СӨ култууратын туйгуна, тылбаасчыт, кинигэ таһаарааччы Эдуард Пономарев «Орленок» сырдык өйдөбүлүн туһунан Пионерия 100 сыллаах үбүлүөйдээх күнүн көрсө бэлэмнээбит матырыйаала салгыыта тахсар. Инники тахсыбыт матырыйаалы биһиги саайпытыгар ааҕыаҥ «Орленок» сырдык өйдөбүлүн туһунан. 1 чааһа.
«Орленокка» – Бочуот знага уордьан
1980 сыллаахха «Зорянка» агитбиригээдэтэ агитбиригээдэлэри көрүү бары түһүмэхтэригэр кыайан Бүтүн Арассыыйатааҕы «Орленок» лааҕырга баран сынньанар, агитбиригээдэлэр бастакы бүтүн Арассыыйатааҕы слеттарыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ.
«Орленок» лааҕырга «Зорянка» 9 актыыбынай кыттыылаахтара – Алексеева Паша, Сивцева Еля, Сыроватскай Миша, Стручкова Варя, Сивцев Гоша, Жиркова Галя, Шелковников Кеша, Пономарева Жанна, Макаров Кеша – анал бырагырааманы бэлэмнээн атырдьах ыйын 13 күнүттэн балаҕан ыйын 21 күнүгэр диэри сынньаммыттара.
Программа бэлэмигэр, сценарий чочуйуутугар Евдокия Ивановна өрүү да буоларын курдук туох баар күүһүн, сыратын ууран туран үлэлээбитэ. «Орленокка» барыы биир ый инниттэн Бороҕоҥҥо киирэн бэлэмнэнии өссө күүһүрбүтэ. Манна дикцияҕа, хамсаныыга улахан болҕомтотун ууран Елена Николаевна Сыроватская бэлэмнэспитэ, үҥкүүлэри чочуйууга хореограф Мария Захаровна Сивцева үлэлэспитэ.
«Зорянка» агитбиригээдэ 1980 сыллаах састааба.
Агитбиригээдэ активнай чилиэнэ Паша Алексеева. Орленок-1980.
Ортоку Варя Стручкова, хаҥастан Галя Жиркова. Орленок-1980.
Жанна Пономарева дьүөгэтин кытта. Орленок-1980.
Хаҥастан Кеша Макаров доҕорун кытта. Орленок-1980.
«Орленокка» саха ыһыаҕа
1982 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүгэ эмиэ бастаан “Зорянка” агитбиригээдэ “Орленокка” Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕолор уус-уран самодеятельностарын көрүү фестивалыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ. Көрүүгэ аналлаах сэргэх, баай ис хоһоонноох сценарий оскуола учууталарын күүһүнэн суруллубута, элбэх уустук реквизит оҥоһуллубута. Фестивалга “Зорянка” агитбиригээдэ ситиһиилээхтик кыттыбыта, Сойуус үрдүнэн агитбиригээдэлэр хамсааһыннарын сүрүннүүр эппиэттээх үлэһиттэр сэҥээриилэрин, хайҕабылларын ылбыта. Агитбиригээдэлэри көрүү түмүгүнэн “Зорянка” агитбиригээдэ Бүтүн Арассыыйатааҕы фестиваль кыайыылааҕынан биллэриллибитэ, II истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын сүкпүтэ.
Салгыы 1982 сыллаахха “Зорянка” “Орленокка” сырыытын туһунан Настя Стрекаловская дневнигынан, бары таһаарбыт истиэнэ хаһыатынан уонна бүтүн Сойуустааҕы “Пионерская правда” хаһыат уонна “Советская женщина” сурунаал материалларынан кэпсиэм.
