«Касперскай лабораториятын» аналитиктара оҕолор ханнык сыһыарыыны ордороллорун быһаардылар. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр.
«Уопсай бириэмэттэн 31%-ны оҕолор YouTube видеохостиҥҥа аныыллар. Иккис миэстэ WhatsApp — 19%, үһүс миэстэ — TikTok», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
YouTube-ка оҕолор үксүгэр оонньуу контенын ордороллор. Ону таһынан музыка истэллэр уонна киинэ, мультик көрөллөр эбит.
Уопсайынан оҕо социальнай хостиннарга, ситимнэргэ бириэмэтин аныырын туох дии саныыгыт?
Бу туһунан санааҕытын биһиги электроннай аадырыспытыгар: keskilpress@mail.ru суруйан ыытаргытын күүтэбит. Оҕо-төрөппүт-учуутал тус санаатын истэрбит булгуччулаах.