Бэҕэһээ дифтоннары хоһооннорунан үөрэппит буоллахпытына, бүгүн аһаҕас дорҕооннору үөрэтэбит. Хоһооннорбут ааптардара — Мусьяна Сосина, оҕо суруйааччыта. Саҥара илик оҕоҕо аан бастаан бу маннык кэрчик хоһооннорунан буукубалары билиһиннэрэн, оҕо тылын-өһүн сайыннарыахха сөп.
Сахалыы ааҕыҥ, оҕолоргутугар сахалыы хоһооннору, ырыалары үөрэтиҥ!
Аһаҕас дорҕооннор
Мусьяна Сосина
Аа
Алгыстаах алаадьы
Аҕабар астыыбын,
Арыылаах алаадьы
Амтанын таптыыбын.
Ии
Илиммин бэрийиэм,
Илиибин сэрэниэм,
Инчэҕэй илиммит
Иҥнибит да эбит.
Оо
Оҥоойукпун ыламмын
Отон үргүү барыаҕым,
Оргууй үөмэ хаамаммын
Отоннорбун талыаҕым.
Өө
Өрөбүлгэ Өрүүнэ
Өтүүгүн холбоото,
Таҥас бөҕө өтүүктээтэ,
Үлэ бөҕө үлэлээтэ.
Уу
Улахан улар кэллэ,
Кутуругун саратта,
Уйатыттан көҥөнөн
Кыһыл хааһын хамсатта.
Үү
Үрүмэччи оһуорун
Үтүлүкпэр тиһэбин,
Сайын үтүө көстүүтүн
Үйэтитэ тигэбин.
Ыы
Ый тахсан халлаантан
Ыллыгы сырдаппыт,
Ыт көрөн ымсыырбыт
Ыйылаан ытаабыт.
Ээ
Эдик уол эһээтинээн
Эмэх маһы эрбээбит,
Эрбии тииһэ сытыы буолан
Элбэх мас эрбэммит.
2022 сыл.