Алын сүһүөх саастаах оҕолорго маҥнайгы миэстэни ылбыт Кировскай орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ Диана Андреева үлэтэ:
«Манчаары оонньуулара» — спорт бырааһынньыга
Быйылгы сыл биhиги улууспутугар умнуллубаттык ааста. Ол курдук , 2021 сыл – биhиги өрөспүүбүлүкэбитигэр доруобуйа сылынан биллэриллибитэ, ону кытта тэҥҥэ даҕаhан улууспутугар быйыл сайын Манчаары оонньуулара буолла. Ыытыллар да кэмэ эмиэ ураты: 21с үйэ 21 сылыгар — 21-с Оонньуулар! Дьэ, хаһаааҥҥыттан иилэнэн-саҕаланан ыытыллар эбитий бу саха омук өрөгөйдөөх оонньуулара? Ааспыт үйэ 1968 сылыгар, бэс ыйын 24-25 күннэригэр Дьокуускайга Урожай уопсастыба көҕүлээн бастакы оонньуулар буолбуттар эбит. Ол кэмҥэ эмиэ ССРС тэриллибитэ 50 сылын чиэһигэр анаммыт эбит. Бу оонньууларга саха национальнай дьоруойа Баһылай Манчаары аатын иҥэрбиттэр. Биһиги былыргы төрүттэрбититтэн илдьэ кэлбит илии – атах оонньууларбыт саха омугу кытыгырас, күүстээх-уохтаах, ыарахантан чаҕыйбат күүстээх санаалаах, булугас өйдөөх, кыайыгас-хотугас үлэһит дьон оҥортоон, этэргэ диэри, бу олоххо саха буолан сириэдийэн, киһи буолан килбэйэн оччоттон баччаҕа диэри тиийэн кэллэхпит дии!
Спорт биһиги улууспутугар улаханнык өрө тутуллар. Биһиги улууспутугар өрөспүүбүлүкэҕэ, арассыыйаҕа, ону ааһан аан дойдуга ситиһиилээхтик кыттыбыт аатырар-сураҕырар улахан спортсменнарбытынан киэн туттабыт: С.Ф.Дьячковскай, В.Д.Иванов, С.Исаков, А.Дьячковскай, К.В.Леонтьев, Н.Н.Лукин, К. Тимофеева-Устинова, Дь. Ноговицын, О.Михайлов, П. Сивцев, бырааттыы Контоевтар. Быйылгы Манчаары оонньуулара улууспут төрүттэммитэ 90 сылыгар ананна. Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ дьон-сэргэ улаханнык үөрэн, өрө көтөҕүллэн туран төһө кыайарынан көмөлөстө. Биһиги эмиэ кылаастарынан сибэкки үүннэрэн биэрбиппит, ийэм аах сахалыы олбох тигэн биэрдилэр. Улууспут киинэ хаһааҥытааҕар да ырааһыран чэбдигирэн, киэркэйэн ыалдьыттарын көрүстэ. Саҥа улахан тутуулар: олорор дьиэлэр, спортивнай комплекс, улахан ипподром, сабыс-саҥа Чыпчаал стадион, тир тутулуннулар, уулуссалар асфалланан көннүлэр уонна барытын түөлбэлэр бэйэлэрэ бырайыактаан тутан 13 сквердар баар буоллулар. Тэрилтэлэр, маҕаһыыттар, бары сибэккинэн симэннилэр, уулуссаларга манчаары оонньууларын уруйдуур-айхаллыыр былакааттар ыйаннылар, былаахтар тэлибирэстилэр. Оттон Эйэ сквер олус тупсаҕайдык оҥоһуллан, киэркэйэн, кэлбит эрэ үөрэ көрөр, хаартыскаҕа түһэр кэрэ миэстэтэ буолбут. Улуус олохтоохторо киин бөһүөлэкпит маннык маанымсыйбытын көрөн наһаа астынныбыт! Куруук маннык ыраас, кэрэ буолуон баҕардыбыт. Бука бары кыһанан ыраастык туттуннахпытына буолуо да буоллаҕа.