НАСТЯ СТРЕКАЛОВСКАЯ ДНЕВНИГЫТТАН:
Биһиги 1982 сылга зональнай күрэхтэһиигэ кыайаммыт “Орленокка” буолан ааспыт II Бүтүн Россиятааҕы агитационнай биригээдэлэр слеттарыгар кыттар чиэскэ тиксибиппит. Слет бэс ыйын 24 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри буолбута. Саха сириттэн биһигини кытта Өймөкөөнтөн “Самородок” ансамбль, Чурапчыттан танцевальнай паара, Мэҥэ-Хаҥаластан, Томпоттон, Алексеевскайтан, Дьокуускайтан этнографтар барсыбыттара. Бары доҕордоһон, билсиһэн үчүгэй баҕайытык “Орленокка” тиийбиппит. Дьокуускайтан Красноярскай куораты чиэрэс Сочига тиийбиппит. Сочиттан “Орленокка” диэри автобуһунан айаннаабыппыт. Агитбиригээдэлэри барыларын биир дружинаҕа түһэрбиттэрэ. Онон оҕолорбутуттан арахсан, «Комсомольскай» дружинаҕа барбыппыт. Барыбытын 15 этэрээккэ анаабыттара. Этэрээппитигэр Свердловскай, Иваново, Ижевск, Владимир анитбиригээдэлэрэ бааллара. Аан бастаан билсиһии, этэрээт активын талыы костера буолта. Онно этэрээт Советын председателинэн Лыткин Коляны, звеньевойдарынан Пономарева Жаннаны, Стрекаловская Настяны, знаменосеһынан Федоров Ильяны талбыттара. Баһаатайдарбытынан Виктор Чаплыгин, Марина Федосеева диэн сэргэх, эргиччи талааннаах, олус үтүө дьон буолбуттара. Бастаан утаа нууччалыы саҥарарга тылбыт өҕүллэн биэрбэккэ кыратык моһуоҕуруох курдук буолан баран, өр-өтөр буолбакка үөрэммиппит, оҕолору кытта тэҥҥэ үчүгэйдик быһаарсар буолбуппут.
24/VI
Саамай күүтүүлээх күммүт үүнэн, Бүтүн Россиятааҕы фестиваль торжественнай аһыллыытыгар астына сылдьыбыппыт. Бу үөрүүлээх митинг “Стремительнай” дружина болуоссатыгар буолбута. Манна ыалдьыттаабыттара РСФСР үөрэҕириигэ миниистирин солбуйааччыта Любовь Балясная, композитор Игорь Якушенко, “В мире животных” передачаны ыытааччы журналист Василий Песков уо.д.а. Үҥкүү ансаамбллара болуоссакка сүүрэн киирэн үҥкүү-битии бастыҥын тардан кэбиспиттэрэ. Ол кэмҥэ үөһэттэн тыһыынчанан шариктары түһэрбиттэрэ көрүөхтэн кэрэ этэ.
25/VI
Бүгүҥҥү күн биһиэхэ ордук эппиэтинэстээх күн. Бүгүн биһиги баһаатайдарга уонна агитбиригээдэлэри көрүү жюритын бэрэссэдээтэлигэр Владимир Константинович Тэҥҥэ бэйэбит программабытын көрдөрдүбүт. Бэлэмнэммэтэхпит ырааппыт буолан олус диэн куттаммыппыт, долгуйбуппут. Ол гынан баран, хаһан да оонньооботохпутун үчүгэйдик оонньоотубут. Жюри хайҕаата. Ордук оһуохайбытын сөбүлээтилэр. Этэрээппит оҕолоро “Орленогы” барытын кэрийэн көрөн кэлбиттэр этэ. Биһиги просмотрга сылдьар буолан успейдаабатахпыт.
26-28/VI
Бу күннэргэ эмиэ атын агитбиригээдэлэргэ просмотр буолла уонна этэрээт иһигэр творческай үлэлэр бардылар.
29/VI – 3/VII
Бу күннэргэ “Школа творчества” диэн буолла. Манна хас да секция үлэлээтэ. Ол курдук, художественнай, танцевальнай, лекторскай, чтецтэр, режиссердар уонна сценаристар секциялара олус интэриэ- һинэйдик барбыттара. Биһиги бары хайдыһан сылдьыбыппыт. Бу секцияларга сылдьан элбэҕи биллибит-көрдүбүт, элбэххэ үөрэннибит.
Композитордары Евгений Павлович Крылатовы уонна Владимир Яковлевич Шаинскайы көрүстүбүт, олус кэрэхсэбиллээх биэчэрдэр буолан аастылар. Ытыктыыр композитордарбыт Крылатовтаах Шаинскай бэйэлэрин олохторун туһунан кэпсээбиттэрэ, кинилэр пианиноҕа доҕуһуолларынан таптыыр ырыаларбытын дуоһуйа ылласпыппыт. Бу композитордары оҕо аймах бары сөбүлүүр буолан, биэчэрдэр олус хо- йуккуга диэри буолтара. Ону даҕаны баһаатайдар күүстэринэн тарҕаппыттара. Тоҕо диэтэргит, утуйар чааһы тутуһуу ирдэниллэрэ.
4/VII
Конкурстар! Конкурстар!
