Саха дьоно-сэргэтэ ытыктыыр бөлүһүөкпүт Виктор Данилович Михайлов этэн хаалларбыт ыллыктаах санаалара толкуйдатар өрүттэрэ олус киэҥ, дириҥ.
Быйыл тохсунньу 23 күнүгэр саха араадьыйатын «Аартык» биэриитигэр (редактор Татьяна Степанова, режиссер Ольга Степанова) Виктор Данилович аймахтаһыы, уруурҕаһыы, ыалдьыттаһыы туһунан санааларын утаппыттыы олорон иһиттибит. Ытык киһибитин олус да суохтаабыппыт!…
В.Д. Михайлов «Кэскил» о5о бэчээтин үлэһиттэрин кытта, 2019 с.
Үүнэн-үрдээн иһэр оҕолорбутугар, кинилэр төрөппүттэригэр, учууталларыгар сыаллаан-соруктаан, Виктор Данилович бэйэтэ этэрин курдук, «түүлээх холбукаҕытыгар хаппахчылааҥ» диэн сурукка тиһэбит. Ааҕыҥ, толкуйдааҥ, оҕону, дьиэ кэргэни кытта үлэҕитигэр, олоххутугар туһаныҥ!
Виктор Данилович Михайлов ыллыктаах санаалара
Саха араадьыйатын пуондатыттан
Урут оҕолор нэһилиэккэ туох буолбутун күнүнэн билэллэрэ. Оннооҕор хайа ыал ынаҕа төрөөбүтүн, куоската, ыта төрөөбүтүн билэллэр этэ.
Билигин буоллаҕына, ыалларын аатын-суолун, төһө сүөһүлээҕин-астааҕын билиэхтээҕэр дьиэ кэргэннэрэ кимнээҕин билбэттэр, ааттарын даҕаны билбэттэр.
Ону биһиги хайдах эрэ араҥаччылыыр-харыстыыр курдукпут. Урут кыра оҕо сорукка сылдьар этэ. «Оҕо атаҕа – ыт атаҕа» диэн өйдөбүл баар этэ. Тыа сиригэр былыр-былыргыттан баччааҥҥа диэри ылсыы-бэрсии, ыалдьыттаһыы үгэһэ баар.
Холобур, аҕа бултаан кэллэҕинэ, булдуттан ыалларын, аймахтарын матарбат, барыларыгар өлүүлүүр, Байанай антах хайыһыаҕа, Байанай хомойуоҕа диэн. Балыктыыр буоллаҕына, балыгыттан барытыттан бэрсэр, өлүүлүүр. Дьэ, ону тарҕатааччы, тиэрдээччи кыра оҕо буолар этэ.
Норуот педагогикатыгар Көстөкүүн Спиридонович Чиряев Ороһу музейыгар итиннэ сыалай хоһу анаабыта. Бу ыаллаһан олоруу, аймахтаһыы, уруурҕаһыы, аймах педагогиката, ыаллаһан олоруу педагогиката диэн буолар. Ону барытын киллэрэн ырыппыт этэ.
Билигин онтукабыт тыа сиригэр мөлтүү быһыытыйан эрэ. Үгүс өттүгэр туох эрэ кэһиини ыытыах буоллахтарына, улахан киһини ыыталлар. Эбээлэрин, эһэлэрин ыыталлар. “Дьэ, бокуойдаах киһи эн баар, оҕону бу тымныыга ыытымаҥ, ыт ытырыаҕа, итирик мэһэйдиэҕэ, дьээбэлиэхтэрэ-хооболуохтара, кыайан тиийиэ суоҕа” диэн онон-манан матыыптааннар оҕону онно сырытыннарбаттар. Ол аата бу оҕо ыалларын билэ-көрө улааппат.
Оҕо кэһии аҕаллаҕына, бэлэхтэппит, күндүлэппит дьонноро үөрэллэр-көтөллөр, астыналлар, оҕону хайгыыллар. Кини өҥөтүн курдук буолар. Өссө манньа биэрэллэр. Имэрийэллэр. Сыллаан ылаллар. Хайгыыллар. Уонна үчүгэй харахтарынан көрөллөр.
Оҕо кэһии илтэҕинэ, бу дьоннор үөрбүт сирэйдэрин-харахтарын көрө үөрэнэр. Онон сүрдээҕин астынар. Улуу дьоннорбут Алампалаах Өксөкүлээх эппиттэрэ ээ – “бу үөрбүт киһи сирэйин-хараҕын курдук үчүгэйи көрбөтөхпүт” диэн.
Онон дьоҥҥо үтүөнү оҥоро сатыыр баҕата кыра оҕоҕо киирэр. Мин үчүгэйи оҥордохпуна, туох эрэ үчүгэйи аҕаллахпына, дьоннор үөрбүт сирэйдэрин-харахтарын көрөр курдук үчүгэй суох эбит ээ диэн. Итинтэн биһиги оҕону матаран эрэбит. Оҕону соруйбат буоллубут, итинник дьыалаттан олох арааран кэбистибит. Онон бу оҕо күндүркэтэрэ суох буолла. Кими да билбэт. Ол иһин тыа сиригэр тардыстыбат, тыа сиригэр олохсуйуон да баҕарбат.
Аны урут сурук суруйар буоллахпытына, аймахтарбытыгар, ыалларбытыгар доҕотторбутугар, табаарыстарбытыгар, билэр дьоннорбутугар – барыларыгар «бирибиэт» ыытар этибит. Онтон биһиэхэ билигин дорооболоһуохтааҕар түҥнэри көтөн ааспатахтарына баһыыба. Улахан киһи диэни улаханнык баардыы гыммат буоллулар. Итиннэ улахан проблема үөскээтэ. Дьиэ кэргэнтэн саҕалаан тыа оскуолаларыгар оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ итиннэ болҕомтону ууруохха наада эбит диэн толкуйга кэлэн сылдьабын.
#кэскиллээхолоххобэлэм буол
Бэлэмнээтэ Сардаана МАТВЕЕВА.