Сахабыт сирин бары улуустарыттан барыта балтараа тыһыынча курдук спортсмен кэлэн күрэхтэстэ. Итиччэ элбэх киһини барытын аһатан, түһэрэн улуус бэркэ сатаата! Оонньуулары Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев арыйда. Кини: норуоппут оонньуулара биһигини сайыннара туруохтара, төрүт оонньуубут олимпиадаҕа киириэ диэн эттэ. Манна Москваттан кэлбит ыалдьыттар: спорт миниистирэ О.В.Матицын, Россия олимпийскай кэмитиэтин президенэ С.А.Поздняков, кыттыыны ыллылар. Манчаары оонньууларын аһыллыыта олус сэргэхтик тэриллибит. Манна сабыс-саҥа мааны стадион дьэрэкээн анал көбүөр сабыытынан улуустарын былааҕын күөрэччи тутан араас хамаандалар хааман киириилэрэ улахан олимпийскай оонньуулары санатта. Саха циркэтин артыыстара уустук спортивнай акробатическай нүөмэрдэрэ наһаа үчүгэй. Сороҕор киһи дьулайыах да үрдүктэн ыстанан бары тэбис-тэҥҥэ кулахачыйа төкүнүйээт туран кэлэллэр. Оонньуулар бэлиэлэрэ Тургун, Бэргэн уонна Кырсаада сүүрэ-көтө үҥкүүлүү сылдьаллара эмиэ олус бэрт. Аны туран, IT технологиянан биэс улахан экраҥҥа манна ытыллыбыт көмүс охпут көтөн кыырайан омук дойдуларын көрдөрөр бэрт сонун сэргэх көстүү буолла! Итини барытын толкуйдаан бэлэмнээбит эбит режиссер Руслан Тараховскай. Артыыстары сэргэ улуус оҕолоро, ыччаттара кыттыыны ыллылар. Уус-уран дьүһүйүүгэ ырыалыын-тойуктуун, үҥкүүлүүн-битиилиин бииртэн биир көстүү солбуллан оһуохайынан түмүктэннэ.
Хас да күн барбыт Манчаары оонньуулара кыттааччылары да, олохтоохтору да барыбытын астыннарда. Саха төрүт оонньууларын уон биир көрүҥнэригэр ситиһиилээхтик кыттан кыайыы өрөгөйүн билбит спортсменнар наҕараадаҕа тигистилэр. Миниистир эппитин курдук, хотторбут диэн суох буолла: күрэстэһэ кэлбит хас биирдии кыттааччы Оонньуу салгынынан тыынан, биир санаанан СПОРТка сүгүрүйэн, сөҕөн-махтайан, дьиэлэригэр үөрүү-көтүү сонуннаах тиийдэҕэ.
Мин эмиэ спордунан дьарыктанарбын сөбүлүүбүн. Баҕар, хаһан эрэ хойут эмиэ Манчаары оонньууларын күрэҕэр кыттыам.
Диана АНДРЕЕВА,
Кировскай орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ.
Иккис бөлөххө (5-7 кылаастарга) С.Г. Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Лия Жиркова СӨ үтүөлээх бырааһа Надежда Егоровна Винокуроваттан интервьютунан кыайда. Салайааччыта — К.К. Жирков.
СӨ үтүөлээх бырааһа Надежда Егоровна Винокурова
ЖЛ.: Надежда Егоровна, бастатан туран, түбүктээх үлэҥ сыаналанан, «СӨ үтүөлээх бырааһа» үрдүк аакка тиксибиккинэн эҕэрдэлиибин. Бастаан төрөөбүт дойдуҥ, төрөппүттэриҥ туһунан ааҕааччыларга сырдат эрэ, баһаалыста.
Н.Е.: Мин төрөппүттэрим төрүт Октябрьскай нэһилиэгин олохтоохторо этилэр. Ийэм Софья Васильевна Федоровтар кыыстара, аҕабар кэргэн тахсан Жиркова буолбута. Эдэр сылдьан колхуоска ыанньыксыттыы, ньирэй көрө сылдьыбыта. 1961 с. дьааһыла аһыллыбытыгар, биэнсийэҕэ тахсыар диэри ньээҥкэнэн үлэлээбитэ. Аҕам Егор Гаврильевич Жирков төрөппүттэрэ Дьөгүөр Эбэтиттэн төрүттээхтэр. Аҕам нэһилиэк бастакы трактористарыттан биирдэстэрэ этэ. Мин оҕолортон улаханнара этим. Бырааппынаан начаалынай кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, аҕабыт эдэрси сылдьан, ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Онон түөрт кыра оҕону ийэбит барахсан бэйэтэ соҕотоҕун иитэн-бүөбэйдээн, улаатыннартаабыта.
ЖЛ.: Оскуоланы, 8-с кылааһы бүтэрэн баран, ким сүбэтинэн уонна ханнык үөрэххэ туттарсан үөрэнэ киирбиккиний?
