Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаан Хаҥаластааҕы В. А. Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл улэhиттэрэ оскуола үрдүкү кылааhын оҕолорун Үөһээ Бүлүү-Бүлүү хайысхатынан Ороhу – Харбалаах – Булуу – Хохочой экспедицияҕа сырытыннаран кэллилэр.
Ороhу нэhилиэгэр норуот педагогикатын тумэлигэр сылдьан төрүт саха олоҕун-дьаhаҕын, умнуллан эрэр саха тылларын соргутар Ф. А. Васильева сахалыы тылынан кэпсээн, боппуруостарга хоруйдаан олус сэргэхтик кэпсээтэ.
Харбалаахха С. Д. Копыленко төлөөннөөх революционер И. Н. Барахов музейыгар кини олоҕун, үлэтин иэйиилээхтик кэпсээтэ. Өссө оҕолор саха норуот суруйааччытын Николай Якутскай түмэлигэр сырыттылар.
Бүлүү куоракка П. Х. Староватов кыраайы үөрэтэр түмэлигэр сырыттылар. Хохочойго туруоруллубут памятникка өйдөбүнньүк бэлиэ уурдулар – барбыт сыалларын ситиһэн кэллилэр. Илдьэ сылдьыбыт түмэл улэhиттэригэр, төрөппүттэргэ, суоппардарга махталларын тиэрдэллэр.
9 кылаас үөрэнээччитэ Олег Адамов,
Нюрба, Хаҥалас,
“Ыллык” эдкорпост