Бүгүн этэрээттэринэн күрэхтэһии бөҕө. Вокалистар конкурстарыгар кыттан Киренская Анфиса III миэстэ буолан барыбытын үөртэ. Маладьыас!!!
Онтон Ильюша… Хомус тардыахтаах этэ. Ону “мунан” хаалан атын дружинаҕа баран оонньообут. Дьэ кыһыы! “Мумматаҕа” буоллар бириистээх миэстэҕэ тахсар кыахтаах этибит. Ити кэнниттэн кэлэн уруһуйдьуттар конкурстарыгар кытынна. Дьэ манна баҕас муммата. Кини эйэ туһунан уруһуйдаабыт уруһуйа жюрины, оҕолору олус сөхтөрдө. Ол иһин да биһиги Ильюшаҕа эрэлбит улахан этэ. Политическай ырыа конкурсугар бары “Хохочойу” ыллаан бириистээх III миэстэни ыллыбыт. Үҥкүүлээбиппит буоллар да хаалсыа суох эбиппит диэн кэлин кыттыбатахпытыттан олус кэмсиннибит. Түмүгэр биһиги этэрээппит бастаата. Урааа!!!
5/VII
Бүгүн творчество нэдиэлэтин торжественнай открытиета буолла. Эмиэ олус интэриэһинэйдик барда. Биһиги дружинабытыгар “Солнечнай” дружинаттан танцевальнай коллективтар кэлэн концерт туруордулар. Кинилэр ортолоругар Саха сириттэн “Самородок” ансамбль үҥкүүлээтэ.
6/VII
Бүгүн агитбиригээдэлэри көрүү буолла. Саамай быһаарыылаах, долгутуулаах күн. Биһиги сайыҥҥы эстрадаҕа эбиэт иннинэ программабытын көрдөрдүбүт. Инники сыалбыт-сорукпут – хайаан да лауреаттар заключительнай концертарыгар киирии. Үчүгэйдик выступайдаатыбыт. Баһаатайбыт Марина биһигини көрөөрү ыксаан иһэн асфальтка сууллан атаҕын өлөрбүт этэ. “Заключительнай концертка киириэххит суоҕа да, сэрэниҥ! Атахпын эмтээн биэриэххит”, – диэбитэ.
Киэһэ “Орленок” үрдүнэн “Россия – Родина моя” диэн улахан митинг буолта. Манна Саха сирин оҕолорун ааттарыттан Лыткин Коля тыл эппитэ. Бу эмиэ олус эппиэттээх, долгутуулаах мүнүүтэлэр этилэр.
7/VII
Спартакиада! Биһиги оҕолорбут спартакиадаҕа олус тэрээһиннээхтик, активнайдык кытыннылар. Ол курдук, Лыткин Коля 1000 м сүүрэн, теннискэ I миэстэни, Сивцева Лена 500 м – III миэстэни ыллылар. Пономарева Жанна, Слепцов Толя, Федоров Илья, Киренская Анфиса активнайдык кытыннылар. Спартакиадаҕа биһиги этэрээппит эмиэ бастаан таҕыста. Ураа!!!
Ону таһынан, бүгүн “Орленок” үрдүнэн этнографическай карнавал буолла. Олус диэн үчүгэйдик карнавалы тэрийэн ыыталлар эбит.
8/VII
Бүгүн былаан быһыытынан “Ыһыах” оҥоруохтаах этибит. Ону заключительнай концерт репетициятыгар ыҥырбыттара: “Кэлбэтэхтэринэ, уһулабыт”, – диэбиттэр этэ. Биһиги чуут ытыы сыстыбыт, тоҕо диэтэргин, “Пионерская правда” хаһыат корреспондена Лидия Александровна Квасникова ыалдьыттыахтаах этэ. Биһиги бэлэмҥэ сырыттахпытына сылдьан барбыт этэ. Оҕолорбут, хата, түһэн биэрбэтэхтэр, тугу үөрэппиппитин барытын көрдөрбүттэр этэ: хомуска тардыбыттар, сахалыы ыллаабыттар, үҥкүүлээбиттэр, хапсаҕайы, национальнай ойуулары барытын көрдөрбүттэр. Бэлэмнэнэн бүтэн баран, тахсан иһэн Лидия Александровнаны көрсө түстүбүт, олус үөрдүбүт. “Маладьыастар, оҕолорго элбэҕи үөрэппиккит”, – диэн хайҕаата. Элбэҕи туоһуласта, ыйыталаста. Анфисанан оһуохайы этэн көрдөрөрүгэр көрдөстө. Арахсарбытыгар аадырыспытын сурунан ылла. Сарсыҥҥы күнүгэр көтөр буолан, ыһыахпытын үчүгэйдик ыытарбытыгар баҕарда уонна фотокорреспондент барыаҕа, ыалдьыттыы диэтэ.
