Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — мин төрөөбүт дойдум. 2022 сылга, муус устар 27 күнүгэр, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтиэхпит.
1922 сыллаахха саха чулуу уолаттара П.А. Ойуунускай, М.К. Аммосов, И.Н. Барахов о.д.а. билиҥҥи кэми өтө көрөн, автономияны туруорсан, сайдыы суолун түстээбиттэригэр махталбыт муҥура суох.
Билиҥҥи кэм ыччата буоларым быһыытынан, аны 100 сылынан мин өрөспүүбүлүкэм сайдар суолун туохха көрөбүн?
Бастатан туран, туризм күүскэ сайдан, дохуот киллэрэр сүрүн салаа буолуо дии саныыбын.
Иккиһинэн, бэйэ оҥорон таһаарыыта күүскэ сайдыа, өрөспүүбүлүкэбит бэйэтин бэйэтэ хааччынарын таһынан, саха сүөһүтүн, сылгытын этин, атын да саха аһын экспортка таһаарыа.
Үсүһүнэн, улахан сайдыы барыа, култуурабыт үрдүө, олорор усулуобуйабыт тупсуо, тылбытын бары билэр, саха буоларбытынан киэн туттар буолуохпут.
Дьокуускай — саха куората буолуо. Өссө киэркэйиэ, тупсуо, сайдыа!
Мин оҕолортон бу тиэмэни ыйыталаспыппар сорохтор биһиги онно суох буолабыт, сорохтор олох да атын планетаҕа олоро тахсыахпыт, сорохтор өссө үчүгэй олоҕу ыралыыллар. Бары үтүө баҕа санааларбыт туоллуннар, өрөспүүбүлүкэбит сайыннын!
Сахаайа ПОПОВА, Алтан орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ,
Мэҥэ Хаҥалас улууһа.