«Россия – Моя история»… Итинник ааттаах улахан мультимедийнай историческай паарка алтынньыга аана тэлэччи аһылынна. Онон бу күннэргэ куорат оскуолалара кылааһынан, кэлэктиибинэн саҥа пааркаҕа экскурсияҕа сылдьыылара саҕаланна. Үөрүүлээҕэ диэн баар, оҕолорго уонна устудьуоннарга киириитэ босхо. Инньэ гынан, историяны сэҥээрэр, сэҥээрбэт да оҕолорго саҥа паарка улахан кыаҕы биэрииһи.
– Оҕо талбыт ыйытыытыгар мантан хоруйу булуон сөп, – диир Култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ, бэйэтэ историк үөрэхтээх Н.А. Макаров. – Ханнык баҕарар экспозицияны сэҥээрэн, тарбаххынан даҕайыаҥ эрэ кэрэх, история ол чахчытын туһунан иннигэр субу арылла түһүө, ол кэмнээҕи тыыны тута биэриэ. Эбэтэр, араас хайысхаҕа билиигин тургутар биктэриинэлэр бааллар. Инньэ гынан, төһө бэлэмнээххин, билиилээххин эмиэ манна кэлэн тургутунуоххун, салгыы билиигин чиҥэтинэргэр бэйэҕэр түмүктэри оҥостуоххун сөп.
Уһук Илин биир улахан, кэрэ паарката
«Россия – Моя история» бастакы паарка 2015 с. ахсынньыга дойдубут тэбэр сүрэҕэр, Москваҕа ВДНХ 57 №-дээх павильонугар аһыллыбыта. Онтон Уфаҕа, Ставропольга, Волгоградка, Екатеринбурга маннык пааркалар утум-ситим аһыллан, үлэлии тураллар. Россия 25 регионугар маннык баараҕай, историческай пааркалар олоххо киириэхтээхтэр.
Иван ЕСИН, Гуманитарнай бырайыактар пуондаларын дириэктэрэ (Москва):
– ВДНХ-ҕа баар паарка үс быыстапкалаах эбит буоллаҕына, Саха сирин паарката түөрт экспозициялаах: «Рюриковичи», «Романовы», «От великих потрясений к Великой Победе. 1917-1945 гг.», «Россия – Моя история. 1945-2016 сс.». Дьокуускай пааркатын улаханын (9 тыһ. кв. м.), баай ис хоһооннооҕун, анаан-минээн сир биэрэн туппуттарын сөхтүм, сөбүлээтим. Европа мусуойдарыныы, табыгастаах сир буолсу. Уһук Илин үрдүнэн саамай кэрэ эһиэнэ буолуо диэн эрэнэбин. Алтынньы 5 күнүгэр Волгоградка 6 тыһ. кв. м. паарка аһыллыбыта.
Аныгы технология көстүүтэ
Пааркаҕа сенсорнай остуоллар, экраннар, кыракый киинэ тыйаатырдара, лайтбокстар, коллажтар, проектордар, планшетнай көмпүүтэрдэр, о.д.а. аныгы технология элбэх. Хас биирдии экспозицияны видеоинфографика, анимация, цифровой реконструкция көмөтүнэн историктар, худуоһунньуктар, кинематографистар, дизайнердар, көмпүүтэр графикатын идэлээхтэрэ кыһаллан-мүһэллэн, хара-маҥан өҥнөөх, учебник чуҥкук халыыбыттан чыҥха атын, аныгылыы таһымҥа таһаарбыттар.
Анатолий АЛЕКСЕЕВ, историческай наука доктора, профессор, ГЧИ научнай салайааччыта:
– Экспозицияҕа күөх өҥнөр региональнай компонент бэлиэтэ буолаллар, ол эбэтэр, Саха сирин историятыгар сыһыаннаах XVII-XXI үйэлэр чахчылара киирдилэр. История диэн – историктар эрэ бүччүм эйгэлэрэ буолбатах. Ким баҕалаах историяны үөрэтэргэ, билэргэ сананыахтаах дии саныыбын.
Пааркаҕа сылдьыҥ, «Кэскилгэ» суруйуҥ!
Чэйиҥ эрэ, эһиэхэ, хаһыаты ааҕааччыларга саҥа сорудах: «Россия – Моя история» мультимедийнай историческай пааркаҕа сылдьыҥ уонна «Кэскил» хаһыакка ол экскурсияҕыт туһунан суруйан, хаартыскалаан 4sakral@mail.ru электроннай почтаҕа, биитэр эрэдээксийэ 216-с кэб. суһаллык тиксэриҥ. Паарка туһунан бэйэлэрин санааларын бастакынан суруйбут оҕолору өйдөбүнньүк бэлэхтэр күүтэллэр. Оттон суруккут хаһыакка бэчээттэниэ диэн мэктиэлиибит.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.