Кулун тутар 30-31 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Баатара нэһилиэгэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата ыалдьыттаата. Манна Өлөчөй уонна Бүтэйдээх оскуолатыттан оҕолор учууталларынаан уонна нэһилиэк аҕа баһылыктарын кытта муһуннулар. Икки күнү быһа бэрт кэскиллээх кэпсэтиилэр, оҕолорго интэриэһинэй оонньуулар, хаһыакка уонна сурунаалларга көхтөөхтүк сурутуу буолла.
Маҥнайгы күн «Чуораанчык» оҕо сурунаалын «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» чэрчитинэн бэчээттэммит Айсана Тарасова «Аар Тайҕа» профессора, Жора Попов «Эбээм ыллыгынан» тэттик кинигэлэрин сүрэхтэниитэ олус үчүгэйдик ааста.
Сахалартан бастакы Герой Ф.К. Поповка анаммыт пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн ууран, биир мүнүүтэ иһийэн турдубут.
Музейга сылдьан нэһилиэк историятын, Федор Поповка, РСФСР үтүөлээх артыыһыгар Г.Г. Колесовка аналлаах экспонаттары көрөн астынныбыт. Герой Попов бииргэ төрөөбүт быраатын Дьөгүөр уола Аполлон кыра сылдьан, 1940 сыллаахха, ойуулаабыт олус истиҥ, оччотооҕу саха оҕото сыста турар ампаардаах хотоҥҥо олорор кэмигэр үөрэххэ, сырдыкка тардыһыытын, улахан баҕа санаатын, ыраахха көстөр таас оскуола уруһуйа туоһулуур.
Онто билигин үйэ кэриҥэ кэм буолан баран туолбут. Баатара оҕолоро олус сырдык таас оскуолалаахтар. Хас биирдии кылаас иһигэр Герой Поповка аналлаах араас тиэмэлээх истиэндэлэр ыйанан тураллар.
Дмитрий Ходуловка аналлаах муннукка Бүтэйдээх оскуолатын үөрэнээччитэ Оля Стручкова 90-с сылларга Гаврил Колесовы кытта бэсиэдэ кэнниттэн артыыс буолар баҕа санаалааҕын, Щепкин училищетыгар хайдах туттарсан киириэххэ сөбүн туһунан ыйыталаспыт суруга араамаланан турар. Бу үөрэнээччи иитиэхтээн кэлбит ыра санаата буоллаҕа. Билигин Оля ханна баарый? Баҕалаах идэтинэн артыыс буолбут дуо? «Кэскил» хаһыакка сотору кэминэн олус интэриэһинэй матырыйаал буолуо диэн эрэнэбит.
Эбиэттэн киэһэ Ф. К. Попов аатынан Баатара орто оскуолатыгар «Мин нэһилиэгим инники кэскилэ» диэн орто, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах стратегическай сессияны «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семёнова ыытта.
Өлөчөй, Бүтэйдээх, Сыымах оҕолоро хамаанданан арахсан үлэлээтилэр. Оҕолор хас сорудах аайы харахтара уоттанан истэ, бэйэлэрин санааларын ботуччу эттилэр.
Быйыл «Чуораанчык» оҕо сурунаала төрүттэммитэ 35 сылын туолар. Бастакы үбүлүөйдээх тэрээһиннэр Сыымах нэһилиэгин «Кэскил» оҕо саадыттан саҕаланнылар. Кырачаан ааҕааччыларбытын кытта ыллаан-туойан, хоһоон ааҕан, минньигэс торту тото-хана мотуйан умнуллубат күнү атаардыбыт.
Киэһэ “Ыал үөрэҕиттэн» диэн төрөппүтү, учууталы кытта төрүччүгэ, ааҕыыга сыһыаннаах кэпсэтии буолла. Иккис күн «Кэскил» оҕо хаһыатын үлэһиттэрэ оҕолорго хаһыат, сурунаал туһунан кэпсээтибит, биктэриинэлэри, оонньуулары ыыттыбыт. Хас биирдии оҕо олус көхтөөх, интэриэстээх эбит.
«КЭСКИЛ» оҕо бэчээтин кытта КЭСКИЛЛЭЭХ үлэ саҕаланна, саҥа саҕах көһүннэ!