Н.Е.: Октябрьскай начаалынай оскуолатыгар 1967 с. күһүнүгэр үөрэнэ киирбитим. Бастакы-иккис кылааска биһигини билиигэ уһуйбут учууталбытынан Анастасия Дмитриевна Белолюбская этэ. Онтон 3-4 кылаастарга Надежда Гаврильевна Абрамова (Захарова) үөрэппитэ. Үөрэхпэр хара маҥнайгыттан кыһаллан үөрэммитим. Оскуолабыт оччолорго аҕыс кылаастаах этэ. Күөрэлээх оҕолоро салгыы үөрэнэ Кировскай орто оскуолатыгар бараллара. Мин инники нуучча тылын учуутала буолуохпун баҕарар этим. Ийэм ол саҕаттан ыарытыйар этэ, ол иһин биэлсэр буоларбар баҕарара, сүбэлиирэ. Мин ийэм сүбэтин ылынан, ахсыс кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, эмчит буолар баҕа санаалаах, эдьиийим Таисия сирдээн, куоракка медучилищеҕа туттарса киирбитим уонна, үөрүөм иһин, киирии эксээмэннэри үчүгэйдик туттартаан, үөрэххэ киирбитим.
ЖЛ.: Училищеҕа үөрэнэр сылларгар ордук сөбүлээбит преподавателлэргинэн кимнээҕи ааттаталыаҥ этэй?
Н.Е.: Училищеҕа наһаа үчүгэйдик үөрэппиттэрэ. Онтон саамай сөбүлээбит преподавателлэрбинэн анатомияны үөрэппит Ия Ивановна Петрованы уонна патологическай анатомияны үөрэппит Тамара Ивановна Серкинаны ааттыахпын сөп.
ЖЛ.: Үөрэххин бүтэрэн баран, ханна ананан тиийэн үлэлээбиккиний? Үлэлиир усулуобуйа ол саҕана хайдах этэй?
Н.Е.: Үөрэхпин бүтэрэн баран оройуоннааҕы райздравка тиийбиппэр, миигин саамай уһук сытар Кэптин участковай балыыһатыгар биэлсэринэн анаабыттара. Бастаан үлэлии тиийбит күнүм сарсыныгар тута дьахтар төрүү киирбитэ, онно уопуттаах мед-сиэстэрэ Шура баара, кини сүбэлээн-амалаан, бииргэ көмөлөөн, клиеммитин этэҥҥэ төрөппүппүт. Ол кэнниттэн сотору-сотору хас да дьахтар оҕоломмута. Бу түбүктээх күннэргэ сиэстэрэ Шура мэлдьи аттыбытыгар сылдьан, күүс-көмө буолбутун билигин да умнубаппын, махтана саныыбын. Маалтааны суола-ииһэ быстар мөлтөҕө, оройуон кииниттэн ырааҕа, ардыгар хас да күн айаннаан тиийэрбит. Нэксиэлээх айаҥҥа дэлби сахсыллан, элбэх эмп-том алдьанан тиийэрэ. Кэптин дьоно-сэргэтэ эйэҕэһэ-сайаҕаһа, эдэр специалистарга үчүгэйдик сыһыаннаһаллара. Үлэлиир бастакы сылбар миэхэ көдьүүстээх көмөнү оҥорбут, үтүө өйөбүл буолбут салайааччынан Спиридон Спиридонович Михайловы ааттыам этэ. Кини оччолорго оройуон кылаабынай бырааһын солбуйааччынан үлэлиирэ. Үлэбэр туох эмит ыарахан буолла да, киниттэн сөптөөх, толору сүбэни-аманы кэмигэр ыларым. Кэптиҥҥэ биир сыл үлэлээн баран, нөҥүө сылыгар дойдубар Күөрэлээххэ кэлэн, фельдшерскэй-акушерскай пууҥҥа (ФАП) биэлсэринэн үлэлээбитим. Манна эмиэ усулуобуйа соччо бэрдэ суоҕа. Суол-иис эмиэ мөлтөҕө. Үлэлиир балыыһабыт дьиэтэ тымныытынан эрэйдиирэ. Оҕону төрөтүүнү таһынан, тиис тууруута, араас тыраамба, эчэйии, бастакы хирургическай көмөнү оҥоруу о.д.а. үлэ элбэҕэ. Ардыгар, ыксал буоллаҕына, бириэмэни аахсыбакка, түүннэри кытта үлэлиирбит. Оччолорго эдэр буоламмыт, ыарахаттартан толлубакка, этэҥҥэ үлэлээбиппит. Күөрэлээххэ икки сыл үлэлээн баран, 1985 с. үөрэхпин үрдэтинээри, СГУ медико-лечебнэй факультетыгар туттарсан үөрэнэ киирбитим уонна, алта сыл үөрэнэн, быраас идэтин ылбытым.
