Мин 1981 сыллаахха ыам ыйын бүтүүтэ 7 кылааһы бүтэрээри сылдьан оройуоҥҥа «Зарницаҕа» кыттаары Туман алааһын үрдүгэр «полоса препятствий» бэлэмнэнэ сырыттахпына, «оскуолаҕа бара охсор үһүгүн» диэн илдьит кэлбитэ. Сүүрэн тиийбиппэр, «Орленокка барар буоллун, 1 эбии путевка биэрдилэр» диэтилэр.
Тоҕо «эбии» диир буоллахха, оруобуна ити сыл ыам ыйыгар биһиги кылааспытыттан Ефимов Ваня эмиэ «Орленокка» барбыта. Аны санаатахха, ити сыл оройуоҥҥа кэлбит 2 путевканы иккиэннэрин тоҕо Хатылы оскуолатыгар биэрбиттэрэ буолла дии саныыбын. Былдьаһыктаах эбитэ буолуо дии. Мин бэйэм сменабар Чурапчыттан соҕотох этим. Дьэ, оннук, от атах тэбэн «Орленок» лааҕырга сынньанан турардаахпын.
Барар буолбуппар, тэринии буолла быһылаах этэ. Ийэм бэйэтин чараас плаһынан ветровка тикпитин өйдүүбүн уонна кытаанах чемоданнаахпын. Дьэ, оннук тэринэн, Дьокуускайга киирбитим, Обком дьиэтигэр хоннубут быһыылаах уонна элбэх баҕайы оҕо буолан, сарсыныгар эбитэ буолуо, соҕуруу көттүбүт. Айаммын аанньа өйдөөбөппүн, умнан кэбиспиппин. Арай Москваттан Сочига аэробуһунан көппүппүтүн өйдүүбүн. Сүүнэ улахан 3 кэккэлэһэ эрээттээх самолет. Начаас баҕайы көтөн тиийдибит быһыылаах. Онтон өйдүүрбүнэн сайыҥҥы павильон курдук барыта өстүөкүлэ дьиэҕэ регистрацияламмыппыт, таҥас ылбыппыт уонна уларыттан баран чемодаммытын камера хранения туттарбыппыт. Харчыбытын туспа ханна эрэ эмиэ туттарбыппыт, онтон кыра кыралаан ылар быһыылаах этибит.
Онтон дружиналарга, этэрээттэргэ араартаабыттара. Мин Комсомольскай дружина 9-с «Вертикаль» диэн этэрээтигэр Жирков Андрей диэн Абый, Белай Гора уолун кытта түбэспитим. Бэйэбин кытта саастыы, хоту буолан нууччалыы үчүгэйдик саҥарар быһыылааҕа. Ол гынан баран тоҕо эрэ улаханнык бодоруспатахпыт. Мин Перминов Сережа диэн Пермь уолун кытта син бииргэ сылдьааччыбыт уонна ардыгар Аксенов Алеша буолан. Уонна атын этэрээккэ баар саха уолаттарын кытта, ол эрээри ол уолаттары олох ааттарын да, дьүһүннэрин да таһы-быһа умнан кэбиспиппин.
Дружинабыт ааттыын Комсомольскай буолан комсомоллар эмиэ бааллара. Манна биһиэхэ Саха сиригэр наар пионердары ыыталлар эбит, онтон атын сирдэртэн улахан кылаас оҕолоро комсомоллар эмиэ бааллара. Онон үксүн батыһааччы эҥин курдук сырыттым быһыылаах, улахан оҕолорго сабырыйтаран. Дойдубар дьиҥинэн син иннибин көрүнэр этим ээ. Атын дружина оҕолорун көрдөххө кыра саастаах оҕолор эбит этэ, хайдах эрэ ымсыыра көрөөччүбүн кинилэри. Ол эрээри «Орленоктан» үчүгэй эрэ өйдөбүллэр хаалбыттар.
Сайын буолан үөрэммэтэхпит, оруобуна олох сөтүө кэмэ этэ, күнү быһа сөтүөлээн тахсабыт. Муора уутугар олох дагдайа сылдьаҕын диэбиттэрэ диэн олох тимирбэтим буолуо дии санаабытым, син тимирэр эбиккин. Медуза бөҕөтө, «тыытыман, дьааттааах» дииллэр да, миэхэ олох тугу да биллэрбэтэҕэ, аллергиялаабаппын. Үөрэ-үөрэ умус да умус, биһиги бадарааннаах үрэхпит уутун курдук буолуо да! Аны сөтүөлээн бүттүбүт да, тоҕо эрэ наар душтаталлар, бастаан эмиэ өйдөөбөт этим, оччолорго биһиги сөтүөлээн баран соттубакка да, ыктыбакка да эрэ таҥнан баран, элээрэ турар этибит буоллаҕа дии.