Дьэ, ити курдук эмиэ да хомолтолоох, эмиэ да үөрүүлээх күммүт ааста.
9/VII
Бүгүн “Родник” диэн баһаатайдар этэрээттэрэ Павел Корчагин туһунан монтаж туруоран көрдөрдүлэр. Олох профессиональнай артыыстар курдук оонньууллар.
Киэһэ ыһыахпытын ыыттыбыт. Ыалдьытынан “Пионерская правда” фотокорреспондена Владимир Машатин сырытта. Бастаан концерт туруордубут. Онтон спортивнай күрэхтэһиилэр буоллулар: хапсаҕай, кылыы, мас тардыһыыта. Ол кэнниттэн кыайыылаахтарга, ыалдьыттарга памятнай сувенирдар туттарыныллылар. Дьэ ол кэнниттэн бука бары төгүрүччү туран оһуохайдаатыбыт, сээдьэлээтибит. Ыһыахпыт олус үчүгэйдик баран, бары астынныбыт, өссө оҥорорбут дуу диэн буолла.
Инники тураллар: Айта Андреева, Аня Горохова, Толя Слепцов; иккис эрээккэ: Настя Стрекаловская, Лена Сивцева, Илья Федоров, Анфиса Киренская, Жанна Пономарева, Эдик Пономарев, Коля Лыткин. Орленок, «Комсомольскай» дружина, 1982 с.
Этэрээппит ыһыаҕар «Оһуор үҥкүүтэ».
Настя Стрекаловская ыһыах тэрээһинигэр.
Этэрээппит мэник-тэник уолаттара, доҕотторбут Коля Лыткины кытта.
Иваново кыргыттара.
Ыһыахтааччылар бастыҥа оҥостон кэтэн олороллор.
Коля Лыткин Удмуртия уонна Иваново уолаттарыгар мас тардыһыннарар.
Күрэхтэһии тыҥааһыннаахтык ааспыта.
«Дискотека Авария» популярнай бөлөх иитиллэн тахсыбыт «А+Б» вокальнай-эстраднай бөлөх солисткалара. Иваново куорат оҕолоро.
«Орленокка» араас омук оҕолорун толорууларыгар саха ырыата дьиэрэйэр.
Дэгиттэр талааннаах уолаттар Илья Федоров, Коля Лыткин.
«Всадники» этэрээт эр хоһууннара.
Коля, Рустам.
Айта Андреева, Аня Горохова үҥкүүгэ киирээри туран дьүөгэлэриниин.
10-15/VII
Бу күннэргэ творческай нэдиэлэ сабыллыыта буолла. Ону таһынан Новороссийск куоракка экскурсияҕа сырыттыбыт. Элбэх историческай миэстэлэрдээх куорат эбит. “Аччыгый сиргэ” сырыттыбыт, музейы көрдүбүт. “Орленоктан” Новороссийскайга диэри автобуһунан 4 чаас айанныыр эбиккин. Ол иһин кыратык сылайан тиийбиппит эрээри, экскурсия олус кэрэхсэбиллээхтик, үчүгэйдик ааста.
ССРС 60 сылыгар, В.И. Ленин аатынан Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ 60 сылыгар аналлаах Бүтүн Россиятааҕы оскуола оҕолорун уус-уран самодеятельностарын көрүү фестивалын торжественнай сабыыта – бу олус долгутуулаах, күүтүүлээх күн этэ.
Фестивалы сабыы “Орленок” лааҕыр киин стадионугар буолбута. Эҕэрдэ тылы фестиваль тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Любовь Балясная эттэ. Ол кэнниттэн былаах түһэриитэ, улахан концерт буолла. Нөҥүө күнүгэр агитбиригээдэлэри көрүү түмүгүн билиһиннэрии, бастыҥнары наҕараадалааһын буолла. Биһиги фестиваль лауреатын II истиэпэннээх дипломунан уонна фотоаппаратынан наҕараадаланныбыт. Олус диэн үөрдүбүт, тутатына дьоммутугар телеграмма оҕустубут. Ураа!!!
