Олорор сирбитин, тулалыыр эйгэбитин ырааһырдыы, тупсарыы туһунан боппуруос сытыытык турар эрээри, уопсай харахха быраҕыллар хартыына быдан атын. Хас сыл аайы сайын саҕаланыыта түөлбэнэн да, тэрилтэнэн да тахсан, бары ыраастыыбыт, хомуйабыт. Ону таһынан волонтер оҕолор эмиэ үлэлииллэр. Омос көрдөххө, бөһүөлэк иһэ ыраас курдук эрээри, таһа эргиччи бөх. Ордук сир астыы сылдьан, онно-манна бөх арааһа сытарын көрөбүт. Биллэрин курдук, өстүөкүлэ 1000, пластик бытыылка 100, тимир бааҥка 90, үүт, суок хаата 50, бөппүрүөскэ тобоҕо 10, кумааҕы 2 сыл уларыйбакка сытан, айылҕаны киртитэллэр. Маны таһынан быраҕыллыбыт тиэхиникэ, бэл, эргэ мас, туттуллубут памперс арааһа тулалыыр эйгэҕэ мөкү дьайыылаахтар, буортулаахтар. Бөһүөлэк таһыгар бөх тоҕорго аналлаах сыбаалка оҥоһуллубута эрээри, онно ситэри да тиийбэккэ тоҕуллубут бөх олус элбэх!
Чөл олохтоох, ыраас тулалыыр эйгэлээх, бөҕө-саҕа суох олоруу – хас биирдии киһи тус олоҕун тэриниитин түмүгэ. Холобур, Дьокуускайга энтузиаст Антон Васильев ыраастаныы үлэтин утумнаахтык ыытар. Эбэтэр, АХШ Калифорния штатын олохтооҕо Беа Джонсон 2008 сылтан “экологичнай” олоҕу олорор. Кини “Дом без отходов” диэн кинигэни суруйан, дьон биһирэбилин ылбыта. Элбэх ааҕааччылардаах, ыраас олоҕунан аан дойду дьонугар холобур буолар. Кини олус судургу биэс быраабылалаах:
1. Биирдэ туттуллар тэрилтэн аккаастаныы.
2. Туттар тэрили аҕыйатыы.
3. Тэрили иккистээн туттуу.
4. Туттуллубуту уларытан-тэлэритэн оҥоруу, туһаныы.
5. Бөхтөн компост оҥоруу.
Маҕаһыыҥҥа барарыгар Беа дьиэтиттэн таҥас мөһөөччүк, өстүөкүлэ иһит ылар. Дьиэни, иһити сууйарга айылҕа матырыйаалыттан мыыла, бороһуок оҥорор. Эргэ, кэтиллибэт таҥастан көбүөр тигэр, баайар. Уруучуканы, фломастеры, харандааһы элбэхтэ туттуллары ылар. Беа Джонсон кэргэннээх, икки оҕолоох, күнү супту үлэлиир. Бу түөрт киһи сыллааҕы быраҕар бөхтөрө… биир лиитэрэлээх өстүөкүлэ бааҥкаҕа баппыт! Сыччах бу биэс быраабыланы тутуһан, кини олоҕо биллэ чэпчээбит, ырааһырбыт, айылҕаны харыстыырга тус кылаатын киллэрбит.
Быйыл дойдубутугар ОНФ (Общероссийский народный фронт) “Генеральная уборка” диэн улахан хамсааһыны саҕалаабыта. Олорор сир аттыгар ханна бөх баарын учуоттаан, каартаҕа киллэрэн, ыраастаан иһиллиэхтээх. Бу хамсааһыҥҥа кыттан, быраҕыллыбыт бөхтөөх сирдэри ыраастыахха, мээнэ быраҕары тохтотуохха. Хас биирдии кэмпиэт суутун, утах иһитин мээнэ быраҕымыахха. Онон бука бары кыралыын, улаханныын бөҕү аччата, бэйэ кэнниттэн хомуна, өйдүүн-санаалыын уларыйан, айылҕабытын харыстыы сырыттахпытына – ыраас салгынынан тыыныахпыт, дьэҥкир ыраас ууну иһиэхпит, тулалыыр эйгэбитин чэлгитиэхпит.
Снежана Кобякова,
ХI кылаас,
“Нуклеус” пост.
Кэбээйи.