Муус устар 21 күнүгэр Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын ”Чуораанчык” оҕо сурунаалыгар Саха АССР 100 сылын көрсө бэчээттэммит «Хатыҥ Арыы үс Винокуровтара» анал таһаарыыны “сүрэхтээтибит”.
Нам улууһун Хатыҥ Арыыта Өлүөнэ өрүс арҕаа биэрэгэр сытар хатыҥ чараҥ мастардаах, сымнаҕас хоннохтоох, өҥ буордаах, үлэһит сэмэй дьонноох, баай, киэҥ историялаах Сахабыт сирин биир кэрэ муннуга.
Хатыҥ Арыы аатын үс Винокуровтар ааттаталлар: Илья Винокуров – саха бөдөҥ государственнай-политическай деятелэ. Кини сыралаах уонна үйэлээх үлэтэ норуотун, төрөөбүт дойдутун күүскэ таптыырын, киниэхэ муҥура суох бэриниилээҕин туоһулуур.
Илья Винокуров-Чаҕылҕан аата саха литературатыгар биир дьоһун миэстэни ылар. Кини кылгас үйэтигэр төрөөбүт норуотугар киэҥник биһирэммит бэртээхэй айымньыларынан саха литературатын байыппыт талааннаах поэт буоларын таһынан, чулуу тылбаасчыт, оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта этэ.
Захар Винокуров сахаларга Марк Жирков кэнниттэн аналлаах композиторскай үөрэххэ үөрэммит иккис киһинэн буолар. Саха норуотун профессиональнай музыкальнай культуратын ырыанан жанра сайдыытыгар Захар Порфильевич Винокуров айар үлэтэ биир туспа кэрдиис кэм быһыытынан көстөр.
Күн бүгүн Хатын Арыы Үс Винокуровтарын аатын өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ ытыктыыр, үйэтитэр. Кыра саастаах уонна алын сүһүөх оҕолоругар аналлаах «Чуораанчык» уус-уран литературнай сурунаал муус устар ыйынааҕы нүөмэригэр «Хатыҥ-Арыы үс Винокуровтара» диэн анал таһаарыы бэчээттэннэ.
Үтүө үтүөнү саҕар. Барыйыактан ситимнэнэн Хатыҥ Арыы уонна Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолаларын икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһиннэрин сибээһэ олохтонно. Онуоха сүрүн сибээстиир күүһүнэн Хатыҥ Арыы орто оскуолатын IV кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Мария Валерьевна Максимова) уонна Дьокууксай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын 4 «А» кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Нина Чимитовна Петрова) буоллулар.
Үөрүүлээх тэрээһин 17-с №-дээх оскуола аттыгар турар Илья Егорович Винокуров сквериттэн саҕаланна.
– Бүгүн Илья Егорович Винокуров скверэ икки оскуола үөрэнээччиллэрэ көрсөр, билсиһэр сирдэринэн буолла. Саха сирин бөдөҥ общественнай деятеля төһө да үгүс сыллар ааспыттарын иһин, үүнэр ыччаты түмэ, ситимнии турар, – диэн эттэ куорат биир бастыҥ үлэлээх оскуолатын дириэктэрэ Лена Петровна Афонская.
Бу күн 17-с №-дээх оскуола үөрэнээччилэрэ Илья Винокуров паамытынньыгар таһыгар туран дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу туһунан хоһооннору нууччалыы, сахалыы тылларынан доргуччу аахтылар.
Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Дмитриевич Ноговицын куорат оскуолатын кэлэктиибигэр эҕэрдэ тылын этэн туран: «Илья Винокуровпыт куорат сиригэр соҕотохсуйан турар диэн мунчаарар, санаа баттыга оҥостор этибит. Н.Е. Мординов «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын, «Чуораанчык» оҕо сурунаалын эрэдээксийэтин кытта бииргэ үлэлээн, 17-с оскуоланы кытта сибээстэһэн, бүгүн Хатыҥ Арыылар үөрэн турабыт. Илья Егоровичпыт паамытынньыга сылаас илиигэ киирдэ, бэйэтин тула ыччаты түмтэ диэн», – санаатын үллэһиннэ.
Миитин кэнниттэн куорат оскуолата ыалдьыттарын бэйэтигэр ыҥыран дьиэтин-уотун көрдөрдө, үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ.
Икки төрдүс кылаастар үөрэнээччилэрэ Саха АССР 100 сылыгар аналлаах викториналаах, оонньуулардаах кылаас чааһыгар мустан, бэйэ-бэйэлэрин кытта билистилэр.
Икки оскуола кэлэктиибигэр, үөрэнээччилэригэр, төрөппүттэригэр өссө долгутуулаах түгэннэр күн иккис аҥаарыгар «Россия – Мин историям» историческай пааркаҕа тосхойон аастылар.
Саха АССР 100 сылыгар аналлаах «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» өрөспүүбүлүкэтээҕи уоланнар ааҕыыларын Гран- при хаһаайыннара, Саха АССР 100 сылыгар уонна М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах «Сахам сирэ, үүнэ-сайда тур!» өрөспүүбүлүкэтээҕи уоланнар ааҕыыларын III cтепеннээх дипломаннара, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын «Чаҕылыс» уоланнар бөлөхтөрө иэйиилээхтик аахпыт хоһооннорун долгуйа иһиттибит. Бөлөх салайааччыта нуучча тылын уонна литературатын учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһин Бочуоттаах үлэһитэ Анна Ефимовна Васильева. «Чаҕылыс» уоланнар бөлөхтөрө эһиил тэриллибитэ 10 сылын туолар.