Бу күннэр биһиэхэ эмиэ да үөрүүлээх, эмиэ да хомолтолоох күннэр. Истиҥник доҕордоспут оҕолорбут тарҕастар тарҕаһан олох аҕыйах хааллыбыт. Биһиги этэрээппититтэн бастаан Иваново, онтон Владимир, Свердловск делегациялара барбыттара. Биһиги кэннибититтэн Удмуртиялар хаалбыттара.
Быраһаай, “Орленок”!
“Орленокка” сылдьыбыт күннэрбитин хаһан да, ханна да буолларбыт умнуохпут суоҕа.
Көрсүһүөхтээх күммүт: 1985 сыл тохсунньу ыйа.
«Орленок» «Комсомольскай» дружинатын 15-с кыайыылаах-хотуулаах «Всадники» этэрээтэ. Баһаатайдар Виктор Чаплыгин, Марина Федосеева. 1982 с. от ыйа. Хаартыска кэннигэр баһаатайбыт Марина «Ты обязан быть героем, если ты орленком» стал диэн алгыс тылын суруйбута.
У нас один дом, одно солнце
Праздником творчества завершился Всероссийский фестиваль художественной самодеятельности школьников в пионерском лагере «Орленок». Здесь прошли: IX Всероссийский литературный праздник школьников, II смотр агитбригад России и II фестиваль юных этнографов. Выпущен рукописный альманах «Орлёнок».
Фестиваль проводился ЦК ВЛКСМ и Министерством просвещения РСФСР. Вместе с ребятами на празднике были секретарь Союза композиторов РСФСР В. Агафонников, композиторы Е. Крылатов, И. Якушенко, В. Шаинский, работники учреждений культуры, Академии наук СССР, Всероссийского хорового общества, Всероссийского общества охраны памятников истории и культуры.
…Вечером нас пригласили в 15-й отряд дружины «Комсомольская». Вожатые Марина Федосеева и Виктор Чаплыгин только и сказали загадочно: «Ысыах».
«Ысыах» — якутский праздник. Весь отряд: агитбригады из 25-й школы Ижевска, из Владимирской области, из Свердловска — все были в сборе. Все вместе готовили этот праздник. Лишь виновники торжества — ребята из агитбригады «Зорянка» села Дюпся Якутской АССР задержались на репетиции лауреатов. Пока их ждали, весь отряд водил якутские хороводы, танцевал быстрые и медленные якутские танцы, пел на якутском языке песни. Особенно здорово получалось у маленьких певцов из ивановского ансамбля «А + Б». Но и другие не отставали. Звучал якутский хомус. Ребята даже освоили хапсагай — якутскую народную борьбу.
Дюпся — маленькое таежное село. Сюда при царизме, рассказывали ребята, ссылали в ледяную тюрьму без решёток лучших людей из России. В Дюпсе томились в ссылке и участники Ишутинского кружка — тайного революционного общества, действовавшего в 60-е годы прошлого века. Среди них был и ученик Ильи Николаевича Ульянова Николай Павлович Странден. Он готовил побег Чернышевского из Вилюйской ссылки. Николай Павлович — прапрадедушка шестиклассницы Айты Андреевой. О нем, о его соратниках, об истории Якутии, ее сегодняшнем дне рассказывают Айта и другие ребята из агитбригады «Зорянка».
«Зорянка» вернулась в отряд с первой наградой. Ее получила Анфиса Киренская за исполнение народных песен. А Илюша Федоров порадовал всех отличным рисунком, на котором солнце протягивает добрые ладошки всем, кто летит в космос с миром.
…Солнце уходит за море, между морем и небом протянулась яркая золотая нитка. Скоро отбой. Вспоминаю загадку эвенкийских ребят: «На большой шапке пуговицы вырастают». Это небо и звезды.
Хороший был день. В этот день Витя Сучков из Комсомольска-на- Амуре нарисовал плакат, на котором добрый солнечный луч перерезает чёрную бомбу, нависшую над планетой.
Дети одной семьи, одного большого дома растут и знают, что солнце для всех должно быть добрым и мудрым.
Лидия Квасникова
Пионерская правда. – 1982. – 13 июля.
От черного моря до Охотского
… Зеленые горы, синее море, музыка, дети. Праздник! Маленькие тувинцы в своем стремительном танце превращаются в лихих наездников. Чувашские дети показывают свой плавный танец «Журавушки на лугу». На набережной владимирские, свердловские, ивановские ребята водят хороводы — так это делают в Якутии во время весеннего праздника «Ысыах». От своих сверстников из маленького таежного села Дюпся в Якутии они услышали, как звучит музыкальный инструмент— хомус…
Л. КВАСНИКОВА
Советская женщина. – 1982. – №7.