Остолобуой аһа үчүгэй баҕайы быһыылааҕа. Полдникка хайаан да минньигэс баар буолара, клубника, запеканка диэн астары бастаан онно амсайбытым, ону кэтэһэр быһыылааҕым уонна туох эрэ бырааһынньыкка арай «Пепси-кола» биэрбиттэрэ, оо, амтана үчүгэйин, хаһан да итинниги испэтэх дьон буоллахпыт дии. Бор буоламмын тугу биэрбиттэрин аҥар кырыытыттан аһаан иһэр этим, онон эрэйдэммэтэҕим.
Куруһуоктарга, секцияларга сурутуу буолбутугар, оччолорго баскетболу наһаа сөбүлүүбүн, ол иһин баскетболга суруттарбытым, ол эрээри аҕыйах баҕайытык буолбута. Уһулуччу улахан уонна үчүгэйдик оонньуур оҕолор суохтара, онон оҕо кэккэтинэн тэҥҥэ сылдьыбытым. Олус элбэх тэрээһиннэр буолуталыыллара, онно олох көхтөөх баҕайы оҕолор бааллара, үксүн кинилэр кытталлар этэ. Мин нууччалыы да аанньа саҥарбаппын, сорох-сорох этиилэрин ис хоһоонун аанньа да өйдөөбөт этим.
Арай «Закон 00» диэн баарын өйдөөбүтүм. Хойутуо суохтааххын, оҥорбуккун тиһэҕэр тиэрдиэхтээххин, ырыа тылларын олох толору билиэхтээххин диэн. Ол кэлин олохпор туһалаабыта, хомуллуулаах, эппиэтинэстээх буоларбар, наар ону санаан кэлэбин.
Эрдэ оскуолабар пионерскай эҕэрдэлэргэ наар кыттар буоламмын, хоһоон тылларын баҕас ааһан иһэн өйдүүр этим, онон ырыалар тылларын барытын тута өйдөөбүтүм уонна күн бүгүҥҥэ диэри өйдүү сылдьабын. Сорох тыллары кыратык сыыһа соҕустук өйдөөбүт эбиппин, иһиллэринэн, ону кэнники ол ырыалар тылларын Интернеттэн буламмын көннөртөөбүтүм.
ГТО туттарыыта буолбута, кылааспар бастыҥ сүүрүк этим да, олох быһый кыргыттар баалларыттан сөхпүтүм. Ол гынан ГТОбун «золотоҕа» туттарбытым. Быыһыгар «аккыраҥ» баҕайы оҕолор бааллара. Биирдэ стадиоҥҥа улахан тэрээһин буолбута, онно биһиги дружина икки кыыһа саҥа ырыа суруйбуттар эттэ, ону ыллаабыттара, «Снова лето яркие краски дарит этому миражу, я к тебе наш Комсомольский, на свидание опять прихожу» диэн, билигин санаатахха презентация эбит. Аны ону ыллыыр буолбуппут. Нууччалар кыраттан да наһаа үөрэллэр, арахсар түгэн кэлбитигэр бары маккыраччы ытаһан-соҥоһон барбыттарыгар эмиэ хараҕым уута бычыахтаабыта. Аны 5 дуу, 10 дуу сылынан Москваҕа кыһыл болуоссакка көрсүөх буолбуппут да, ол кыаллыбатаҕа.
Киэһэ наһаа түргэнник хараҥарара, оччолорго биһиэхэ үрүҥ түүннэр этэ буоллаҕа дии. Санаабар халлааҥҥа атын сулустар курдук этилэр да дьиҥинэн син биир буоллахтара дии. Светлячоктар диэн бааллара, олору тутаммыт испиискэ хаатыгар хаалаан баран түүн бочкабыт иһигэр ыытаммыт оонньуур этибит. Ханна эрэ территория таһыгар тахсаммыт (Комсомольскай дружина сценатын кэннинэн күрүө кэлэр этэ, биһиги кытыы турар дружина быһылаах этибит) костер оттоммут хойукка диэри олорооччубут, ырыа ыллааччыбыт.
Онно харахпар ырыа тыллара көстөн кэлээччилэр… «Есть на свете такая сторонка, где от песен и буйных ветров, разгорается ярче, плещет радостью звонкой пламя наших орлятских костров» диэн.
