В.П. Ларионов аатынан Майа агро-оскуолатыгар бизнес-инкубатор сэттис сылын ситиһиилээхтик үлэлиир. Оскуолабытыгар кэнчээри ыччат тыа сиригэр олорон үлэлиир-хамсыыр, булугас өйдөөх ситиһиилээх киһи буола үүнэн-сайдан тахсарбытыгар улахан болҕомто ууруллар. Үөрэнээччилэр алын кылаастан саҕалаан «Агрономика», «Кэрэхсэбиллээх экономика» эбии үөрэх бырагыраамаларынан үөрэнэбит. Онуоха учууталларбыт бу дьарыктар биһиэхэ интэриэһинэй, туһалаах буоллуннар диэр анал кинигэ, үлэлиир тэтэрээт оҥорбуттара.
Биһиги оскуолабыт агро-хайысхатынан олус интэриэһинэй дьарыктаахпыт. Көтөрдөрү, мүөттээх ыҥырыаны, сылгыны иитэбит. Көтөрдөрү кыһынын инкубаторга таһааран бүөбэйдиибит, сайынын оскуолабыт Тураахтаах диэн алааһыгар төлөһүтэ улаатыннарабыт. Ол туһунан чинчийэр үлэ оҥорон араас кэмпириэнсийэлэргэ кыттабыт. Күһүн, саас буолла да, кылааһынан үлэ быраактыкатыгар көхтөөхтүк кыттабыт. Оскуолабыт фито-барыгар эмтээх от арааһын хомуйан туттарабыт, бэйэбит куурдан-хатаран атыыга бэлэмниибит. Арассаада үүннэрии, түннүк оҕуруотун тэрийии, тэпилииссэ, лааҕыр, сир-буор үлэтэ, хортуоппуй үүннэриитэ… Үлэ хара баһаам!
Бүгүн биһиги чопчу бизнес-бырайыактаах үөрэнээччилэрбит туһунан сырдатыахпытын баҕарабыт.
Оскуолабытыгар кылаастар уонна биирдиилээн үөрэнээччилэр бизнес-бырайыактары оҥорон ситиһиилээхтик олоххо киллэрэллэр. Сылын аайы предпринимательсто олимпиадаларыгар, норуоттар икки ардыларынааҕы, дойду таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ, күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар.
Биир бастакынан билиһиннэриэхпитин баҕарабыт — убайдыы бырааттыы Аман уонна Дархан Жирковтары.
Кинилэр бизнес-бырайыактааһынынан дьарыктаммыттара номнуо төрдүс сылыгар барда. 10 «б» кылаас үөрэнээччитэ Аман бэйэ дьарыктаах буолуутугар (самозанятость) сокуонунан суруйтаран үлэлиир-хамсыыр. Оттон мүөттээх ыҥырыаны иитэрин таһынан, бэйэ мүөтүттэн бородууксуйа оҥорон таһаарар Дархан Жирков 9 кылааска үөрэнэр. Салайааччылара – география учуутала Валентина Жиркова. Уолаттар бырайыактарын туһунан бу курдук сэһэргииллэр:
Аман: — Бизнес-бырайыагым «Порадуй питомца» диэн ааттаах. Маҕаһыыннарга дьиэ кыылларыгар аналлаах соҕуруу дойдуга оҥоһуллубут хотуобай астары балай эмэ ыарахан сыанаҕа атыылыыллар. Ону бэйэ бородууксуйатынан солбуйар кэм кэллэ диэн санааттан бу бырайыакпын саҕалаабытым. Аҕабын кытары эт эрбэтэ сылдьан, эт тобох эпиилкэтиттэн тугу эмит оҥорон таһаарыахха сөп эбит диэн санаа үөскээбитэ. Ол түмүгэр, эт эпиилкэтин хомуйан, куоскаларга аналлаах убаҕас ас, ыттарга – бэчиэнньэ буһарбытым. Маҥнай бэйэм ыттарбар сиэтэн көбүтүм – олус сөбүлээбиттэрэ. Ол иһин салгыы атыыга таһаарбытым. Куоскалар астарын убаҕас гына буһарабын. Ыт аһын хатыар диэри духуопкаҕа астыыбын уонна гермитичнэй хахха угабын. Дьон-сэргэ олус биһирээн атыылаһар. Сыаната да удамыр. Ааспыт сылтан регистрацияланан бэйэ дьарыктаах урбаанньыт буолбутум. Тус урбаанньыттан нолуогун бырыһыана кыра. Чэпчэтиилээх каарта биэрэллэр, онон нолуогуҥ аҥарын толунаҕын.
Дархан: — «Дархан мүөт» диэн бизнес-бырайыактаахпын. Мүөттээх ыҥырыалары иитэммин мүөттэрин атыылыыбын уонна бородууксуйа оҥоробун. Үлэм бастакы сылыгар үс мүөттээх ыҥырыа ыалын ылан ииппиппит. Биир ыалтан 20-тэн тахса киилэ мүөтү ылбыппыт. Иккис сылбытыгар биэс ыалы иитэн отуттуу киилэ мүөт ылбыппыт. Ыҥырыаларбытын Башкирияттан сакаастыыбыт. Бэйэбит алааспытыгар сайылатабыт, көрөбүт-истэбит.
