Оҕолоор, ил-эйэ диэн баар буоллаҕына, барыта санаа хоту табыллар, сатанар. Эйэлээх эйгэни төрүттүүргэ бүттүүн баҕаран туран ылыстахха, кыаллыан сөп. Айдаантан, бэрт былдьаһыыттан тэйэ хаамыҥ, эйэлээх буоларга үөрэниҥ!
Чуораанчык доҕотторо эйэ, эйэлээх буолуу туһунан санааларын үллэстэллэр.
Эн санааҕар, эйэ, эйэлээх буолуу диэн тугуй?
Максим Колесов, II кылаас, 1 № — дээх орто оскуола, Сунтаар.
Аан дойду үрдүнэн эйэлээх буолуу диэн доҕордуу, өйдөһөн, үөрэ-көтө олоруу.
Эйэ бэлиэтэ хайдаҕый? Туох суолталааҕый?
Алгыстаана Портнягина, II кылаас, 14 №-дээх оскуола, Дьокуускай.
Эйэ бэлиэтэ — үрүҥ холууп уонна сир. Сороҕор халлаан баар буолар. Ыраас халлааны, көҥүл олоҕу көрдөрөр.
Эйэ кимиэхэ уонна туохха нааданый?
Артемий Бурцев, I кылаас, И.М.Павлов аатынан орто оскуола, Чурапчы.
Эйэ барыбытыгар баар буолуохтаах. Кылааһын оҕолоруттан саҕалаан, атын омуктары кытта эйэлээх сыһыан үчүгэй.
Сир үрдүгэр эйэ суох буоллаҕына, олохпут хайдах буоларый?
Алиса Птицына, II кылаас, Тумул, Мэҥэ Хаҥалас.
Эйэ суох буоллаҕына араас куһаҕан барыта буолуон сөп. Саамай кутталлаах – сэрии.
Дьоллоох оҕо сааска иллээх, эйэлээх буолуохха!
Бэлэмнээтэ Нюргуяна Захарова