Захар Винокуров Күннүк Уурастыырап «Долгунча» хоһоонугар суруйбут музыкатыгар IV кылаас үөрэнээччитэ, «Хатыҥчаана» оҕо искусствотын оскуолатын иитиллээччитэ Диана Ноговицына «Таба» үҥкүүтүн толордо. Салайааччы А.Ю. Ноговицына.
«Хатыҥ Арыы Үс Винокуровтара» анал таһаарыыны сүрүннэһээччи, сүбэ-ама буолан көмөлөспүт, Хатыҥ Арыы уонна Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолаларын ситимнэһиилэрин олохтообут историк идэлээх, кыраайы үөрэтээччи Афанасий Васильевич Мигалкин бу күн оҕолорго доҕордоһуу туһунан өйдөтөн эттэ: «Доҕордоһуу үтүө санааттан тахсар. Үтүө санаа үлэттэн кэлэр. Киһи мэлдьи доҕоругар туһалаах, көмөлөөх буоларга дьулуһуохтаах».
И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын дириэктэрэ, «Эр санаа» уордьан кавалера Павел Николаевич Оконешников Илья Егорович Винокуров олоҕо, үлэтэ өссө да ситэ үөрэтиллэ илигин туһунан эттэ. «Онон икки оскуола үөрэнээччилэрин ситимниир биир күүһүнэн чинчийэр үлэ буолуон сөп», – диэн бэлиэтээн эттэ уонна «Хатыҥ Арыы Үс Винокуровтара» анал таһаарыыга үлэлээбит хамаандаҕа махтанан туран, сэмэй бэлэхтэри туттарда.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова: «Оҕолоор, тула өттүгүтүн болҕомтолоохтук көрө сылдьар буолуҥ. Баҕар, бу кырдьаҕас киһи эйиэхэ көмөлөһүөн баҕарара буолуо. Баҕар, кини эн саамай чугас доҕоруҥ буолуо. Кырдьаҕас уонна эдэр киһини доҕордуу сыһыан биир өйгө-санааҕа түмүөн эмиэ сөп», – диэн эттэ.
Бу күн төрдүс кылаастар бэйэ-бэйэлэрин ырыанан, үҥкүүнэн эҕэрдэлэстилэр. Дьокуускай куорат 17-с оскуолатын иһинэн тэриллибит оҕо киинин «Северное сияние» IV «А» кылаас ансаамбыла «Урааҥхайдар» сахалыы үҥкүүнү толордо. Салайааччы СӨ үөрэҕириитин туйгуна Александра Ипатьевна Егорова. И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын IV кылаастара ырыа ыллаатылар.
«Хатыҥ Арыы үс Винокуровтара» анал таһаарыыны аан бастакынан көҕүлээбит киһибитинэн «Чуораанчык» сурунаал эрэллээх доҕоро, Учууталлар Учууталлара, СӨ үөрэҕин ситимин бочуоттаах үлэһитэ, РФ норуотун үөрэхтээһинин туйгуна, наставник-учуутал Анна Ивановна Леонтьева буолар. Анна Ивановна – үлэтигэр бэриниилээх учуутал. Күн бүгүнүгэр диэри үтүө сүбэһиппит, эрэллээх көмөлөһөөччүбүт. Бу күн Анна Ивановнаҕа «Хатыҥ Арыы» МТ ытык киһитэ» анал аат, «Нам улууһа» МТ сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ туттарылынна.
Ким доҕордоох – ол дьоллоох. Бу олоххо эйэлээх олоҕу түстүүр сүрүн күүс – доҕордоһуу. Бу күн И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын дириэктэрэ П.Н. Оконешников, Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрэ Л.П. Афонская, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ О.И. Семенова инникитин бииргэ үлэлииргэ илии баттастылар.
Доҕордуу дьоҥҥо ыарахан чэпчиир, ыраах да чугаһыыр. Доҕордуу, истиҥ сыһыан баар буоллаҕына, күн сиригэр эйэлээх олох туругура туруоҕа. И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы уонна Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолаларын 4-с кылаастарын үөрэнээччилэрэ «Баар буоллун өрүү күн!» ырыаны сахалыы, нууччалыы тылынан ыллаатылар.
Түһэрсиллибит Сөбүлэҥ быһыытынан, быйылгы үөрэх дьылыгар куорат оскуолатын IV «А» кылааһын үөрэнээччилэрэ Хатыҥ Арыыга ыалдьыттыахтара. Онуоха оҕолор тыа сиригэр сүөһүнү хайдах иитэллэрин хотоҥҥо сылдьан көрүөхтэрин баҕаралларын туһунан эттилэр. «Куорат оҕолорун ортолоругар итинник баҕа санаа баарын истэммит олус үөрдүбүт. Хатыҥ Арыыга тиийдэхтэринэ, саҥа доҕотторбут эппит санааларын хайаан да учуоттуохпут», – диэн эттэ дириэктэр П.Н. Оконешников.
Сардаана МАТВЕЕВА.