Бүгүн, тохсунньу 25 күнүгэр, олус истиҥ эдэр ыччат, устудьуон аймах бырааһынньыга — Арассыыйа устудьуоннарын күнэ бэлиэтэнэр. Хас биирдии киһи олоҕор устудьуоннаабыт кэмнэрэ саамай күндү, умнуллубат буолар.
Бу бэлиэ түгэни мүччү туппакка, өрөспүүбүлүкэ оҕо медиакииннэрин салайааччыларын кытары устудьуоннаабыт кэмнэрин туһунан кэпсэттибит. Бастакы ыалдьыппыт — Хотун Бүлүү улууһун “Репортер” медиакиин уонна Н.И. Протопопова аатынан «Оҕо айар-тобулар дьоҕурун сайыннарар «Кэскил»» киин салайааччыта Кыдана Дорофеева олоҕун саамай умнуллубат кэрэ кэмнэрин ахтан-санаан ааһар уонна биир көрдөөх түгэни кэпсээн аһарда:
— 80 – с сылларга Дьокуускайдааҕы университет педагогическай факультетын начаалынай үөрэҕириитин уонна индустриально-педагогическай салаатын устудьуоннара педагогическай училище уопсайыгар олорбуппут. Бу уопсай үһүс уонна төрдүс этээһин бараан олорорбут. Уопсайбыт бэрээдэгин студенческай сэбиэт көрөрө-истэрэ. Манна үксүн ИПО-лар улахан куурсун уолаттара бааллара.
Биһиэхэ, саҥа үөрэххэ киирбит, устудьуон олоҕун амтанын саҥардыы билэн эрэр оҕолорго барыта сонун, астык курдуга. Бу санаатахха, кыараҕастык да олорбут эбиппит: кып-кыра хоско 8 буолан олорбуппут. Орону яруһунан уурары бобон кэбиспиттэрэ, инньэ гынан сорох ороҥҥо, сорох хомуллар ороҥҥо-раскладушкаҕа, сорох, оннооҕор, муостаҕа утуйара. Ону график оҥостон атастаһа сылдьан утуйарбыт. Аны туалеппыт барыта уопсай, субу-субу бүөлэнэр, оччоҕо Ярославскай аатынан музей туалетыгар сүүрэбит. Ону ол диэбэккэ, сор дьоллоохтук олорор этибит, санаабытыгар.
Уопсайбыт хоһугар
19 корпус иннигэр
Аны биһиги хоспут уопсайбыт читальнай саалатын утары турара. Онно устудьуоннар уруок аахталлара. Сессия саҕаланнаҕына түүннэри олороллоро. Буолумуна, кыараҕас хоско дьарыктанар усулуобуйа диэн суох буоллаҕа. Бииргэ хоско олорор кыыһым, оччотооҕу саамай дьүөгэм, Любушка гитараҕа олус үчүгэйдик оонньуура. Онно ымсыыран тырыыҥкалыы сатаабытым да, миэхэ оннук талаан бэриллибэтэх этэ. Дьэ, хата, ыллыырым. Киэһэ аайы биһиги хоспутугар ыллыан баҕалаахтар мустар буолбуппут. Уонна гитаранан доҕуһуоллатан хаһыытыы-хаһыытыы, ыллаа да ыллаа! Олох ис дууһаттан иэйэн-куойан туран. Хойукка диэри ыллыыр этибит, бириэмэ олох биллибэккэ ааһааччы. Арай биирдэ ыллыы олордохпутуна, ааммытын тоҥсуйдулар да, биир уол баар буола түстэ уонна ыйытта: “Чаһы хас буолла?”. Бары үөрэ-көтө чаас хас буолбутун этээччи буоллубут. Түүн этэ. Киһибит арай кыыһыран турда: “Тоҕо баччааҥҥа диэри утуйбакка, дьоҥҥо уруок аахтарга мэһэйдиигит?”, — диэтэ. Бары үрүө-тараа ыстанныбыт. Онтон алаараа этээскэ мустар буолбуппут, гитарабытын туппутунан.
Инньэ гынан, студсоветка мөҕүллүбүппүт элбэх этэ. Саас уопсайга буолар аттестацияҕа элбэхтэ «замечание» ылбыппыт. Хата, маладьыастарыҥ, ол-бу куһаҕан кэмэлдьиттэн буолбатах: түүн ыллаан эбэтэр уопсайга хойутаан игин диэн буолааччы.
Уопсайбытыгар баян киэһэлэрэ
Онтон бу кэлиҥҥи сылларга сокуоннай саастарын ситэ или оҕолор бырааптарын көмүскүүр хамыыһыйаҕа үлэлиир бириэмэбэр элбэхтэ бэрэбиэркэҕэ, дьыала көрүллүүтүгэр сылдьыбытым. Ол мөхпүт уолбут оскуола дириэктэрэ этэ, онно элбэхтэ бииргэ алтыспыппыт, мөҕүллүбүтэ да, хайҕаммыта да. Мунньах бириэмэтигэр, испэр, устудьуон саҕана мөҕүллүбүппүн санаан күлэн ылааччыбын.
Бары устудьуоннары уонна устудьуоннаабыт ыччаты биир бэһиэлэй, истиҥ бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлиибин!