Захар Винокуров – сахалартан биир бастакы композитор
Захар Винокуров, 1941 с.
Олоҕун олуктара
Дьадаҥы сылгыһыт Порфирий Васильевич уонна кини кэргэнэ Кэтириинэ дьиэ кэргэнигэр, Нам улууһунХаты Арыы нэһилиэгин Кэҥкэмэ үрэх диэки арҕаа алаастарыттан биирдэстэригэр 1922 сыл кулун тутар 12 күнүгэр төрөөбүт. Элбэх оҕоттон ситэр саастарын биэс эрэ оҕо туолбут: 1941 с. Семен, Иннокентий, Захар, Василий уонна Мария. Ийэлэрэ, кыра кыыһын Марияны төрөтөөт, өлбүт. Төрөөбүт күнэ чуолкайа биллибэт, сабаҕалааһынынан, 1922 сыл кулун тутар 12 күнүнэн бэлиэтэммит.
1930 сыллаахха Захар Кыһыл дэриэбинэ начальнай оскуолатыгар, ону бүтэрээт оройуон киинигэр Нам сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэммит.
Намҥа үөрэнэ сылдьан аан бастаан балалайка, гитара, мандолина, баян, гармонь курдук музыкальнай инструменнар тыастарын истибит-көрбүт. Хойут, ааспыты санаан, бииргэ үөрэнэр оҕотугар баран иһэн, уулуссаҕа аһаҕас түннүктэн кутуллар дьикти кэрэ дорҕооннору истэн, сөхпүтүн-дьиктиргээбитин кэпсээбит. Ол дьикти дорҕооннору истэн, түннүк анныгар барыны барытын умнан өр турбут. Ити күнтэн ыла ырыа истээри күн аайы кэриэтэ ол дьиэ түннүктэрин анныгар турара үһү. Сотору кэминэн оскуолатыгар учуутала Константин Иванович Горохов музыкальнай куруһуок тэрийбитигэр Захар бастакынан суруттарбыт, музыкальнай инструменнарга оонньуурга үөрэммит.
1937 сыллаахха оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайга педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирэр.
1941 сыллаахха училищены бүтэрээт, төрөөбүт дойдутугар Хатырык сэттэ кылаастаах оскуолатыгар история уонна география учууталынан ананан үлэлии барар.
1943-1944 сс. – ЫБСЛКС Намнааҕы райкомун сэкэритээрин солбуйааччыта.
1944 сыл сааһыгар, Саха АССР искусствотын салалтата уонна Саха театра эдэр ыччаты үрдүкү музыкальнай үөрэхтэргэ киирэллэригэр бэлэмнииллэрин истэн, райкомтан туһайар суруктаах Дьокуускайга тиийэн, театр оркестрыгар суруттарбыт, бэлэмнэнии куурустарыгар дьарыктаммыт.
Захар Порфирьевич музыкант буолар дьылҕатыгар улахан кыһамньытын, оччотооҕуга Саха АССР Совминын иһинэн искусство салалтатын начальнига, Семен Семенович Сюльскай уурбут. Сюльскай туруорсуутунан Москваҕа Саха театрын иһинэн музыкальнай студия, Дьокуускайга уонна Ньурбаҕа народнай куукула театрдара тэриллибиттэр.
1944 с. – Саха сириттэн туһаайар суругунан Москваҕа музыкальнай консерваторияҕа үөрэнэр. Ол эрэн, ыалдьан, үһүс курс кэнниттэн академическай уоппуска ылбыт; кэлин үөрэҕин төһө да баҕарбытын иһин, ыарыытынан үөрэнэрэ бобуллан, бүтэрбэтэх.
1947 с. – Дьокуускайдааҕы музыкальнай драма театрыгар музыка салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Бу сылларга саха поэттарын хоһоонноругар музыка айарга холонор. Айбыт ырыалара театр сценатыттан, радиоҕа ылланан бараллар. Бу кэннэ Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа музыка салаатыгар преподавателинэн үлэлиир.
1957 сыллаахха тохсунньу 17 күнүгэр Хаҥалас улууһун Покровскайыгар санаторийга сытан ыалдьан, 35 сааһын ситэ туолбакка, эдэр сааһыгар олохтон туораабыта.
Захар Порфирьевич айан хаалларбыт ырыаларын күн бүгүнүгэр диэри саха дьоно сөбүлээн ыллыыр. Оҕолорго анаан элбэх ырыаны суруйбута. «Сааскы ырыа», «Маҥнайгы хаар», «Детсадка», «Хаарынан оонньуубут» ырыаларын оҕо-аймах сөбүлээн ыллыыр.
З.П. Винокуров ырыа куруһуогун салайааччыта. Нам оскуолата. 1944 с.
«Эҕэрдэ ырыатын» туруоруу творческай бөлөҕө, ортоҕо – Анастасия Лыткина.
Захар Винокуров олоҕуттан алта ыйытык
Ыйытыы хоруйдарын скобкаҕа көр, буукубалары сөпкө сааһылаан аах
- Захар Порфирьевич Намна, Дьокуускай куоракка үлэлии-үөрэнэ сылдьан аҕатыгар алааска кэлэн көмөлөһөн ат кыраабылынан от мунньар, от охсор эбит. Аҕата Мэппиилэй колхозка тугу үлэлиир этэй? (ытыыһгсл)
- “Дьол-үөрүү ырыалара” диэн маҥнайгы ырыаларын кинигэтэ хас сыллаахха тахсыбытай? (5951)
- Аан дойду Ыччатын Варшаватааҕы V фестивалыгар Саха сириттэн ырыаҺыт Анастасия Петровна Лыткина кыттыбыта. Кини Захар Порфирьевич ханнык ырыатын ыллаабытай? (ээҕэдр ыытаар)
- Күннүк Уурастыырап суруйбут «Долгунча» хоһоонугар Захар Порфирьевич мелодия айбыта. Колхоз кыыһа сыыдам табатынан ханна сылдьан бултуурай? (быАй, уоМма)
- «Сааскы ырыаҕа» ханнык көтөрдөрү ахтыбыттарый? (ооорчсу, йээгрүөк, ҕээк)
- Захар Порфирьевич кэргэнэ Анастасия Иннокентьевна Чурапчыттан төрүттээх. Кини ханнык уруокка анаан Саха сиригэр аналлаах кинигэлэри бэчээттэппитэй? (яиафгроге)
Бэлэмнээтэ Екатерина Ивановна Попова, алын кылаас учуутала,
И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолата, Нам.