Таҥха – тохсунньу ыйыгар буолар кэм. Бу кэмҥэ былыр-былыргыттан дьон туох буоларын билиэххэ сөп диэн итэҕэйэн, холобур, түөрэҕи быраҕаллара. Былыр түөрэх быраҕыы улаханнык тэнийбит эбит. Бараһыайдыыр киһи тугу эмэ ыйытан баран ньуосканы, бэргэһэни, үтүлүгү, сүөһү алын сыҥааҕын, о.д.а. үөһэ быраҕар. Ити мал-сал умса эбэтэр олоро түһэринэн инники дьылҕаларын билгэлииллэрэ. Холобур, ньуосканы үөһэ быраҕан баран: «Бу сырыыга булпар баартаах буоллахпына, түөрэҕим олоро түс, оттон тыаттан кураанах эргиллэр буоллахпына, түҥнэри түс», – дииллэр. Ньуоска умса түстэҕинэ, табыллыбат бэлиэнэн ааҕыллар, таайааччылар «былаҕай» диэн саҥа таһаараллар, оттон ньуоска аһыыр өттүнэн үөһэ көрөн түстэҕинэ, үчүгэйи билгэлиир, оччоҕо дьон үөрэн, «туску!» диэн саҥа аллайаллар.
Тымныы туманы кытта…киирбитэ
Бу түбэлтэ син өрдөөҕүтэ буолбута. Мин оччолорго саҥа армияттан кэлэ сылдьар кэмим. Биһиги, эдэр ыччат, кыһын тохсунньу ыйын ортото эргэ спортсаалаҕа мустан аһыыр,ону-маны сэлэһэр буоларбыт. Оннук түүннэри олорор идэлээх этибит. Дьэ, арай биир киэһэ мустан: “Бүлүүһэ сүүрдүөххэ”, – дэстибит. Болдьоспут бириэмэбитигэр дьонум кэллилэр, икки кыыс, түөрт уол буоллубут. Сүүрдэр бириэмэ кэлбитигэр, маҥнай көр-күлүү буолан, табыллыбата быһыылаах, онтон аҕа саастаах табаарыспыт буойан, дьэ, чуумпуран, хаттаан сүүртүбүт. Дьэ, доҕоор, бүлүүһэбит биир кэм тилигирээн олорбот дуо, бары уолуйбут, куттаммыт курдукпут да, тохтуур кыах суох. Ону-маны ыйытыахпытын да куттанар буоллубут, ол эрээри кыргыттар ыйыталлар. Онтон бырастыылаһыахха диэн буолла… Арай… тас ааны тоҥсуйан лүһүгүрэттилэр, бары хараҥаҕа аан диэки көрө түстүбүт. Ким да саҥарбат, кыра чүмэчи уота эрэ кылайар, тоҥсуур тохтообот.
«Ээ, баҕар ким эрэ кэлбитэ буолуо”, – дэстибит, мин уонна биир уол буолан ааҥҥа тиийэн: “Кимҥиний?”, – диэн ыйыттыбыт. Арай ким да саҥарбат. Мин аан хатыырын төлө тутаат, ааны арыйа биэрээт, өҥөйөн көрдүм – туох да баара көстүбэт… Ол курдук ааны хатаабакка, миэстэбитигэр олорон эрдэхпитинэ, эмискэ тас ааммыт тэлэллэ түстэ да, тымныы туман бөҕө устан киирдэ. Ол быыһыгар, киһи күлүгэ киирдэ уонна хос диэки ааһан хаалла. Дьэ биһиги сирэйбит-харахпыт дьэбин уоһуйда. Бүлүүһэ эрэ, туох эрэ – бары ыксаан, аан диэки былдьастыбыт. Ити кэннэ дьүүллэнэ сылдьыбыппыт: спортсааланы тоҥоро сыспыккыт, түүн бүлүүһэ сүүрдүбүккүт диэн… Ол көрбүппүтүн маҥнай утаа кистии сылдьыбыппыт, онтон кэлин дьоҥҥо кэпсээбиппитин, улаханнык итэҕэйбэтэхтэрэ. Сүүрдүбүт дьонтон билигин түөрдэ анараа дойдуга аттаммттара.
