Ыал аҕа баһылыга, кыһыҥҥы сарсыарда ким-хайа иннинэ туран, араадьыйаны холбуур. Сонуннары истэ-истэ, оһоҕун оттон хачыгырайар, чэйин уурар. Оттон алаһа дьиэ хаһаайката күөрчэх ытыйар, ас бэлэмниир. Урут да, билигин да тыа дьонун сарсыардата маннык.
Дьиэ сыыйа-баайа сылыйар, чэй оргуйар, күөрчэх бэлэм. Эбээ, сиэнин соһуппат курдук, сэрэнэн туруорар. Уутугар аҥаарыйа сылдьар оҕону таҥыннарар. Онтон сылаас ууну кутан, сирэйин сууннараллар. Ол тухары эбээ, эһээ сиэннэрин тула илин-кэлин түһэллэр. Кыысчаан остуолга олорор, күөрчэх сиэн мотуйар. Онтон дьэ, харах эрэ кылап гына көстүөр диэри халыҥ саарпыгынан тууна баайан, таһырдьа тахсаллар. Салааскаҕа олордон, эһээ тиэргэниттэн тахсар…
“Кини кыыһа” киинэ саҕаланнаҕа ити. Бу тухары саҥа-иҥэ аҕыйах, суоҕун да кэриэтэ. “Тоҕо тугу да саҥарбаттар?” – диэн саалаҕа олорор дьонтон ким эрэ мунаахсыйбыттыы ыйытар. Дьиҥэ, манна улахан кэпсэтии да наадата суох. Биир-биэс тыла суох барыта өйдөнөр, хас биирдии киһиэхэ чугас көстүү. Эбэн эттэххэ, уус-уран киинэ устатын тухары “ээ, биһиги эмиэ итинник гынарбыт” диэх айылаах түгэммит элбэҕэ үөрдэр.
Хайдах баарынан
Киһи олоҕо бытархайдартан турар. Бу киинэ оннук “бытархайынан” толору. Оһох үрдүгэр түгэҕэ хоруолаах чаанньык, уу сылытар дьоҕус бөтүөн, куурдулла турар этэрбэс… Сабыс-саҥа эбэтэр кылбаччы сууйуллубут ыраас чаанньыгы, ханан да буруолаабыт сибикитэ суох муус маҥан гына оппуохаламмыт оһоҕу көрөөччү, төттөрүтүн, атыҥырыа этэ. Итиннэ киинэни устааччылар, олоҕу киэргэппэккэ, хайдах баарынан көрдөрөр туһугар үлэлээбиттэрин, бытархайдары ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдаан ойуулаабыттарын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Сорох үчүгэй киинэни биир эмит оҥоһуу көстүү буортулаан, сымсатан кэбиһэн хомоторо баар суол.
Оҕо хараҕынан
Ардыгар Голливуд уоттаах-күөстээх, тыастаах-уустаах, дирбиэннээх-дарбааннаах, дэлби тэптэриилээх, этэргэ дылы, элбэх “эффектээх” киинэлэриттэн киһи хал буолар, сылайар. Оттон “Кини кыыһа” тэтимэ сахалыы бытаан, наҕыл. Ким эрэ: “Утуйан хаалбытым”, – диэбитэ. Чэ, баҕар, буоллун даҕаны. Оттон сорох Таанньыска курдук атах сыгынньах сүүрэкэлээбит оҕо сааһын алааһын ахтан-санаан ааспыта, астынан, сүргэтэ көтөҕүллэн, дууһалыын чэпчээн, түбүгүн, кыһалҕатын кылгас да кэмҥэ умнан ылбыта буолуо. Мин харахпар – оҕо сааһым күлүмнэс күнэ, ойор-тэбэр киэҥ нэлэмэн алаастарым, ыраахха диэри ыҥырар ыллык суолларым. Оннооҕор дойдум мүөттээх салгына, тыа барахсан сыта кытта кэлбиккэ дылы. Онтон ордук наада дуо, “Кини кыыһа” көрөөччүтүгэр?
Бу биир тыынынан көрүллэр киинэ буолбатах. Ааспыты ахтаҕын, билиҥҥини сыаналыыгын, сарсыҥҥыны саныыгын. Ол аата хартыына устатын тухары толкуйдуугун, дьоруойдары кытта тэҥҥэ олороҕун. Таанньа оҕо сааһын ахтылҕанын нөҥүө саха ыалын күннээҕи олоҕо, айылҕалыын быстыспат ситимэ көстөр.