Ильюша кыһыл көмүс мэтээлэ
Быйыл үс үбүлүөйдээх сылга Уус-Алдан оройуонун Дүпсүн орто оскуолатын уон үөрэнээччитэ ырыа уруогун үөрэтэр Евдокия Ивановна Егорова салалтатынан үлэлиир «Зорянка» диэн агитбригадалара бастаан «Орленок» лааҕырга сынньанар чиэскэ тиксибиттэрэ. Кинилэр ортолоругар VII «б» кылаас үөрэнээччитэ, хомусчут, худуоһунньук Федоров Ильюша баара.
Кинилэр аатырар Хара муора күөҕүнэн чэлгийэр кытылыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы “Орленок” лааҕырга сынньаммыттара. Элбэх өрөспүүбүлүкэ, кыраай, уобалас бастыҥ үөрэнээччилэрин кытта бииргэ иллээхтик сынньанан, араас омук оҕолорун кытта доҕордоспуттара. Пионерскай үлэ опытын атастаспыттара, саҥа ырыалары, хоһооннору, үҥкүүлэри үөрэппиттэрэ, араас сүбэни-аманы ылбыттара.
Манна эдэр худуоһунньуктарга политическай плакаты өйтөн айан оҥорорго улахан куонкурус тэриллибитэ. Куонкурсу Москваттан кэлбит Союзка биллэр художниктар салайан, тэрийэн ыыппыттара. Политическай плакат куонкурсугар араас куораттартан, сирдэртэн сүүмэрдэнэн кэлбит 40 талааннаах эдэр художниктар кыттыбыттара. Кинилэр ортолоругар саха оҕото Федоров Ильюша баара.
Ильюша “Күн сардаҥатынан эйэҕэ тардыһыы” диэн Сир шарын бары континеннарын сырдатар ис хоһоонноох, кэрэ иэйиилээх, художественнай өттүнэн чочуллубут плакаты балтараа чаас уруһуйдаабыта. Ол үлэтэ үрдүктүк сыаналанан үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы фестивалларыгар 1 миэстэни ылан “Орленок” лааҕыр кыһыл көмүс мэтээлинэн, 1 степеннээх дипломунан уонна өйдөбүнньүк сувенирынан наҕараадаланна.
Жюри чилиэннэрэ кэлин Ильюшаны соҕотохтуу ыҥыран ылан, саха национальнай бырааһынньыгын – ыһыах көстүүтүн оҥорторбуттар уонна кинини художественнай оскуолаҕа дуу, училищеҕа дуу үөрэнэригэр сүбэлээбиттэр.
В.Ф. Афанасьев-Алданскай
Бэлэм буол. – 1982. – Балаҕан ыйын 23 к.
№1
Орган агитбригады “Зорянка” ДСШ
14/VII-82
Редактор Стрекаловская Настя
Художник Федоров Илья
Биһиги онуо буоламмыт бэс ыйын 17 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри “Орленокка” буолан ааспыт II Бүтүн Арассыыйатааҕы агитационнай биригээдэлэр слеттарыгар сылдьан кэллибит. Слетка уопсайа 69 агитбригада кыттыыны ылла.
Саха сириттэн “Орленокка” биһигини кытта Мэҥэ-Хаҥаластан, Томпоттон, Уус-Алдантан, Чурапчыттан этнографтар, Чурапчыттан, Уус-Ньараттан үҥкүүһүттэр барсыбыттара. Биһиги бу “Орленокка” сылдьыбыт күннэрбитин ханна да буолларбыт умнуохпут суоҕа.
СПАРТАКИАДА
От ыйын күннэригэр спартакиада ыытыллыбыта. Манна Лыткин Коля 1000 м сүүрэн I миэстэни, Федоров Илья, Сивцева Лена 500 м сүүрэн III миэстэҕэ тахсыбыттара уонна орлятскай мэтээлинэн наҕараа- даламмыттара.
Сивцева Лена, VIII кылаас.
ЭТЭРЭЭТ ТУҺУНАН
Биһиги этэрээппитигэр Иваново, Свердловск, Удмуртия, Владимир агитбригадалара бааллара. Биһиги бары олус доҕордуу этибит. Араас конкурстарга, күрэхтэһиилэргэ куруук бастыыр, миэстэлэһэр этибит.
Илья Федоров, VII кылаас.
