Оҕо холбоһуктара кыттыҥ!
Пионерия эстибитин кэннэ, Оҕо түмсүүлэрин холбоһуга диэн баар буолбута. Бу хамсааһын төрүттэммитэ быйыл 25 сылын туолла. Онон сибээстээн, итиэннэ Ыччат сылынан, ону таһынан Ил Дархан 2012 с. ахсынньы 14 күнүнээҕи Ыйааҕын «Дети – участники стратегии» диэн балаһыанньатыгар олоҕуран, «Дьулуур» оҕо биир сомоҕо хамсааһына «Ил Дархан 7 сорудаҕа» диэн марафону биллэрэр.
«Дьулуур» оҕо биир сомоҕо хамсааһынын бэрэссэдээтэлэ Геннадий Охлопков:
– Бу марафон оҕо түмсүүлэрин биир ситимнээхтик үлэлэтэр, «Дьулуур» тула түмэр, барыларын сомоҕолуур, итиэннэ бастыҥнары быһаарар соруктаах ыытыллар.
Оҕо биир сомоҕо хамсааһына тэриллибитэ 4 сыл буолла. Онон быстах маассабай тэрээһиннэртэн үйэлээх, суолталаах, көдьүүстээх бырайыактарга ылсар кэм уолдьаста.
Биһиги, тэрийээччилэр, эрэнэбит – өрөспүүбүлүкэ оҕолорун түмсүүлэрэ көхтөөхтүк кыттыахтара, «Ил Дархан 7 сорудаҕа» хас оскуола аайы толоруллуо.
Сыала: олоххо дьулуурдаах, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх, дойдутун сайыннарарга бэлэмнээх, патриоттуу санаалаах, айар-тутар, үлэлиир баҕалаах ыччаты иитэн таһаарыы.
Соруктара:
– оҕолор өрөспүүбүлүкэлэрин туһугар билиҥҥиттэн кыһалла улааталларын ситиһии, бэйэлэрин баҕа санааларын олоххо киллэрэллэригэр көмөлөһүү;
– кыһамньылаах, доҕордуу сыһыаннаах, кыаммакка, кыаллыбакка болҕомтолоох буолууга уһуйуу;
– оҕо түмсүүлэрин үлэлэрин уопуттарын атастаһалларыгар, тарҕаталларыгар усулуобуйаны тэрийии;
– оҕо түмсүүлэрин сүрүннээһин, өйөөһүн, салайааччыларын, лидердэрин үөрэттэрии;
– СӨ историятын уонна култууратын баайын харыстааһын, элбэтии;
– саҥа технологияны, ураты ньыманы, сонун уопуту, аныгылыы идиэйэлэри туһаныы.
Тэрийээччилэр: СӨ Ил Дархана, Бырабыыталыстыбата, Ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн политикатыгар министиэристибэтэ, Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ, «Дьулуур» оҕо биир сомоҕо хамсааһына.
Кытталлар: оҕо бөлөхтөрө, түмсүүлэрэ, холбоһуктара, тэрилтэлэрэ.
Ыытыллар болдьоҕо: 2017 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн 2018 сыл ыам ыйын 30 күнүгэр диэри.
Ирдэбилэ: кыттааччылар сайаапкаҕытын бу маннык (1 №-дээх сыһыарыыны көр) киэбинэн толороҕут. Сахалыы эбэтэр нууччалыы тылынан.
– Ыыппыт үлэҕит төннүбэт уонна ырытыллыбат.
– Сэттэ сорудахтан биирин эмэ оҥорботох буоллаххытына, эһиги үлэҕитин көрбөттөр.
– Сорудахтары толоруу хаамыытын хаһыакка, тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа төһө кыалларынан сырдата, кэпсии туруохтааххыт. Ол туһунан отчуоккутугар киллэрэҕит.
– Ити сайаапкаҕытыгар биир да ааты-суолу (дьон, тэрилтэ, түмсүү, хаһыат, о.д.а), аадырыһы кылгатан суруйбаккыт. Хас киһи эһиги дэриэбинэҕитигэр/куораккытыгар олорорун туһунан ыспыраапканы кыбытаҕыт.
Анисия ИЕВЛЕВА.
Сорудахтары бүгүн тахсыбыт «КЭСКИЛ» хаһыат 41 №-гэр (2-3 балаһаларга) ааҕыҥ.