9 сааһыттан саҕалаан хоһоон суруйбут биллиилээх поэт, суруйааччы, драматург, сценарист, общественнай деятель, Социалистическай Үлэ Геройа, ССРС, РСФСР хас да төгүллээх Государственнай бириэмийэлэрин лауреата, РСФСР искусстволарын үтүөлээх деятелэ, Сэбиэскэй Сойуус гимнин кыттыгас айааччыта, Россия гимнин ааптара Сергей Михалков Таатта улууһугар баар Баайаҕа орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытары суругунан уһуннук билсибит. Ол туһунан биһиги биир идэлээхпит, “Бэлэм буол”-“Кэскил” хаһыат үлэһитэ, суруналыыстар Емельян Ярославскай аатынан бириэмийэлэрин лауреата, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна Николай Дмитриев “Письма детям Саха сирэ” кинигэтигэр олус үчүгэйдик сырдаппыта.
“Дьээдьэ Степаны илэ көрбүппүт”
Оҕо биллиилээх суруйааччытын оҕо сылдьан көрсүбүт оччотооҕу пионер, билигин Дьокуускай куорат 40 №-дээх “Солнышко” биэбэйик сэбиэдиссэйи административнай-хаһаайыстыбаннай үлэҕэ солбуйааччы Михаил Семенович Дедюкин оҕо саас ахтылҕанын бу курдук кэпсээтэ:
— Оччолорго мин VI кылааска үөрэнэрим. Уус Тааттаҕа наһаа уһуннук айаннаабыппытын өйдүүбүн. Управляющайбыт бэйэтин массыынатынан биһигини илдьибитэ. Ыһыах кэмэ этэ. Салайааччыбыт Татьяна Игнатьевна Андросова сэттэ бастыҥ пионер талан илдьэ барбыта. Бэйэм дьонум долгуйан бөҕө этилэр. Тыый, Сойууска киэҥник биллибит оҕо суруйааччытын кытары көрсүһүү этэ буоллаҕа, күн аайы, оҕо аайы тосхойбот түгэн дьэ. “Дьээдьэ Степа” хоһоону дорҕоонноохтук ааҕарым, арааһа, ол иһин миигин талбыттара буолуо. Хоһооммун поэт иннигэр дорҕоонноохтук ааҕыахтаах этим эрээри, бириэмэ ыгыма бэрт буолан, аахтарбатахтара. Көрсүһүүбүт бэрт түргэнник ааспыта. Сергей Михалков бөдөҥ-садаҥ киһи этэ. Наһаа улаханын, үрдүгүн сөхпүппүн өйдүүбүн, бэл диэтэр, “Дядя Степа—милиционер”, диэн строкалар илэ, субу тыыннанан кэлбиттэрэ.
Итиэннэ КИД (Клуб интернациональной дружбы) көмөтүнэн дойдубут араас муннугар олорор оҕолордуун үлүһүйэн суруйсарбыт. Ити курдук, доҕордоһуу сылаас тыыныгар кыра эрдэхпититтэн иитиллибиппит.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.
Умнуллубат түгэн
Мин өр сылларга Баайаҕа орто оскуолатыгар пионер баһаатайынан үлэлээбитим. Оччолорго оскуола улуу сирдьиппит В.И. Ленини кытта эт саастыы оскуола буолан, ленинскэй хоһу тэрийбиппит. 1968 сылтан Ленин аатын кытта сибээстээх дьону, оскуолалары кытта суругунан сибээһи олохтообуппут.
СӨ үөрэҕин министиэристибэтин инспектора, биир дойдулаахпыт Иосиф Иосифович Чарин биһиэхэ Москваҕа олорор, үлэлиир Маргарита Николаевна Баклановская аадырыһын биэрбитэ. Кини саха оҕолорун кытта сибээстэһиэн баҕарар эбит. Суругунан сибээстэспиппит кэннэ Маргарита Николаевна хас да аадырыһы ыыппыта. Ол иһигэр Сэбиэскэй Сойууска биллэр оҕо суруйааччытын, Социалистическай Үлэ Геройа, оҕо-аймах таптыыр “Дядя Степа” кинигэтин ааптара, Сергей Владимирович Михалков аадырыһа баара. Биһиги үөрүүнү кытта сурук суруйбуппут, бырааһынньыктарга эҕэрдэ аккырыыкка ыытарбыт. Сергей Владимирович биһиэхэ бэйэтин автографтаах кинигэлэрин бэлэхтээбитэ. Биир кинигэтигэр:
«Күндү оҕолор! Мин Саха сиригэр суруйааччыларга ыалдьыттыы бардахпына, хайаан да эһиэхэ тиийэ сылдьыаҕым”
, — диэн суруктаах этэ.
1975 сыллаахха Саха сиригэр Нуучча литературатын уонна искусствотын күннэрэ ыытыллыбыттара. С.В. Михалков делегацияҕа киирэн, Петр Алексеев аатынан сопхуос киинигэр Уус Тааттаҕа кэлэр үһү, диэн буолла, онон делегация тэринэн, суруйааччыны көрсүөххэ диэн санаа киирдэ. Оскуола дириэктэрэ Иннокентий Михайлович Хатылаев, ССКП Таатта оройуонунааҕы райкомун оскуолалары кытта үлэҕэ сэкирэтээрэ Егор Семенович Никифоров өйөөннөр, төрөппүттэри кытта кэпсэтэн, сэттэ оҕолоох делегация тэриннибит. Онно киирбиттэрэ: Равелла Хатылаева, Аня Белолюбская, Надя Андросова, Вася Мандаров, Шура Андросова, Миша Дедюкин, Надя Мандарова. Аны, Уус Тааттаҕа диэри суолунан сырыы уустук буолан, тыраахтар арыаллаан, массыынанан айаннаан тиийдибит. Ыһыах күн сайыҥҥы куйаас сатыылаабыта. Бөртөлүөппүт хойутаан кэллэ, оҕолорум тиритии-хорутуу бөҕө. Бөртөлүөт түһэн, биһиги кэлбит ыалдьыттары көрсө утары бардыбыт. Надя Мандарова Сергей Владимировиһы көрсөн, Баайаҕа оскуолатын аатыттан хонуу сибэккитин дьөрбөтүн туттарда.
Биһигини ыһыах аһыллыытын тэрээһинигэр киллэрбиттэрэ, оҕолорбор тыл биэрбиттэрэ. Вася Мандаров, Надя Мандарова С.В. Михалков хоһооннорун аахпыттара. Дружина сэбиэтин быһаарыытынан, Сергей Владимировиһы дружина Бочуотунай пионерынан ылан, Шура Андросова пионерскай хаалтыһы баайбыта. Бу көрсүһүү үйэтитиллибитигэр партия обкомун сэкирэтээрэ Юрий Николаевич Прокопьев үтүөлээх. Кини фотограф Еремей Порядины булан, биллиилээх суруйааччыны кытта хаартыскаҕа түспүппүт. Юрий Николаевичка өрүү махтанабыт: оҕолорбор олохторугар биир умнуллубат түгэни бэлэхтээбитигэр.
Татьяна АНДРОСОВА, пионер баһаатайа.