КАРНАВАЛ, ЛИТЕРАТУРНАЙ БЫРААҺЫННЬЫК
“Орленокка” биһиги сменабытыгар “Стремительнай” дружинаҕа карнавал буолбута. Манна оҕолор араас нуучча остуоруйаларын оон- ньообуттара. Араас кукольнай театрдар, быыстапкалар көрдөрүллүбүттэрэ. Литературнай бырааһынньык “Солнечнай” дружинаҕа буолбута. Манна концерт көрдөрбүттэрэ, араас хоһооннору аахпыттара, кэпсээннэри кэпсээбиттэрэ. Бу бырааһынньыктар үчүгэйдик ааспыттара.
Айта Андреева, VII кылаас.
МУЗЕЙДАРГА СЫЛДЬЫЫ
Биһиги “Орленокка” сырыттахпытына Пожарнай техническэй музейга сырытыннарбыттара. Бу музей барыта кнопканан салайыллар. Экскурсоводтар бэйэлэрин музейдарын туһунан сиһилии кэпсээбиттэрэ. “Штормовой” дружинаҕа эмиэ Морской музейга сылдьыбыппыт. Бу дружинаҕа сынньанар оҕолор эмиэ бу музейы барытын сиһилии кэпсээбиттэрэ.
Толя Слепцов, VIII кылаас.
КӨРСҮҺҮҮЛЭР
“Орленокка” саамай үчүгэй түгэннэринэн композитордар Евгений Крылатовы уонна Владимир Шаинскайы кытта көрсүһүүлэрбит буолаллар. Саамай сөбүлүүр композитордарбытын илэ харахпытынан көрөммүт олус астынныбыт, элбэх ырыаны ыллаабыппыт. Шаинскай олус көрдөөх, бэһиэлэй киһи эбит. Онтон Крылатов киниэхэ холоотоххо олус серьезнай көрүҥнээх.
Эдик Пономарев, IX кылаас.
ЫҺЫАХ
Биһиги “Орленокка” сылдьан бэйэбит этэрээппитигэр ыһыах тэрийэн ыыппыппыт. Биһиги ыһыахпыт иннинэ этэрээппит оҕолоругар сахалыы ырыалары, үҥкүүлэри, оһуохайы, сээдьэни үөрэппиппит.
Ыһыахпытыгар этэрээппит оҕолоругар саха бастыҥатын оҥорон кэтэппиппит. Ыһыахпыт үгэнигэр сахалыы оонньуулары, ол курдук кылыыны, куобаҕы, мас тардыһыытын үөрэппиппит. Биһиги ыһыахпытыгар фотокорреспондент Машатин кэлэн ыалдьыттаабыта.
Анфиса Киренская, IX кылаас.
ШКОЛА ТВОРЧЕСТВА
“Орленокка” араас күрэхтэһиилэр, көрсүһүүлэр, секциялар, мероприятиелар буолуталаабыттара. Ол курдук “Школа творчества” диэн улахан мероприятие буолта. Онно оҕолору барыларын хабар художественнай, танцевальнай, лекторскай, чтецтэр, режиссердар уонна сценаристар секциялара үлэлээбиттэрэ. Биһиги мантан элбэҕи биллибит.
Настя Стрекаловская, IX кылаас.
НОВОРОССИЙСКАЙГА ЭКСКУРСИЯ
Биһиги “Орленокка” сылдьан Новороссийск куоракка экскурсияҕа бара сылдьыбыппыт. Онно “Малай Земляҕа”, планетарийга, музейга сырытыннарбыттара. Маны таһынан “Малай Земля” ветераннарын кытта көрсүһүү оҥорбуттара. Биһиги бу экскурсияны сүрдээҕин астынан кэлбиппит.
Жанна Пономарева, X кылаас.
Биһиги “Орленокка” сылдьанммыт кэрэ дууһалаах, истиҥ санаалаах, оҕолорго өйдөрүн-санааларын биэрбит үтүө дьоннору кытта билистибит, доҕордостубут. Ол курдук, агитбригадалар председателлэрэ Владимир Константинович Тэн биһиэхэ агитбригада туһунан элбэх сүбэ-ама биэрбитэ. “Пионерскай правда” хаһыат корреспондена Лидия Александровна Квасникова биһиги агитбригадабыт салгыы сайдарыгар итии-истиҥ тылларынан баҕа санаатын эппитэ. Ити хаһыат фотокорреспондена Владимир Машатин биһиги тэрийэн ыыппыт “Ыһыахпытыгар” кэлэн ыалдьыттаан, хаартыскаҕа түһэрэн барбыта. Биһиги кинилэргэ сүбэлэрин иһин улаханнык махтанабыт.
