Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев тымныынан сибээстээн, бырайыаһы кыайан төлөөбөтөх оҕону уопсастыбаннай тырааныспартан таһаарары бопто. Ол туһунан «Саха» НКИК иһитиннэрэр.
Дьокуускайга салгын температурата намыһаҕынан сибээстээн, бэлэмнэнии күүһүрдүллүбүт эрэһиимэ биллэрилиннэ. Ахсынньы 20 күнүгэр уопсай куораттааҕы мунньахха Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев сэрэхтээх буоларга уонна дьиссипилиинэни күүһүрдэргэ соруйда.
«Ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр, УК, ТОУ, ЕДДС, профильнай структурнай подразделениелар, социальнай эбийиэктэр өрүү бэлэм буолуҥ. Дьуһуурустубаны олохтуурга уонна ыксаллаах быһыы-майгы буолар түгэнигэр суһал иһитиннэриилэри быстала суох биэрэргэ соруйабын», — диэтэ кини. «Бырайыаһы кыайан төлөөбөтөх оҕону оптуобустан таһаарар сатаммат», — диэн тоһоҕолоон эттэ Евгений Григорьев.
Бүгүн, ахсынньы 20 күнүгэр, салгын температурата Дьокуускайга — 42 кыраадыс тымныы буолла.