Ааспыт өрөбүллэргэ саха дьоно-сэргэтэ Н.Н. Тарскай бирииһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин көҥүл тустууга чемпионатын саалаҕа толору анньан кэлэн, ону тэҥэ күөх экрантан харахтарын араарбакка, биир тыынынан, сүрэхтиин-дууһалыын ыалдьан көрдүлэр-иһиттилэр. Кырдьык да хамсык кэмигэр тэрээһиннэр тохтоон турбут буолан, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин саҥа спорт саалатыгар олус ураты сэргэхтик буолан ааста.
Икки күннээх тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн 57 киилэҕэ Сунтаартан сылдьар эдэр, кэскиллээх бөҕөс, 17 саастаах Лев Павлов чаҕылхайдык тустан, чемпион үрдүк аатын ылары ситистэ. Бу иннинэ өрөспүүбүлүкэҕэ Герман Контоев 16 сааһыгар чемпион буолан турардаах.
— Лев, бастатан туран, кыайыыгынан эҕэрдэлиибин! Бэйэҥ тускунан билиһиннэриэҥ дуо.
— Мин Усуйаана улууһун Казачье сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтүм. Кыра кылаастарга Мииринэй Таас Үрэҕин уонна Сунтаар Бордоҥун оскуолаларыгар үөрэммитим, онтон VI кылааска Сунтаарга бэйэтигэр көһөн кэлбитим. Онтон ыла тренерим Николай Романович Данилов салалтатыгар киирэн дьарыкпын саҕалаабытым. Билигин IX кылаас кэнниттэн Сунтаардааҕы технологическай колледжка үөрэнэбин.
— Хас сааскыттан тустуунан дьарыктанаҕын? Тоҕо бу спорт көрүҥүн таллыҥ?
— 7 сааспыттан дьарыктанабын. Аҕам тренердиир этэ, куруук миигин саалаҕа илдьэ барааччы. Онно оҕолор тусталларын көрөн, тэҥҥэ дьарыктанан, устунан тустан барбытым. Онон мин бастакы тренербинэн аҕам Семен Андреевич Павлов буолар.
— Аҕаҥ тустууга туох ситиһиилээҕий?
— Кини — көҥүл тустууга Россия, хапсаҕайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара. Бэйэтин тустар кэмигэр дойду таһымыгар кэккэ улахан ситиһиилэрдээх. Тренердэринэн олимпийскай призер Александр Николаевич Иванов уонна Александр Митрофанович Тимофеев, Николай Романович Данилов этилэр.
— Бииргэ төрөөбүт хаһыаҕытый? Тустууктар бааллар дуо?
— Биһиги бэһиэбит: 4 уол, 1 кыыс. Мин саамай улаханнарабын. Мин анныбынан икки уол сөбүлээн тусталлар, кыра быраатым 7 сааһын туоллаҕына эмиэ тустан саҕалыа диэн эрэнэбин.
— Лев, эн бастакы кыайыыҥ хас сааскар кэлбитэй?
— 8 саастаахпар Мииринэйгэ Александр Иванов бирииһигэр этэ.
— Бу ааспыт Тарскай бирииһигэр эн сулуһуҥ сандаарда. Кыайыыга төһө эрэллээх этиҥ?
— Син эрэллээх этим, ону тэҥэ чугас дьонум эмиэ эрэнэллэрэ. Ол улахан күүс буолбута. Бииргэ дьарыктанар уолум Харысхан Григорьевтыын бэйэбит ыйааһыммытыгар мэтээлгэ тиксэрбит буоллар диэн испэр баҕа санаалааҕым. Утарсааччыларым бары кыахтаахтар этэ.
— Күннээҕи режимиҥ, дьарыгыҥ хайдах ааһарый?
— Боростуой, көннөрү спортсментан туох да атына суох. Күҥҥэ иккитэ хайаан да дьарыктанабын.
— Сунтаардааҕы спортивнай оскуола олус элбэх күүстээх тустууктары таһаарар. Атын оскуолалартан туох уратылаах дии саныыгыный?
— Тренердэрэ күүстээхтэр уонна дьарыгы, дьиссипилиинэни күүскэ ирдииллэр. Уратыта онно эрэ сытар диэхпин сөп.
— Эн санааҕар күүстээх дьарык кими баҕар чемпион оҥоруон сөп дуо?
— Күүстээх дьарыгы таһынан кыра да буоллар бэйэҕэр эрэл кыыма баар буолуон наада. Ол суох буоллаҕына табыллыбат буоллаҕа.
— Сөбүлээн туттар приемнааххын дуо?
— Чопчу оннук диэн суох. Мин, бастатан туран, тренерим сүбэтин истэбин, ону толорорго кыһаллабын.
— Инникигэ туох былааннааххын?
— Дьарыктаммытым курдук дьарыктаныам уонна бэрээдэги тутуһуом. Оччоҕо кыайыы бэйэтэ сэмээр кэлэн иһиэҕэ диэн эрэллээхпин. Түгэнинэн туһанан бу кыайыыбар Сунтаар тустуутун оскуолатын тренердэригэр уонна төрөппүттэрбэр улахан махталбын тиэрдэбин!
— Лев, эйиэхэ санааҕын үллэстибиккэр махтанабын! Тустуу эйгэтигэр өссө да улахан ситиһиилэри баҕарабын!
Кэпсэттэ Вера Петрова