Таптал уонна Айылҕа
Киинэ сүрүн сыаннаһа – ТАПТАЛ. Ийэ айылҕаҕа, чугас дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ. Өйдөөн көрүҥ ээ, дьоруойдар харахтарыгар туохха да солбуллубат ураты ТАПТАЛ баарын! Эбээ, эһээ сиэннэригэр сылаас сыһыаннара элбэх түгэҥҥэ көстөр. Холобур, биирэ уу кутан, кыыс сирэйин сууйар, иккиһэ соттор уунар. Оттуу баран иһэн, эһэтэ аара суолга үүнэн турар хаптаҕаһы ытыһыгар хомуйан ылан, Таанньыскаҕа биэрэр. Эбэтэр кыысчаан күндү киһитин оттоон кэлэрин үөрэ көрсөрө киһиэхэ истиҥ иэйии кыымын саҕар. Манна сүрэх-быар сылаанньыйар, манньыйар хартыыната үгүс.
Киинэҕэ тыа сирин оҕотун мэтириэтэ итэҕэтиилээхтик ойууланар. Сүрүн дьоруой сайыҥҥы сарсыарда бөтүүк хаһыытыттан уһуктар, сып-сап таҥнаат, таһырдьа ойон тахсар. Ньирэйдэр от сии сылдьаллар. Сымыыт хомуйар, ньирэй аһатар, сибэккигэ уу кутар. Өссө дьиэ ис-тас түбүгэ, от үлэтэ, илим көрүүтэ, сир аһа көстөр. Ол иһин даҕаны, киинэ айылҕа “амтаннаах”, тыа “сыттаах”.
Ситиһии кистэлэҥэ
“Кини кыыһа” араас киинэ бэстибээллэригэр үрдүктүк сыаналаммыта, үгүс наҕараадаҕа тиксибитэ. Омос көрдөххө, киһи “һык” гына түһэрэ улахан туох да суохха дылы. Барыта күннээҕи олохпутугар буолар түгэннэри, аттыбытыгар баары оҕо хараҕынан тиэрдии – киинэ сүрүн сыала-соруга. Ону режиссер уонна айар бөлөх ситиһиэн ситиспит. Көрөөччү билиҥҥитин, тула өттүн өйдөөн көрүүтэ, сүрэҕин түгэҕэр сөҥмүт, иһигэр иитиэхтии сылдьыбыт, умнулла быһыытыйбыт ахтылҕанын уһугуннарыы – киинэ биһирэнэр өрүтэ. Атын дойдуга маннык айымньы ураты, сонун. Аҥаардас айылҕабыт кэрэтэ да туора дьону умсугутар буоллаҕа! Дьэ, ол иһин үрдүктүк сыаналаатахтара. Арай биһиги саҥаҕа, атыҥҥа сонумсахтанан, өрө көтө түһэр үгэстээхпит. Дьиҥэ, бэйэбит киэнэ ордук күндү, чугас буолуохтаах эбээт!
“Кини кыыһа” иитэр- үөрэтэр суолтата улахан. Холобур, Таанньыска эбэтэ: “Тоойуом, күн күлүгүрдэҕинэ таҥнар буол”, – диэн мэлдьи этэр. Оттон эһэтэ: “Эбэ аттыгар куһаҕаны санаабат, саҥарбат буол”, – диир түгэнин биһирии истэҕин. Ыаллара оҕонньор дуобаттыы киирбитигэр, кыыс, биир-биэс этитиитэ суох, олоппос ылан биэрэрин, кырдьаҕаска ураты сыһыанын хайгыы көрөҕүн.
Түмүк
Киинэ хас биирдии хартыыната айылҕаҕа ураты тапталтан таҥыллыбыт диэтэххэ омун буолбатах. Онно, оператор үтүө түмүктээх үлэтин сэргэ, режиссер олоҕу көрүүтэ, ис санаата, артыыстар оонньуулара эбиллэн, сиппит-хоппут, бэртээхэй киинэ тахсыбыт.
“Кини кыыһа” ким кыыһа эбитий? Суох буолбут аҕатын, огдообо хаалан, атын киһилиин холбоспут ийэтин эбэтэр эһэлээх эбэтин? Онуоха көрөөччү бэйэтэ хоруйу көрдөөн булар. Мин эппиэтим – кини – аар айылҕа, алаас кыыһа. Оттон эһиги туох дии саныыгыт?
Киинэ кэнниттэн
…Ааны тэлэччи аспытым, чыҥха атын, куорат һуй-һай олоҕо. Букатын туора сиргэ ыалдьыттаан баран, төттөрү төннүбүт курдук санаа күлүм гынан ааһар. Хайыахпытый, киинэ – киинэнэн, оттон олохпут салҕанан барар.
Айыына КСЕНОФОНТОВА.