Тохсунньу 17 күнэ — аан дойду үрдүнэн оҕо саҥаны айан-тутан таһаарыытын күнэ. Орто Халыма улууһун Г.Г. Софронов аатынан Өлөөкө Күөл орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ Вадим Слепцов төрөөбүт дойдутун Халыма хамсыыр харамайдарын билиһиннэрэр оонньууну Android-ка оҥорон киллэрдэ. Кини ураты үлэтин кытары бүгүн эһиэхэ билиһиннэрэр.
Үлэм сыала: төрөөбүт дойду хамныыр харамайдарын сырдатар аналлаах оонньууну Android-ка оҥоруу, киллэрии.
Үлэм соруга:
— Android-ка оҥоһуллуохтаах оонньууну конструктор киэбигэр оҥорон көрүү;
— дьону Халыма хамсыыр харамайдарын сэҥээрэллэригэр угуйаары оонньууну толкуйдааһын;
— оонньууну Play Market сыһыарыыга киллэрии;
— үөрэнээччилэр санааларын билээри, ыйытынньык оҥоруу.
Үлэм тоҕооһо:
Android-ка саҥа оонньуулары айарга төһө наадыйыы баарын конструкторга сибикилээһин, саҥа технологияны Халыма кыылларын сырдатыыга туһаныы.
Сабаҕалааһын: өскөтүн биһиги оонньууну бастаан конструкторга таҥан көрөн баран, дьон Халыма кыылларын төһө билэрин бэрэбиэркэлиэхпитин, таарыйа дьон интэриэһин күөдьүтүөхпүтүн сөп.
Үлэм сонуна: Халыма хамсыыр харамайдарыгар анаммыт маннык оонньуу Play Market-ка суох, айылла илик.
Көмпүүтэр оонньуулара ХХ үйэ иккис аҥаарыгар үөдүйбүттэрэ. Онтон ыла информационнай технология ити салаата мэлдьи сайда турбута, оттон билигин туспа индустрия буола чэчирээтэ.
Көмпүүтэр оонньуулара тииптэринэн маннык арахсаллар:
—“4 хаартыска, 1 тыл”.
— “Ойууну таай”.
— “Плиткалар”.
— “Тыллары бул”.
Биһиги “Ойууну таай” диэн тииптээх оонньууну таллыбыт. Онон оскуолабыт үөрэнээччилэрэ төрөөбүт дойдубут хамныыр харамайдарын ааттарын төһө билэллэрэ-көрөллөрө интэриэһинэй этэ.
Ойуулары хомуйан, килиэккэлэринэн уурдубут. Үлэ хаамыытынан 1-30 диэри бэриллибит инструкцияны толордубут, ол кэнниттэн оонньууну туруордубут.
Бу QR-кодунан киирэн оонньууну Play маркеттан хачайдаан ылыаххытын сөп. Эбэтэр бу ссылканан https://play.google.com/store/apps/details?id=com.saiynavinokurova.ugadaikolymskuiufaunu
Оскуолабыт үөрэнээччилэрин ортолоругар ыйытынньык оҥордубут. Онно VIII-XI кылаас үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Ол курдук, XI—12, X—5, IX—9, VIII—12 үөрэнээччи кытынна.
- “Оонньуу олус интэриэһинэй этэ” диэн бука бары хоруйдаатылар.
- “Бу иннинэ кыыллар-сүөллэр научнай ааттарын билэр этигит дуо”, ыйытыыга 92 % “суох”, 8% “билэр этибит”, диэн хоруйдаатылар.
- “Оонньуу кэнниттэн кыыллар ааттарын өйдөөн хааллыгыт дуо?”, ыйытыыга бука бары: “Оннук” диэн хардардылар.
Түмүк
XXI үйэ оҕолорун кытта кинилэр кэпсэтэр тылларынан кэпсэтиэххэ наада. Биологияҕа интэриэһи күөдьүтэр сыалтан саҥа кыахтары эмиэ туһаныахха сөп. Көмпүүтэр оонньуулара итиниэхэ көмө буолаллар. Салгыы оонньуубут рекламатын социальнай ситимнэргэ таһаарыахпыт. Инникитин саҥаттан саҥа оонньуулары айар, үөскэтэр баҕа баар.
Вадим СЛЕПЦОВ, Г.Г. Софронов аатынан
Өлөөкө Күөл орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ,
Орто Халыма улууһа.
Салайааччы Сайыына Егоровна Винокурова.