Билигин оҕо кыра эрдэҕиттэн билбэтэҕин билэн, көрбөтөҕүн көрөн, оҥорботоҕун оҥорон элбэҕи ситиһэр кыахтанна. Билиҥҥи олохпут хаамыытын тэтимэ олус түргэн, ким сыаллаах, ким элбэх билиилээх, ким элбэхтэ сүүрэр-көтөр, үлэлиир, бэйэтин сайыннарар, кыһаллар, ол ураты өйдөөх-санаалаах, толкуйдаах, икки атаҕар бигэтик турар аныгы ыччат ахсааныгар киирэр.
13 саастаах Каролина Шараборина икки остуол оонньуутун ааптара. Аан маҥнайгы ааптарыскай оонньуутун «Мамонтовый лабиринт» 2017 с. Арассыыйатааҕы ааптарыскай уопсастыбаҕа бигэргэппитэ. Иккис «Олоҥхо эйгэтэ’ диэн остуол оонньуутун хос эһэтин «Батыйа Бэрт бухатыыр» олоҥхотун матыыбынан оҥорон таһаарбыта уонна быйыл Роспатеҥҥа бигэргэттэ.
Манна эттэххэ, Каролина эһэтэ Олоҥхо дойдута — Сунтаар сириттэн төрдүлээх Владимир Дмитриевич Данилов-Бэһэлэйдээх Болуодьа олоҥхоһут, оһуокайдьыт, алгысчыт быһыытынан биллэр. 2013 сыллаахха саха фольклоругар «Сыл бастыҥ киһитэ» ааты сүкпүтэ. Владимир Дмитриевич үс үйэлээх олоҥхотун сэттэ сыл курдук суруйан бүтэрбитэ, икки кинигэнэн бэчээттэппитэ. Олоҥхото холбоон 13600 устуруокалаах. Маны таһынан кини милииссийэ мойуора.
Ол да иһин буолуо, сиэнэ кыыс сыдьаана тардан, олоҥхону кыра эрдэҕиттэн сэҥээрэр буолбута, манна эһээтин такайыыта, сүбэтэ-амата сыттаҕа. Каролина Нина Алексеева аатынан техническэй лиссиэйгэ 7 кылааска үөрэнэр.
Мин Каролинаны кытары кини оонньууларын, интэриэһин, сөбүлүүр дьарыгын туһунан кэпсэтиибитин таһаарабын:
— Бу оонньуу эһээм суруйбут «Батыйа Бэрт бухатыыр» олоҥхотун матыыбыгар олоҕуран оҥоһулунна. Оонньууга олоҥхоҕо буоларын курдук, үрүҥ уонна хара айыылар күөн көрсүһүүлэрэ, үтүө уонна мөкү тыын хапсыһыыта көстөр. Бу манна 32 олоҥхо дьоруойдара уруһуйдаммыт каарталарынан иккиттэн үөһэ киһилээх оонньуохха сөп. Оонньуох иннинэ, быраабыланы ааҕаргыт ирдэнэр. Мин бу оонньуубун оҕо кыра сааһыттан олоҥхону билэ, олоҥхо тыынын иҥэринэ улааттын диэн оҥорон таһаарбытым.
Онтон иккис остуолум оонньуута «Мамонтовый лабиринт» диэн. Бу оонньууга кыра оҕолор 5 саастарыттан оонньуохтарын сөп. Үс кыра сэлии оҕолоро Ньургун Боотур, Юка-Куо, Бэргэн бааллар. Кинилэр фигураларынан биһиги лабирины ааһыахтаахпыт. Ол аата оонньууга икки эбэтэр үс буолан оонньуохха сөп. Эмиэ олус интэриэһинэй, оҕолорго сэлии туһунан элбэҕи үөрэтэр, билэр оонньуу.
Мин санаабар, остуол оонньуута оҕолорго гаджеттары солбуйуохтаах. Ол иһин дьиэ кэргэнинэн остуол оонньуутунан дьарыктаныҥ, оонньооҥ, оҕолоргут интэриэһин тардыҥ, өйдөрүн-санааларын гаджеттан, социальнай ситимнэртэн аралдьытыҥ. Остуол оонньуута, мин санаабар, дьиэ кэргэни сомоҕолуур. Киэһээ аайы оҕолоргутун кытары мустан оонньоотоххутуна, бириэмэҕитин олус туһалаахтык атаарыаххыт дии саныыбын.
Мин саха оҕото сахалыы саҥарарын таһынан, сахалыы куттаах буоларыгар баҕарабын. Ол да иһин бу сахалыы тыыннаах оонньуулары оҥорон киэҥ араҥаҕа тарҕатабын. Мин икки тылынан толкуйдуубун. Сахалыы эйгэлээх сиргэ уу сахалыы саҥарар дьон ортотугар тиийдэхпинэ, сахалыы эрэ саҥарабын. Саха тыла — саамай кэрэ, баай, күүстээх. Саха култууратын олус интэриэһиргиибин, үөрэтэбин. Саха хомуһунан оонньуубун, саха тыйаатырыгар астына-дуоһуйа сылдьабын, саха ырыатын, үҥкүүтүн уонна инструменнарын интэриэһиргиибин.
Каролина барыны-бары кыра сааһыттан интэриэһиргиир: омук тылын үөрэтэр, үҥкүүгэ сылдьар, хомустуур, оҕуруонан тиһэр, науканан дьарыктанар («Инникигэ хардыы» НПК хас да төгүллээх призера), айылҕаны чинчийэр. Инникитин кини идиэйэтэ, былаана элбэх, онно төһүү күүс буолаллар, биллэн турар, кини төрөппүттэрэ.
Айар дьоҕурдаах талааннаах Каролинаҕа инникитин кэскиллээх бырайыактары, үрдүктэн-үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт, өрүү кыайыы үктэллээх буол диэн алгыыбыт! Сахабыт сирин киэҥ сиргэ, киэҥ аартыкка ааттата, туругурда тур!
Каролина Шараборина, кини оонньууларын туһунан өссө сиһилии билиэххин баҕарар буоллаххына Инстаграмҥа lilikuo.ykt билсиэххин сөп.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.