Аны түөрт сылынан, 2025 сылга, өрөспүүбүлүкэбитигэр суолталаах эбийиэк — Үүнэр көлүөнэ паарката олоххо киириэхтээх. Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, «Россия — Моя история» историческай пааркаҕа тутуу уонна хааччыйыы боппуруоһун иилиир-саҕалыыр СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондатын кытары СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна «Юные Якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин болдьоҕо суох бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастылар.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха Республикатын култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрэ Саргылана Максимова, «Юные Якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин дириэктэрэ Варвара Васильева уонна СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондатын сүрүннүүр дириэктэрэ Владимир Егоров кыттыыны ыллылар.
Санатан этэр эбит буоллахха, 2019 сыллаахха архитектурнай кэнсиэпсийэни уонна эбийиэк сирин генеральнай былаанын оҥорууга Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус кыайыылааҕынан ООО «ам ATRIUM/Восток+» консорциум ааттаммыта. Бу күрэскэ, Арассыыйаттан эрэ буолбакка, тас дойдуттан кытары кыттыыны ылбыттара. Барыта 87 сайаапка киирбититтэн, онтон 36 хамаанда сүүмэри ааспытыттан, ООО «ам ATRIUM/Восток+» бастыҥынан ааттаммыта.
Паарка Саха судаарыстыбаннай университетыттан чугас, киин сиргэ — Петровскай-Каландаришвили уулуссалар быһа охсуһууларыгар баар 2,4 га иэннээх сиргэ 5038 кв. м иэннээх баараҕай эбийиэк тутуллуоҕа. Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, 2025 сылга диэри үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бу Саха сирин айылҕатын уратытын учуоттуур бастакы аһаҕас сир буолуоҕа. Манна скейт-былаһаакка, атриум, оонньуур, чэбдигирэр, сынньанар сирдэр, араас тэрээһиннэри ыытар коворкинг-кииннэрэ, оҕону үөрэтэр былаһааккалар о.д.а. баар буолуохтара. Бу баараҕай тутуу барыта 3 этээстэн туруоҕа, бастакы этээһэ көтөҕүүлээх, онтон үөһээ этээһэ аһаҕас буолара былааннанар. Уонна суолталааҕа диэн бу баараҕай эдэр көлүөнэ паарката сылы быһа тохтоло суох үлэлиирэ былааннанар.
Биһиги Сахабыт сиригэр суох сүдү бырайыак Ил Дархан Айсен Николаев этиитинэн уонна дьаһалынан олоххо киирэн эрэр. Тутуу уонна хааччыйыы боппуруоһун СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондата иилиир-саҕалыыр, уопсай суумата балтараа миллиард кэриҥэ солкуобай, үбүлээһинин сыл аайы өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай эбийиэктэри тутууну өйүүр «АЛРОСА» хампаанньа уйунар.
Владимир Егоров, СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондатын сүрүннүүр дириэктэрэ:
— Биһиги билигин бииргэ үлэлэһэр партнердарбытын кытары үөрэх бырагыраамаларын номнуо олоххо киллэрэн үлэлэтэ сылдьабыт. Ол курдук, «Твой СТАРТ» урбаан өттүгэр туһуламмыт бизнес-акселератор бырайыагар 200-чэкэ оҕону хабан олоробут, маны тэҥэ «Proдвижение бренда «Proskills Yakutia»» медиа бырагыраама оҕо болҕомтотун тарта уонна билигин саҥа үлэлэтэн эрэр үөрэх бырагырааматынан иһинэн тэриллэр «Мини-шеф» диэн оҕолорго аналлаах кулинарнай куурустар буолаллар. Сүрүн партнербытын СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин кытары уруһуй уонна кэпсээн айар үлэ күрэхтэрин ыытан эрэбит».
Саргылана Максимова, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрэ:
— Биһиги паарка ыытар үлэтин торумугар улахан эппиэтинэстээхтик кыттан эрэбит. Паарка концепциятын кытары үлэлэһии түмүгэр Национальнай бибилэтиэкэ үлэтин инники сайдыытын торумнарын хаттаан көрөрбүтүгэр тирэх буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин инникитинэн, сайдыытын кэскилинэн Үүнэр көлүөнэ паарката буолуо диэн эрэллээхпит. Онон бииргэ үлэлииргэ, айарга-тутарга бэлэммит.
Варвара Васильева, «Юные Якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин дириэктэрэ:
— Олохпут инникитэ бүгүн уонна билигин биһиги бэйэбит илиибитигэр. Саҥа олоххо киириэхтээх паарка — бу саҥа үүнэн эдэр оҕолор, ыччаттар инникилэрэ буолар. Бастатан туран, оҕолорбутугар туһаайан этиэм этэ, билигин бириэмэ, кыах, идиэйэ баар эрдэҕинэ, биһигини кытары инникигэ бииргэ хардыылааҥ. Үүнэр көлүөнэ паарката биһиги ресурснай кииммитигэр эбии үөрэхтээһин эко систиэмэтин өссө биир былаһааккатынан буолар. Ол аата оҕо эбии үөрэхтээһинэ бу саҥа бырайыак үлэҕэ киирдэҕинэ, инники сайдыыга өссө биир атыл хардыылыаҕа.
Ити курдук, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна «Юные Якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин үүнэр көлүөнэ үөрэхтээһинигэр, көдьүүстээх уонна айымньылаах сынньалаҥар, өй-санаа, духуобунай уонна эт-хаан өттүнэн сайдарыгар усулуобуйаны тэрийиигэ туһуламмыт бырайыакка — Үүнэр көлүөнэ пааркатын кытары бииргэ үлэлэһэргэ бэлэмнэр.
Анна СЛЕПЦОВА.