Соторутааҕыта И.А. Аргунов аатынан киин библиотекаҕа Алампа аатынан Ытык Күөл 1 №-дээх орто оскуолата тэриллибитэ 120, «Кыраһа» бөлөх, төрүттэммитэ 35 сылыгар аналлаах «Оҕо саас бичигэ» кинигэ күн сирин көрбүтүн бэлиэтиир биһирэмэ онлайн киэбинэн ыытылынна.
Тэрээһини иилээн-саҕалаан Киин библиотека үлэһитэ, бөлөх төрөппүтэ Игнатьева СС. ис сүрэҕиттэн ылсан, хомоҕой тылынан истиҥ эйгэни тэрийэн, иилээн-саҕалаан ыытта. Кэпсэтии хара саҕаланыаҕыттан олус истиҥник-иһирэхтик барда.
«Кыраһаҕа» араас кэмҥэ дьарыктаммыт оҕолор төрөөбүт дойдубут араас муннуктарыттан эрэ буолбакка, ыраах омук сириттэн Новай Зеландияттан Василина Петрова, Мирнэйтэн Айтал Саввин, Төҥүлүттэн Маша Артемьева, Майаттан Августина Хабарова, Докуускайтан, Ытык Күөлтэн урукку эдэр кэрэспэдьиэннэр Акимова Шура, Игнатьева (Васильева) Сардаана, Дьяконова (Терякова) Оля, Платонов Руслан, Постникова Шура, Тарасов Миша, Неустроева (Федорова) Маша, Туйаара Куприянова (Туласынова), Матаннанова Уйгулаана, Маша Дьячковская, Ульяна Огонерова (Титова), Васильев Кеша уонна да атыттар куйаар ситимигэр киирэн көрсүстүлэр, оҕо саас түгэннэрин санаан-ахтан аастылар.
Ахтар, саныыр учууталларбыт Колодезникова К.К., Сидорова С.Д., Поисеева Н.А., Огонерова В.П. Г.Ф.Им уруккуну-хойуккуну санаан, эҕэрдэ тыл бастыҥын этэн аастылар. Бэйиэт, кириитик, тылбаасчыт, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, П.А.Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Н.Е. Винокуров-Урсун, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, бэчээт туйгуна, суруналыыстар элбэх бириэмийэлэрин лауреата А.Ф. Постников-Сындыыс, үгүстүк алтыспыт, сүбэ-ама биэрбит, доҕорбут тэҥэ чугас киһибит, оччолорго «Кэскил» хаһыат тутаах үлэһитэ Анисия Иевлева, «Туллукчаан» оҕо бибилиэтикэтин сэбиэдиссэйэ Большакова А.Д. өр кэтэһэн-манаһан кэпсэтиигэ кытыннылар, истиҥ-иһирэх ахтыыны оҥордулар.
Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын солбуйааччы Сивцева И.А. оскуола дириэктэрэ Мосоркина А.В. кинигэ туһунан санааларын үллэһиннилэр, кинигэбитин үрдүктүк сыаналаатылар. Ону сэргэ библиотека үлэһитэ У.И. Заболоцкая кинигэбитин сиһилии ырыппытын бары астынныбыт. «Кыраһа» бөлөххө уһуйуллубут оҕолор төрөппүттэрэ З.Л. Санникова, С.П.Андросова, С.С. Игнатьева эмиэ бэртээхэй ахтыылары оҥорон, үөрүү үрдэ суох буолла.
Онон кэпсэтиибит 3 чаас 40 мүнүүтэ устата барбытын билбэккэ да хааллыбыт, сорохтор күүтэн-күүтэн баран, кыайан киирбэккэ хаалбыттар ис сүрэхтэн этиллибит эҕэрдэлэрэ ватсап группатыгар киэһэ хойукка дылы суругунаан субулла турдулар.
«Кыраһа» бөлөх тэриллибитэ 35 сылынан «Оҕо саас бичигэ» кинигэ бэчээттэнэн тахсыытыгар улахан өйөбүл, күүс-көмө буолбут: Постникова А.Н., Васильева С.С., Иовлева П. Р., Матаннанова У. В, Попов Дь. Н., Попова Е.Р., Титова У.В., Томская У. Е. махтал суруктары туттардылар.
Бу курдук бэрт сэргэх, сонун, үчүгэй тэрээһин буолан ааспытыттан кыттаччылар бары астыннылар.
Бу умнуллубат түгэни бэлэхтээбиккитигэр көрсүһүүнү тэрийбиккитигэр «Кыраһа» бөлөх салайааччыгытыгар Огонерова В.П., иилээн-саҕалаан ыыппыт С.С.Игнатьеваҕа, библиотека үлэһиттэригэр, чуолаан У.Г. Заболоцкаяҕа, В.И.Даниловка, бары кыттыыны ылбыттарга махталбытын тиэрдэбит.
Күндү учууталларбыт эһиэхэ, күн уотугар күлүмүрдүү оонньуур күндү таас курдук кытаанах доруобуйаны, халлааны харбаһа үүнэр чиргэл тиит курдук булгуруйбат санааны, уһун үйэни, дьиэ кэргэҥҥитигэр саргылаах быйаҥнаах, дьоллоох олоҕу баҕарабыт! Олохтон үөрүүнү, кэрэни эрэ сомсон, этэҥҥэ, өссө да өр кэмҥэ айа-тута, санаабыккытын ситэрэ, дьоһуннаах толкуйгутунан, ыллыктаах санааҕытынан, кэлэр кэнчээри ыччаты араҥаччылыы, сырдыгынан, үтүөнэн сыдьаайа сылдьыҥ диэн алгыспытын аныыбыт!
Эҕэрдэни, барҕа махталы кытта «Кыраһа» бөлөх аатыттан филологическай наука кандидата Акимова Александра Спартаковна.