Кириэс мас сэтэ
Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола оҕолоро ферма үлэһиттэрин солбуйа үлэлии тахсыбыттар. Оччотооҕу онус кылаас оҕолоро инникини билээри, үлэлээн бүтэн, дьэ, таҥхалыырга санаммыттар, түүннэри бүлүүһэ сүүрдүбүттэр. Алеша уол пионер, сэбиэскэй былаас патриота: “Абааһыны, иччини адьас итэҕэйбэппин, барыта сымыйа, ити бүлүүһэни ким эрэ анньар”, – диэн күлүү гыммыт. Ол итинник ааһар.
Арай Алеша сүллүкүүттэр ойбоҥҥо төттөрү киирэр кэмнэригэр, хантан истибитэ буолла, абааһы тэтиҥ мастан куттанар диэни билэн, фермаҕа сүөһү уулуур күөлүгэр киирэн, тэтиҥ маһынан кириэс оҥорон, сүөһү уулуур ойбонун үрдүгэр ууран кэбиһэр.
Саҥа дьыллааҕы сүпсүлгэн бүтэр, үлэ, олох салҕанар. Арай күн тура-тура ферма хотонун ынахтара биир-биир өлүтэлээн барбыттар. Бэтэринээрдэри аҕалан көрдөрө сатаабыттар даҕаны, туһа тахсыбатах. Биир түүн ферма сайылыгын олохтооҕо Сергей диэн саас ортолоох киһи түһээтэҕинэ, түүлээх дьон кэлэн этэллэр үһү: «Айыы дьоно сиэри-туому тутуспат буолбуккут, сыл ахсын таҥха кэмигэр аллараа дойдуттан тахсан, Орто дойду дьоно хайдах олороргутун, инники дьылҕаҕытын өтө көрө, кэпсии кэлбиппитин аанньа ахтыбаккаҕыт, киирэр күммүт кэлбитигэр ааммытын тэтиҥ маһынан кириэстии бүөлээҥҥит, сир-дойду икки ардыгар хаалларан кэбистигит. Аһыыр аспыт суох буолан, сүөһүлэргитин сиибит. Утуйар уубут көтөн, оҕолорбут, урууларбыт айманан, бу эйиэхэ көрдөһүүлээх кэлэн турабыт”. Ол үлүгэрдээҕи түһээн, Сергей уһуктан кэлэр уонна сарсыҥҥы күнүгэр дьоҥҥо кэпсиир. Били Алеша тэтиҥ маһынан сүөһү уулуур ойбонун бүөлээбитэ биллэн тахсар. Кырдьаҕас оҕонньору ыҥыран, ойбон аттыгар кутаа уоту отуннаран, ферматтан кулун оҕуһун аҕалтаран, хаан тохторор, уоту аһатар, айах тутан ааттаһар.
Сүөһү өлүүтэ тохтообут. Ол эрээри, ити сыл күһүнүгэр били Алеша ол күөлгэ ууга түһэн былдьаммыт…
“Хаһан даҕаны таҥхалаама!”
Чурапчы улууһун биир түгэх турар нэһилиэгэр доҕордуулар мустан таҥхалыырга санаммыттар. Кыргыттар: “Хаартылыахха, кинигэнэн ааҕыахха”, – диэн уолаттарын бүлүүһэ сүүрдэртэн тохтото сатаабыттар. Уолаттар ону ылыныахтара дуо, хап-сабар кумааҕыга буукубалары суруйан, уруһуйдаан барбыттар. Төһө даҕаны куттанналлар, дэриэбинэлэригэр соторутааҕыта бэйэтигэр тиийинэн өлбүт эр киһини ыҥырбыттар. “Киһилэрэ” кэлэн, интэриэһиргиир ыйытыктарыгар хоруйдаан испит, онтон биир уолга кэлэн: “Эн аны хаһан даҕаны таҥхалаама, таҥхалыаҥ даҕаны бэйэҥ бэйэҕиттэн кэмсиниэҥ”, – диэн буукубалары кэчигирэтэн кэбиспит. Уҥуохтара халыр босхо барыар диэри куттаммыт оҕолор таҥхалаан бүппүттэр. Кэлин бу уол: “Ол кэмтэн ыла хаһан даҕаны таҥхалаабатаҕым, сэтэ-сэлээнэ ынырыга буолуо, оонньообуппут оҕус буолуо, куттанабын”, – диэн кэпсээн турардаах.
Интэриниэт ситимиттэн