“Ты обязан быть героем, если ты Орленком стал!”
К нам приезжал Владимир Машатин
В «Орленке» агитбригада «Зорянка» познакомилась и подружилась с фотокорреспондентом газеты «Пионерская правда» Владимиром Николаевичем Машатиным. В «Орленке» по рекомендации Лидии Квасниковой Владимир посетил ысыах, организованный зорянковцами. Его заинтересовала культура якутов и история Дюпсюнской школы. Расставаясь с ребятами в «Орленке», он пообещал приехать в Якутию и погостить в селе Дюпся чтобы ознакомиться с работой школы и жизнью агитбригады. Владимир сдержал обещание. 25 ноября 1982 года коллектив Дюпсюнской школы радушно встречал дорогого гостя. Владимир побывал на уроках, посетил музеи, долго разговаривал с руководителями и членами агитбригады «Зорянка».
В актовом зале интерната была организована встреча с учителями и учащимися школы, была показана программа «Зорянки». Владимир сделал много снимков. Через некоторое время после его отъезда школа получила толстый конверт с замечательными фотографиями.
Инники олороллор: Евдокия Ивановна Егорова (иккис), Владимир Николаевич Машатин, Вера Иннокентьевна Готовцева, Семен Николаевич Алексеев, Парасковья Эдуардовна Иванова. Дүпсүн, 1982 с.
19 декабря 1982 г. в газете «Пионерская правда» вышла статья В. Машатина «Слово агитбригаде».
СЛОВО — АГИТБРИГАДЕ
На Всероссийском фестивале художественной самодеятельности школьников пионерские агитбригады вместе с «Пионерской правдой» провели «круглый стол». На этой встрече пионеры предложили вести на страницах газеты постоянную рубрику «Слово — агитбригаде». С таким же предложением в своих письмах обращаются в редакцию и другие наши читатели из разных республик страны.
Их пожелания мы выполняем.
Сегодня на обсуждение выносится такая тема: «Агитбригада — это сплоченный коллектив, действующий постоянно, а не от случая к случаю, когда пригласят выступить».
«ЗОРЯНКА»
От районного центра до села Дюпся, где живут ребята, которых вы видите на снимке, сейчас, когда 40-градусный мороз сковал землю, можно доехать на машине за 3 с половиной часа. А летом добираются сюда на тракторе по болотистой тайге. Далеко до Дюпси. А живут здесь ребята интересно. Вот во время выступления агитбригады «Зорянка» Толя Слепцов перелистывает страницы огромной книги. Это история «Зорянки», а значит, и рассказ о родной школе, которой 120 лет, о школьном музее космонавтики, известном не только в Якутии, но и в Москве, даже за рубежом. Есть у агитбригады настоящие друзья: учительница музыки Е.И. Егорова, секретарь комсомольской организации совхоза П.Э. Готовцева и воспитательница интерната В.И. Готовцева. «Зорянка» в этом году стала лауреатом Всероссийского смотра школьных агитбригад… В руках Насти Стрекаловской барабан четко отбивает ритм. Идет репетиция программы, посвященной 60-летию СССР. Ребята хотят рассказать, как в истории родного края отразилась жизнь всей страны. Начинается программа восходом солнца, руки ребят поднимаются, словно лучи. А в хороводе, без которого не обходится ни один праздник в Якутии, будут русские, украинские, казахские, грузинские, молдавские танцы.
Владимир Машатин.
Пионерская правда. – 1982. – 19 ноября.
В.Н. Машатин Дүпсүҥҥэ түһэрбит хаартыскаларыттан
Толик Слепцов 120 саастаах Дүпсүн орто оскуолатын историятын кинигэтин арыйар.
Эйэҕэс күн сыдьаайа күөрэйдэ.
Айта Андреева.
«Орленокка» ылбыт дипломмут.
В.П. Чаплыгин — ытыктыыр баһаатайбыт.
Манна эбэн этэр буоллахха, 2020 сылга Интернет нөҥүө баһаатайбытын Чаплыгин Виктор Петровиһы булан суруйсабыт. Кини билигин Курскай государственнай университет Россия историятын кафедратын доцена, историчекай наука кандидата.
Кини билигин Курскай государственнай университет Россия историятын кафедратын доцена, историческай наука кандидата.
Эдуард ПОНОМАРЕВ,
СӨ култууратын туйгуна, тылбаасчыт, кинигэ таһаарааччы.
Источник: keskil14.ru