7 оскуолаттан 10-нуу оҕолоох 8 хамаанда ориентированиеҕа, араас мэһэйдэри туорааһыҥҥа, «Бэлэм буол» стендовай хаһыаты оҥорооһуҥҥа, кыраайы үөрэтиигэ күөн көрүстүлэр. Уопсай түмүгүнэн Хатас-2 «Созвездие» хамаандата 1-кы миэстэ, Тулагы «Сулустар» хамаандата 2-с миэстэ, Хатас-1 «Урааҥхайдар» хамаандата 3-с миэстэ буоллулар. Оҕолор бары маладьыастар, олус диэн кыһаллан бэлэмнэммиттэр.
Оҕолор айылҕаҕа сылдьан күөн көрсөн оонньообуттарын, тэрээһин туһунан саналаарын сэһэргээтилэр:
Юля Саввинова, саха-политехническай лицей:
- Наһаа үчүгэй тэрээһин ааста. Араас оскуолаттан кэлэн бары биир сомоҕо буола түстүбүт. Манна кэлэрбэр учууталларым талбыттара. Хас да түһүмэхтэн ориентированиеҕа кытынным, кыратык ыарырҕаппытым эрээри, элбэҕи эбии биллим.
Алина Будинкова, VIII кылаас, Дьокуускай куорат 38-c нүөмэрдээх орто оскуолата:
- Бүгүн наһаа астык тэрээһин буолла. Хатас айылҕатыгар сылдьан дэлби сүүрдүбүт-көттүбүт, оҕолору кытта оонньоотубут, оһуохайдаатыбыт ньургуһуннарга хаартыскаҕа түстүбүт. Мин хамаандабыттан “полоса препятствий” кыттыбытым. Быанан тардыһан тахсар сылаалаах эбит.
Максим Петров, VIII “А” кылаас, Саха гимназията:
- Араас мэһэйдэри туоруур түһүмэххэ “мышеловканы” ыарҕыттым эрээри, сүүрэрбин сөбүлээтим. Бүгүн күрэхтэһии кэнниттэн канат тардыстыбыт, оҕолору кытта билистибит. Маннык тэрээһиннэр элбиэхтэрин баҕарабын.
Ринат Халиуллино, VIII кылаас Хатас оскуолата:
- Хатас оскуолатыттан VIII “Г”, “В” кылаастан кэлэн кытынныбыт. Бүгүҥҥү күнтэн пионер диэн бэрээдэктээх, чиэһинэй буолуохтаах диэни биллим. Араас мэһэйдэри туоруур түһүмэҕи чэпчэкитик, түргэнник аастым. Бэйэм мас тардыһыынан V кылаастан дьарыктанабын. Тэрээһини олус сөбүлээтим.
Умсуура Иванова, VIII «А» кылаас, Тулагы орто оскуолата:
- Интэриэһинэй, бэһиэлэй тэрээһин, элбэх оҕо мустубут. Араас оҕолортон интервью ыллым. Хаһыат уруһуйдаатыбыт, оҕолордуун волейбол оонньоотубут. Кыттар оҕолорбутугар өйөбүл буоллубут. Пионер диэн актыбыыс, элбэҕи билэр-көрөр оҕо эбит.
Максим Капитонов, 8 “а” кылаас , Дьокуускай куорат 38 нүөмэрдээх оскуолата:
- Аллараттан канат тардыһан таҕыстыбыт, хаптаһыны аастыбыт, “мышеловка” диэн сиэккэни таарыйбакка эрэ сиргэ сыыллан финишка тиийэхтээххин. Сиэккэни хас да киһи таарыйан кэбистэ. Түһүмэҕи бэркэ 14 мүнүүтэнэн аастыбыт.
Араас мэһэйдэри туоруур түһүмэхтэн… «Кытаат!», «Тохтоомо!», «Ыксаама!» диэн оҕолор хаһыылара биир кэм тохтообокко иһиллэрэ. Киһи бэйэтэ кинилэри кытта тэҥҥэ сүүрсүөн, куоталаһыан баҕарар курдуга. Оннук тыҥааһыннаахтык, өрө күүрүүлээхтик ааспыта. Оҕолор бары бэйэлэрин бэркэ кыанар этилэр, үчүгэй бэлэмнээхтэрэ тута көстөрө.
Аны бу тэрээһин хас сыл ахсын ыам ыйын 19 күнүгэр үгэскэ кубулуйан ыытыллар буолуо диэн эрэнэбит. Эһиил эмиэ Хатаска көрсүөххэ диэри диибит!
Бэлэмнээтилэр Кристина Иванова, Вера Петрова