Бу күһүн үөрэх саҕаланыан иннинэ Хаҥалас улууһугар Еланкаҕа «Иитии бырагырааматын» РФ бырагырааматыгар тирэҕирэн, оҕо сайдар эйгэтин тэрийиигэ суолу, ньыманы тобулар айан -дьарык буолан ааспыта. Айан-дьарык кыттыылаахтара бөлөхтөрүнэн бырайыак көмүскээн, санаа үллэстэн, «Олохсун» диэн бырагыраама торума ылыллыбыта. Бу туһунан иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Нюргуяна Гаврильевна Никитина билиһиннэрэр.
Киһи бу олоххо үөрэнэ кэлэр дииллэрин үгүстүк истэбит. Оҕо төрүөҕүттэн өбүгэттэн кэлбит ийэ тылыгар биһиктэнэн, төрүт үгэскэ, дьарыкка уһуйуллан, уопсастыбаҕа дьоннуун алтыһан, айылгыта арыллан киһилии киһи буолан, олоххо аналын булар.
Төрүт култуурабыт үтүмэн үйэлэр усталарыгар олох араас эриирдэрин ааһан, сайдан, кэҥээн кэллэ. Төһө да түргэн тэтимнээх глобализация кэмигэр олордорбут, ХХI үйэҕэ өбүгэ улуу муудараһа үүнэр-сайдар кыһабыт, тыын эйгэбит буоларын өйдүүбүт.
Бу күһүн үөрэх саҕаланыан иннинэ Хаҥалас улууһугар Еланкаҕа РФ «Иитии бырагырааматын» (П.В. Степанов, Н.Л. Селиванова о д.а.) уонна «Эркээйи эргиирэ» (Т.М. Ильина, Р.Н. Каженкин, Г.С. Попова – Санаайа, В.Е. Степанова о д.а.) бырагыраамаларга тирэҕирэн, Айыы Кыһатыгар оҕо сайдар эйгэтин тэрийиигэ суолу, ньыманы тобулар айан -дьарык буолан ааспыта. Айан-дьарык кыттыылаахтара (салайааччы Л.П. Шамаева, оскуола сэһэнин сүрүннүүр төрүт култуура учуутала А.Н. Павлов — Дабыл) бөлөхтөрүнэн бырайыак көмүскээн, санаа үллэстэн, «Олохсун» диэн бырагыраама торума ылыллыбыта.
Олохсун диэн үгэс эргииринэн саха өйүн-санаатын иитэр-үөрэтэр эйгэҕэ киллэрии, олохсутуу, ыччакка өй-санаа, сиэр-майгы сүрүн тосхолун туһулааһын буолар. Төрүт дьарык оскуолата буоларбытынан – бу биһиги ураты эйгэбит. Олохсун сэһэнэ биир бүтүҥ эйгэни үөскэтии буолар.
Бастатан туран, «Айыы Кыһата» саха оскуолата буоларынан, үс кыттааччы (төрөппүт, оҕо, учуутал) тус бэйэтин айар аналлаах кэлбитин билинэрэ буолар. Оҕоҕо дьарыкка айымньылаах сыһыан (уруок, кылаас таһынан дьарык, эбии дьарык), айар баҕа, үөскээбитин маннык кэриҥнэринэн кэтээн көрүөххэ сөп:
- Айар өй-санаа аһыллыыта, кэлиитэ: ситимэ суох айар дьарык, ситимнээх айар дьарыкка киирии, айар үлэттэн дуоһуйууну ылыы.
- Көҥүл турук: бэйэни сэнэнии, бэйэтин кыаҕын туһанарга дьулуһуу, бэйэтин толору айар күүстээх киһинэн ылыныы.
- Тус бэйэтин омук быһыытынан билинии: бэйэ омугун билинии, бэйэ төрдүн-төбөтүн билинии, бэйэ төрөөбүт дойдутун билинии.
- Ийэ тыл – омук сайдар күүһэ буоларын өйдөөһүн: атын тылынан саҥарар, ийэ тылын баардылаабат, ийэ тылын билинэр, толору алтыһар.
- Үгэс эргиирин – омук үгэһин курдук ылыныы: үгэс эргиирин ылынарга бэлэмэ суох, үгэс эргиирин модьуйуу быһыытынан ылынар, үгэс эргииригэр бэйэтин баҕатынан киирии.
Оҕо сайдар айымньылаах эйгэтин тэрийии ис хоһооно маннык:
- Бэйэни салайыныы. Бэйэ сайдыытын кэтээн көрөргө, бэйэни сыаналанарга 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ «Сайдыым суола» диэн бэйэни салайыныы күннүгүн толороллор.
- Тыын эйгэтэ. Нэдиэлэ күннэринэн үллэһиллэн төрүт дорҕооҥҥо, үс кут хамсаныытыгар, оһуокайга, төрүт иискэ-ууска дьарыктар ситимнээхтик бараллара киһиэхэ ис чуумпу туругу, тэтими, өй-санаа ситимин үөскэтэллэр, сахалыы тыыны уһугуннараллар.
- Өй-санаа уонна дьарык ис хоһоонноох уруоктар. Ый өйдөбүлүнэн биридимиэт олоххо чугаһыыр суолтатын, дьарык технологиятын тобулуу (сыал туруоруу, билиини, сатабылы ылыы, билбитин-билбэтин быһаарыы, бэйэни сыаналаныы, хонтуруолланыы). Уруогу алгыстан (төптөн) саҕалааһын. Биир тэҥ алгыһы этэ үөрэнии. Оҕо оҕону үөрэтэр түгэннэрин тэрийии.
- Айар эйгэлэр. “Ийэ сир илгэтэ”, «Өбүгэ оонньуулара», «Бичиктээх сандалы», робототехника, конструирование, «Окно в мир», «Көмүс тарбах», «Ааҕар балаҕан», история, «Тииҥ мэйии», «Байанай», «Под сенью дружных муз», “Олоҥхо алыба”, «Чэгиэн», «Куйаар”, «Уран тарбах», өркөн өй, төрүт дорҕоон, «Түмэн» ыччат сайдар эйгэтэ, бырайыактыыр айар эйгэлэр тиһиктээхтик үлэлииллэр.
- Төрөппүт үөрэҕэ. Олохсун сэһэнин оҕолорго, төрөппүттэргэ билсиһиннэрэр аудиовидео матырыйааллары инстаграм, ютуб нөҥүө тарҕатыы; оҕо иитиитигэр лекторийы, биһирэм кэпсэтиини тэрийии; дьиэ кэргэн ураты дьарыгын, сатабылын сырдатыы; сайыҥҥы, кыһыҥҥы лааҕырдарга, төрүт дьарыкка уһуйуу; аһымал акциялары тэрийии буолар.
Түмүктээн эттэххэ, саха оҕото чиҥ туруктаах киһилии киһи буолуутугар бастатан туран дьиэ кэргэн, уһуйаан, оскуола ийэ тыл – омук сайдар күүһэ буоларын өйдөөн, омук быһыытынан билинэн, көҥүл туруктаах, айар өй-санаа эйгэтин тэрийэрбит буолар.