ЖЛ.: Үрдүк үөрэх кэнниттэн идэҕин ханнык тэрилтэҕэ саҕалаабыккыный?
Н.Е.: Үөрэхпин бүтэрэн, куоракка үлэлии хаалбытым. Идэбинэн үлэбин саҕалаабыт тэрилтэбинэн 2 №-дээх республикатааҕы балыыһаҕа Суһал көмөнү оҥоруу киинэ буолар. Бу балыыһа базатыгар биир сыл интернатура, икки сыл ординатура үөрэхтэрин ааспытым.
ЖЛ.: Доруобуйа харыстабылыгар өр сыл үлэлээтиҥ, туохтара ыалдьар дьон эн балыыһаҕар киирэн эмтэнэллэрий?
Н.Е.: Билигин мин эндокринологическай отделение сэбиэдиссэйинэн үлэлиибин. Биһиги тэрилтэбит Саха сиригэр соҕотох идэтийбит эндокринологическай отделение буолар. Манна сүнньүнэн сахарнай диабеттаах, зобтаах дьон, уопсайынан эндокриннай систиэмэлэрэ кэһиллиилээх ыарыһахтар эмтэнэллэр. Кинилэртэн саамай элбэх бырыһыаны сахарнай диабеттаахтар ылаллар.
ЖЛ.: Салайан үлэлиир балыыһаҥ үлэтин-хамнаһын туһунан кылгастык билиһиннэр эрэ.
Н.Е.: Биһиги отделениебыт 1983 сыллаахха республикатааҕы балыыһа базатыгар тэриллибитэ. Онтон 2013 сыллаахха кэҥээн, 40 куойкаҕа диэри улаатан, усулуобуйабыт тупсан, Дьокуускайдааҕы республикатааҕы кринологическай балыыһаҕа көспүппүт уонна күн бүгүҥҥэ диэри онно үлэлии олоробут.
ЖЛ.: Бу ыарыылартан киһи эрдэттэн хайдах харыстаныан сөбүн туһунан дьон истиэхтэрин баҕараллара буолуо.
Н.Е.: Сахарнай диабет ханна баҕарар, аан дойду үрдүнэн буоларын курдук, Саха сиригэр сылтан сыл тэнийэн, ыалдьааччы ахсаана элбээн иһэр. Уопсайынан доруобай киһи организмыгар ноорго бета килиэккэлэр бааллар. Бу килиэккэлэр киһи хааныгар кыра-кыратык инсулин таһаарар үлэлээхтэр. Ол иһин киһиэхэ саахара хааныгар да, иигэр да үрдээбэт. Онтон бу бета килиэккэтэ суох буолбут киһи сахарнай диабетынан ыалдьар. Саахара хааныгар, иигэр барар. Бу сахарнай диабетынан ыалдьыбыт нооругар баар бета килиэккэтэ аҕыйаабыт, эбэтэр олох бутэр, ол иһин кинилэр бу ыарыынан ыалдьаллар. Сахарнай диабет буолбатын туһугар, кыра эрдэхтэн киһи бэйэтин аһыыр аһылыгын көрүнэ үөрэниэхтээх. Араас омук минньигэс астарын наһаа үлүһүйэн сиэниллиэ суохтаах, газированнай утахтары элбэхтик иһии эмиэ доруобуйаҕа буортулаах. Ол оннугар төрүт сахабыт аһын — эппитин, балыкпытын, үүт аһылыктары тото-хана сиэһин уонна бэйэҕэ сөп түбэһэр спордунан дьарыктаныы доруобуйабыт тупсарыгар туһалааҕын өйдүөхтээхпит.
ЖЛ.: Надежда Егоровна, төрөөбүт дойдуҥ дьоно-сэргэтэ СӨ Правительствотын үрдүк наҕараадатыгар тиксибиккин истэн олус үөрбүппүт, бары Эйигинэн киэн туттабыт. Үгүс түбүктээх үлэҕиттэн быыс булан, ыйытыыларбар эппиэттээбиккэр махталбын тиэрдэбин уонна айымньылаах үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.
Н.Е.: Махтал буолуохтун. Дьоммор-сэргэбэр аан дойдуну аймаабыт бу ыарахан ыарыы кэмигэр доруобуйаҕытын үчүгэйдик харыстанаргытыгар, этэҥҥэ буоларгытыгар баҕарабын.
Бу сахарнай диабетынан ыалдьыбыт киһи нооругар баар бета килиэккэлэрэ аҕыйаабыт, эбэтэр олох бүппүт түбэлтэтигэр кинилэр бу ыарыынан ыалдьаллар.
Лия ЖИРКОВА,
С.Г. Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.