Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатыгар дэгиттэр дьоҕурдаах үөрэнээччи баар. Кини аата Кеша Никифоров. 8 кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэр.
Кеша барыны-бары интэриэһиргиир, үлэһит, үөрэҕэр ситиһиилээх сытыы-хотуу уол. Кылаас, оскуола олоҕор сүрүн киһи. Олус үчүгэйдик хомустуур, «Хомус алыба» ансаамбылга дьарыктанар.
Дьокуускай куоракка үөрэнэр кэмигэр «Дохсун» спорткомплексыгар Иван Белолюбскай «Боотурдар оонньуулара» секциятыгар үс төгүл үс, ырааҕы ыстаныы, сүүрүү көрүҥнэригэр дьарыктаммыта. Маны таһынан хайыһардыырын туохтааҕар да ордорор. Оннооҕор Улан-Үдэ куоракка сбордана бара сылдьыбыта. Бу сотору хайыһар күрэҕэ буолаары турар, Кеша онно кыттаары дьарыгын саҕалаата. Билигин уол ох курдук оҥосто сылдьар.
Кеша биир улаханнык сэҥээрэр дьарыгынан «Хаар айан» УАЗ массыыналар күрэхтэрэ буолар. «Кубок Дэбдиргэ» УАЗ массыыналар күрэхтэрин сылын аайы тэриллэр. Убайдарын Гаврил Никифоровы («Мохсоҕол» массыына экипаһа), Петр Аргунову кытары («DRAGON» массыына экипаһа) олоруста да, өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугар тиийэн күрэҕи көрөр уонна илии-атах буолар.
Быйыл үөрэҕин, үлэтин, дьарыгын сөпкө дьүөрэлээн, сүрдээх үчүгэйдик аттарар. Ол курдук, тылга дьоҕурдаах «Уран тыл» бырайыак сүнньүнэн уолаттар бөлөхтөрүгэр 5 хоһоону өйтөн ааҕан, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майатыгар ыытыллыбыт Герой Федор Поповка аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон куонкуруһугар бочуоттаах иккис миэстэни ылары ситистэ. Ыаллыы сытар Туора-Күөл орто оскуолатыгар улуустааҕы «Тарбаахаптыын астыахха» күрэххэ кыттан, бастакы миэстэни ылары ситиһэн, оскуолатын чиэһин эрэллээхтик көмүскээтэ. Ону таһынан улуустааҕы хапсаҕай күрэҕэр кыттыыны ылла.
Кеша эбэтигэр, эһэтигэр, убайыгар үөрэҕин быыһыгар хотон көрүүтүгэр, дьиэ ис- тас үлэтигэр күн аайы көмөлөһөр, хас сайын аайы оттоһор.
Биһиги учууталлар маннык сэргэх, үлэттэн иҥнибэт дьоҕурдаах үөрэнээччибитинэн киэн туттабыт. Инникитин үөрэҕэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
Маладьыас, Кеша, инниҥ хоту баран ис!
Варвара ЕФИМОВА.