Мүөттээх ыҥырыалар дьон курдук дьиэ кэргэннээх буолаллар, тус-туһунан эбээһинэстээхтэр. Биир ыалга 3000 тахса үлэһит, 1 төрүүр-ууһуур маатка уонна 500 трутень баар буолар. Маатка биир күҥҥэ 20-тэн тахса личинка таһаарар. Үлэһит тигээйи 4 араастаах: ньээҥкэ, харабыл, ыраастааччы уонна хомуйааччы. Ыҥырыа төһө мүөтү оҥорбута дьыл туругуттан тутулуктаах, итиини тулуйбакка 37-40 кыраадыска өлөн бараллар.
Логотиппын үлэһит ыҥырыа оҥорбутум. Билиҥҥи бородууксуйабар мүөт, буоскаттан оҥоһуллубут уонна оттоох чүмэчилэр, сыт таһаарар саше, мүөттээх сакалаат, мүөттээх кэмпиэт, забрус, мерва киирэллэр. Бу бырайыакпынан чинчийэр үлэ кэмпириэнсийэлэригэр ситиһиилээхтик кыттабын. Мин санаабар билиҥҥи кэмҥэ бизнес-бырайыактаах буолар олус туһалаах, интэриэһиргиир дьыалаҕынан дьарыктанарыҥ таһынан дохуот киллэринэҕин.
Орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ эмиэ бизнес-бырайыак оҥорон ситиһиилээхтик үлэлэтэллэр. Кинилэртэн биир ураты бырайыактаах үөрэнээччинэн Айтал Николаев буолар.
Кини 6 «б»кылааска үөрэнэр. Айтал өрөмүөннээһин өҥөтүнэн дьарыктанар. Салайааччыта – биология учуутала Анна Степанова Айтан бырайыагын туһунан бу курдук сиһилии кэпсиир:
— Мин бизнес-бырайыагым «Светодиоднай лаампалары өрөмүөннээһин» диэн буолар. Бырайыакпынан ис сүрэхпиттэн интэриэһиргээн дьарыктанабын. Өҥө бу көрүҥэр үөрэнэргэ, лаампа туохтан турарын, хайдах быһыылаахтык сырдыгы биэрэрин билиэххин наада. Светодиоднай лаампа светодиодтан, рассеивательтан, драйвертан, проводниктан турар. Өрөмүөннүүргэ бастаан светодиодтарга умайбыт хара бээтинэни булан, аргыый быһаҕынан ыраастыыгын, онтон пояльникка олово уулларан светодиокка сыһыараҕын. Светодиодтар биир утары эрэ сиргэ тыгаллар, рассеиватель сырдыгы киэҥ сиргэ биэрэргэ көмөлөһөр. Радиатор лаампаны күүһүрдэтэр. Лаампа өр баҕайы холбонноҕуна, эбэтэр эмискэ уот бардаҕына, алдьанар. Биир лаампаны онорорбор 25-50 солк. өрөмүөннүүбүн, сылга 10 000 солк. курдук дохуоттанабын.
Тамара Сыдыкбекова бизнес-бырайыагын иккис сылын үлэлэтэр.
Кини 5-с кылаас үөрэнээччитэ, бырайыагын 4-с кылаастан саҕалаабыт. Тамара үлэтин туһунан бу курдук сырдатар:
— Мин бырайыагым «Элбэхтик туһаныллар салпыакка – стрейч бүлүөҥкэ оннугар» диэн ааттаах. Айылҕаны, тулалыыр эйгэбитин харыстыыр санааттан үөскээбитэ. Дьон-сэргэ аһы суулуурга поэтилентан оҥоһуллубут бакыаты, бүдүөҥкэни күн аайы туһанар. Бу бакыат быраҕылыннаҕына уонунан сылынан симэлийбэккэ айылҕаны буортулуу сытар. Ол иһин бородууктаны буортуйбатын, куурбатын-хаппатын диэн дьиэҕэ суулаан уурарга аналлаах элбэхтик туһаныллар салпыакка бырайыагын толкуйдаатым. Салпыаккаларым бээс матырыйааллаахтар, мүөт буоскатыгар уулларан оҥоробун. Ас пуорматын ылынар, халыҥ быһыылаахтар. Сууйулуннахтарына састааптарын сүтэрбэттэр, хаста баҕарар туһаныахха син. Бу салпыаккаларга килиэби, оҕуруот аһын, фруктаны суулаан уурарга олус табыгастаахтар. Дьон-сэргэ бородууксуйабын олус сэргээтэ. Үгүс сакаас киирэр. Бизнес-бырайыактаах буолар киһи толкуйдуу, була-тала, дьон иннигэр саҥара үөрэнэригэр олус туһалаах.
Бу курдук, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ оскуолаҕа сүрүн үөрэҕи таһынан туһалаах сатабылларга үөрэнэбит.
Юлия КИРИЛЛИНА, Саина ЛОНГИНОВА,
10 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ, «Мэҥэбил» пресс-киин.