ыам ыйын 13 күнүттэн саҕалаан ыам ыйын 19 күнүгэр диэри Оҕо эбии үөрэхтээһинин киинигэр “Пионерия олоҕуттан” диэн фотобыыстапкаҕа кытыннылар. Быыстапканы ыам ыйын 19 күнүгэр үөрүүлээх сүлүөккэ ыалдьыт буолан кэлбит ытык ветераннар, ол саҕанааҕы пионердар, ыалдьыттар сөҕө, махтайа көрдүлэр, кимнээх эрэ урут бииргэ алтыспыт, үөрэммит доҕотторун, учууталларын көрөн, олус долгуйдулар.
Декада чэрчитинэн РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Мүрү кэскилэ» оҕо общественнай хамсааһынын бастакы бэрэссэдээтэлэ, өр сылларга оҕо эбии үөрэхтээһинин киинин дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбит Мария Гаврильевна Колесова аатын үйэтитэр сыаллаах, киин иһинэн үлэлиир «Дуораан» араадьыйаҕа анал биэриини кинини кытары бииргэ алтыспыт, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ Изабелла Аманатова, Людмила Сергеева бэлэмнээн таһаардылар.
Махталбытын биллэрэбит
Ити курдук, Пионерия төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан, улууспут бары оскуолаларын хабан, араас хайысхаҕа үлэлэр ыытылыннылар. Бу тэрээһин ыытылларыгар биир санаанан салайтаран, Уус Алдан пионер баһаатайдарын түмсүүтүгэр: Лена Павловаҕа, Светлана Бурцеваҕа, Анна Фёдороваҕа, Анастасия Неустроеваҕа, Тамара Березкинаҕа уонна Лөгөй орто оскуолатын «Кэскил» оҕо түмсүүтүн салайааччыта Татьяна Петуховаҕа дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Өрүү бу курдук эдэр көлүөнэ учууталларга, оҕолорго сүбэ-ама буола сылдьаргытыгар, куруук көмө-тирэх буоларгытыгар махтанабыт, киэн туттабыт. Эһиэхэ олоххо уҕараабат тапталы, эдэрдии эрчими, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт!
Екатерина УШНИЦКАЯ,
Уус Алдан улууһун оҕо эбии үөрэхтээһинин киинин методиһа.