Сарсыарда эрдэ турдахха, күн хайа кэтэҕиттэн чап-чаҕылхайдык тыгар, муора түүҥҥү шторм кэнниттэн чуумпуран аргыый долгуннурар уонна хоптолор көтө сылдьар буолаллар (есть на свете такая сторонка, где нам даже не снится покой, реет розовой чайкой здесь рассветная зорька над веселой кипучей волной). Түүҥҥү шторм тыаһын олох да истибэккэ кытаанахтык утуйааччыбын, арай сарсыарда турдахха бочонокпыт анныгар баар мустар площадкабыт муора аҕалбыт маһынан-отунан туолбут буолааччы, ону ыраастааччыбыт.
Биир сарсыарда биэрэккэ дельфины бырахпыт этэ. Дельфин оҕото диэбиттэрэ. Тула туран биэдэрэнэн уу ыһаллара, баһаатайдарбыт наһаа өр сырытыннарбакка, сарсыардааҥҥы аһылыкка илпиттэрэ, кэлбиппит дельфиммыт суоҕа, «уплыл» диэбиттэрэ.
Биһигини «Орленогы», дружинабытын таптыырга үөрэппиттэрэ. «Наш город мы сердцем с тобой, как чайка с зеленой волной, как шумный прибой и берег крутой, как звезды с ночной тишиной»…
Баһаатайдарбыт Люба уонна Валера диэн этилэр. Люба субу-субу «ой, у меня зуб сейчас заболит» диир этэ, ону аһына санааччыбын тииһэ ыалдьар быһыылаах диэн, аны санаатахха тугу эрэ астымматаҕына туттар тыла эбит.
Аны походка бардыбыт, сорох оҕолору сыыйдылар. Барарбытыгар «штормовка» диэн таҥас брезент курдук куртка биэрдилэр. Айаннаабыппын эҥин эмиэ өйдөөбөт эбиппин, ол аата айаны ыарырҕаппат эбитим буолуо арааһа, онтон хайаны дабайдыбыт, элбэхпит, дружина этэрээттэрэ бары буолуохпут арааһа. Сорох оҕолор наһаа сылайаллар, олох сыһыллан хаалаллар. Олору күүтэ-күүтэ барабыт, онон олох сылайбаппыт. Котелоктаахпыт, аара аһаттылар. Үөһэ тахсыбыппыт ардах бөҕөтө, сотору-сотору түһэр уонна утары кууран хаалар, таастаах соҕус сир. Онно дьүүктэ (ключ) баар эбит, онтон уу иһэбит. Талахтар быыстарыгар ежик көрдүбүт, өссө черепаха көрбүппүт, онон өйдөбүл бөҕөтө. Кэлин омук киинэлэригэр оҕолор лааҕырга походка бардахтарына, «Орленогы» санаан ааһааччыбын.
Экскурсияҕа Геленджигынан, Новороссийскайынан сырытыннарбыттара, Малая земля көрбүппүт.
Онно айаммыт олус бэһиэлэй этэ, ытыспытын таһына-таһына ыллаа да ыллаа буолабыт: “Мы дружина яростных ребят, дружина орлят непокорных, как красные галстуки звезды горят на наших плечах упорных. Бури не в счет, штормы не в счет, даже девятый вал, мы ведем планету как звездолет (хлоп-хлоп), солнце сжимая (хлоп-хлоп), как штурвал”…
Онно Сочига эмиэ сылдьыбыппыт. Тротуартан уулусса көстүбэт этэ, барыта аккуратно кырыллыбыт талах. Үчүгэй баҕайы куорат диэн өйдөбүл хаалбыт.
Биирдэ катерынан Хара муораҕа экскурсияҕа илтилэр. Биһиги эмиэ орлятскай ырыалары ыллыыбыт, онтон эмискэ аттыбытыгар дельфиннэр ууттан ыстаҥалыы-ыстаҥалыы олох чугаһынан кэллилэр. Олус да кыраһыабайдар, элбэх баҕайылар уонна кыра оҕолордоохтор. Онно бары ах баран өр да өр сүтүөхтэригэр дылы көрөн турбуппут. Ол хартыына билигин да харахпар субу баардыы көстөн кэлэр.
Дьэ итинник, онон оҕо сааһым биир саамай сырдык, үтүө өйдөбүлэ — «Орленок» буолар. Уонна лааҕыр кэннэ уҥуохпунан уһаабыт этим.
Константин ЧИЧИГИНАРОВ,
1981 сыллаахха «Орленок» лааҕыр Комсомольскай дружинатыгар
9-с «Вертикаль» этэрээтигэр сылдьыбыта,
Дьокуускай куорат 34 нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрэ.
Источник: keskil14.ru