Мүөт былыр-былыргыттан минньигэс уонна доруобуйаҕа туһалаах аһынан биллэр, ол иһин ыҥырыа мүөтүн эмтээх дииллэр. Саас халлаан сылыйдар эрэ ыам ыйыгар ыҥырыалар уһукталлар уонна күһүн буолуор диэри сибэккиттэн минньигэс нектары уонна сибэкки пыльцатын хомуйа көтөллөр. Кыһыҥҥы хаһаастарын хаһааналлар.
Нектар—үүнээйи сибэккитигэр тахсар минньигэс симэһин.
Ыҥырыа мүөтү хайдах оҥороруй?
Ыҥырыалар дьиэ кэргэнинэн уйаланаллар. Үлэһит ыҥырыа туспа буолар.
Ыҥырыа сибэкки куоппаһын, минньигэс симэһинин хомуйар.
Үлэһит ыҥырыа кэннинээҕи атаҕар мөһөөччүктээх буолар, онно булбут быйаҥын хаалыыр. Мөһөөччүк иһэ ньылаархай, таһа түүлээх, ол түүтэ куоппаһы тутар, көтүппэт.
Уйаларыгар бэлэм мүөттэри мунньаллар уонна кынаттарынан сапсыйан куурдаллар.
Тойон ыҥырыалар бэйэ-бэйэлэригэр бэрсэн мүөттээх иһиттэрин толороллор.
Үлэһит ыҥырыа мүөтү оҥорорун таһынан буосканы бэлэмниир. Ол өрөҕөтүгэр баар буолар. Туолбут уйатын салгын киирбэтин диэн буосканан бэчээттээн бэлиэтиир.
Буосканан туолбут “забрус” диэн мүөт саамай минньигэһин кыһыйан ылаллар. Онтон хаалбытын анал сэппэрээтэргэ эргитэн мүөтү сүүрдэллэр.
Ыҥырыа туһунан эҥин дьикти чахчылар
Тойон ыҥырыа биэс харахтаах: киһи тута хараҕар көстөр 2 улахан хараҕын таһынан, төбөтүн оройугар кып кыра өссө 3 харахтаах. Тойон ыҥырыа өскөтүн бастакы харахтарын көмөтүнэн сирдэтэн көтөн мүөттээх сибэккилэри булар эбит буоллаҕына, үһүс кыра хараҕа сырдык туһаайыытынан сирдэтэригэр көмөлөөх.
Харахтарын кыайан саппаттар эбит, аһаҕас харахтаах утуйаллар.
Көннөрү мүөттээх тойон ыҥырыа сөкүүндэҕэ 200-тэ сапсынар. Биир мүнүүтэҕэ бэйэтин устатыгар 10 000 төгүл тэҥнэһэр ырааҕы көтөр.
1 киилэ мүөтү хомуйарыгар биир тойон ыҥырыа 30 000 км кэриҥэ сири кэрийэ көтүөн уонна 19 мөлүйүөн сибэккигэ түһүөн сөп.
Бэлэмнээтэ Нюргуяна Захарова.