Бу сылга икки үөрүүлээх бэлиэ түгэннэри — Саха автономнай сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сылын уонна Одьулуун нэһилиэгэ сурукка киирбитэ 310 сылын бэлиэтиэхтээхпит.
Бу бэлиэ түгэннэргэ олоҕуран, биһиги 3 кылаас кэлэктиибэ «Үтүө дьыала аартыгынан» диэн кылааспыт салайааччыта Анна Семеновна Пудова уонна «Төрөөбүт дойдум» биридимиэт учуутала Лидия Петровна Саввина салалталарынан бырайыак оҥордубут.
Бырайыакпыт төрүөтүнэн буолла:
- Тоҕо билиҥҥи кэмҥэ үтүө санаа өйдөммөтүй, өйөммөтүй?
- Киһи киһиэхэ сыһыаныгар тоҕо аһыныы, өйөбүл, болҕомто, кэрэни, сырдыгы баҕарыы таһыма намыһаҕый?
Билиҥҥи кэмҥэ киһи икки ардыгар сыһыаныгар улахан уларыйыылар бара тураллар. Ырыынак сыһыана сытыырхайда, тохтоло суох туох баар табаар сыаната күн-түүн сыаната ыарыы турар. Бу түгэҥҥэ бэрээдэктээх буолуу, кырдьыксыт быһыы, дойду туһугар олоруу, үлэлээһин диэн өйдөбүллэр күүстэрин сүтэрэн эрэллэр. Ол иһин бу үөрэх дьылыттан ‘Киһи эйэҕэс уонна аһыныгас буолуохтаах’ диэн санаанан салайтаран бырайыакпыт оҥоһулунна. Манна үөрэнээччилэр, төрөппүттэр уонна үөрэтэр учууталларбытын кытта биир сомоҕо кэллэктииби түмэргэ сананныбыт.
Бырайыакпыт сыала уонна соруктара:
- Оҕону дьоҥҥо үтүөнү оҥорорго үөрэтии, көмөлөһөргө угуйуу;
2. Тулалыыр эйгэҕэ, дьоҥҥо эйэҕэстик сыһыаннаһарга эппиэтинэһи үрдэтии;
- Кылаас, кэллэктиип , оскуола, нэһилиэк сайдарыгар аналлаах үлэлэргэ кыттыы.
Бастатан туран, кимиэхэ тугу көмөлөһөрү быһаарарга, көмөлөһүү туохха сигэнэрий, тирэнэрий диэн боппуруоһу толкуйдаатыбыт. Биһиги бары бу олох кыырпахтарабыт, биһиги үчүгэй буоллахпытына, олох эмиэ тупсар эбит диэн түмүккэ кэллибит.
Былыргы Греция бөлүһүөгэ Платон маннык диирэ:
«Дьоҥҥо дьолу баҕарыаҥ — бэйэҥ дьолгун булуоҥ».
Ити олох кырдьыга.
Оскуола — биһиги иккис дьиэбит. Биһиги манна билиини эрэ баһылаабаппыт. Ону тэҥэ эйэҕэс, аһыныгас уонна кыраны, кыамматы аһынарга үөрэнэбит. Үтүө дьон буоларга кыһаллабыт.
Биһиги девизпит:
«Сир үрдүн кэрэнэн киэргэтиэххин баҕарар буоллаххына, бэйэҕиттэн саҕалаа!».
Биһиги кылааспытыгар 16 үөрэнээччи баар. Барыбыт көмөлөөн Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин 100 сылынан — 100 үтүө дьыаланы оҥорорго былааннанныбыт. Бу дириҥ историялаах улуу түгэн туһунан тугу биллибит?
Үйэ анараа өттүгэр, 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха автономнай сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ буолбута. Дириҥ историялаах улуу түгэни төрүттэспиттэрэ: Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит историята олохпут быстыспат сорҕото. Ол иһин бу сабыытыйа барыбыт үөрүүбүт буолар. Билигин Саха өрөспүүбүлүкэтэ сайдар, үүнэр, Арассыыйа биир туспа олохтоох, историялаах улахан эрэгийиэнэ буолар.
Бырайыак ыытыллар кэмэ:
Бастакы түһүмэх: балаҕан ыйа — тэрээһин үлэ.
Иккис түһүмэх: алтынньы-кулун тутар ыйдар — сүрүн дьаһаллары ыытыы (кэтээн көрүү тэтэрээттэрэ, дьаһаллары ыытыы, үтүө түмүгү ситиһэргэ түмүктэри таһаарыы).
Үһүс түһүмэх: муус устар ый — бырайыак хаамыытын ырытыы, түмүктэри таһаарыы.
Төрдүс түһүмэх: муус устар 27 күнэ — бырайыагы түмүктээһин. Оскуолаҕа дьаһал ыытыы (быыстапка, презентация, чинчийбит темалары билиһиннэрии, хаһыакка ыстатыйа суруйуу).
Бастакы дьаһалбыт «Мас төрдө – үтүө санаа силиһэ» диэммит эмтээх талахтары оскуола территориятыгар олорпуппут. Оскуола директора Константин Иннокентьевич Филиппов уонна оскуола агро хайысхатын салайааччыта Гаврил Дмитриевич Федотов биһирээбиттэрэ, өйөөбүттэрэ. Мантан тирэх ыламмыт «Эрэйдэнэн бултаабыт булт минньигэс» диэн бэргэн этиигэ сөп түбэһиннэрэн «Түннүккэ битэмииннэр» диэн ааттаан күөх луугу уонна петрушканы олордубуппут, ону күн аайы көрөбүт, бүөбэйдиибит, кэтээн көрөбүт, бэлиэтэнэн сурунабыт. Ити курдук билим төрүттэрин эмиэ билсэбит, үөрүйэхтэрин баһылыыбыт.
Оҥорбут үтүө дьыалаларбыт:
- кырдьаҕастарга көмөлөһүү,
- дьиэ кыылларыгар көмө,
- үтүө дьаһал нэдиэлэлэрэ,
- аһаҕас уруоктар, кылаас чаастара,
- хаартыска, уруһуй, оҥоһуктар быыстапкалара,
- анал акцияларга, күрэхтэргэ, кэнпириэнсийэлэргэ кыттыы,
- айылҕа харыстабылыгар бырайыактары оҥоруу,
- оскуола тас көстүүтүн тупсарар үлэҕэ кыттыһыы,
- нэһилиэк үбүлүөйдээх сылыгар анаан сибэкки арассаадата олордуу.
Оҥорбут үтүө дьыалаларбытын түмпүппүт уонна ааҕан көрбүппүт 152 буолла!
Түмүктээн эттэххэ, бу үөрэх дьылыгар үтүө санаа бырайыагынан үлэлээммит үгүһү биллибит, оҥордубут. Дьон үөрбүт сирэйин көрөр, махтал тылын ылар саҕа үөрүүлээх суоҕун биллибит. Уонна үтүө, үчүгэй сураҕа суох сүппэт, умнуллубат эбит диэн санааҕа кэллибит. Үтүө дьыаланы үчүгэй майгылаах, үтүө санаалаах дьон оҥорор эбит.
Онон сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыҥ! Бары үтүө дьон буола улаатыаҕыҥ!
Одьулуун орто үөрэхтээһин оскуолатын
3 кылааһын кэлэктиибэ,
Чурапчы улууһа.