Алтынньы 12 күнүгэр Госдуума бастакы VIII ыҥырыылаах мунньах бастакы тэрээhинэ ааста. Бу күнтэн Госдуумаҕа биэс баартыйа үлэлиир. Ол курдук, хас да таhымнаах биир кэлим быыбар күнүгэр балаҕан ыйын 19 күнүгэр талыллан, “Биир ньыгыл Россия”, “КПРФ”, “ЛДПР”, “Сиэрдээх Россия-Патриоттар-Кырдьык иhин” уонна “Саҥа дьон” диэн ааттаах политическай баартыйалар сокуону оҥорон, дьүүллэhэр, ылар үлэлэригэр киирдилэр. Аныгы үйэ кэмигэр Россия парламенын сайдыытыгар биэс баартыйа талыллыбыта 14 сыл кэнниттэн, уhулуччу көрдөрүү буолар.
Дьэ, тоҕо бу туhунан кэпсиир диир буоллахха, мин оҕо сылдьан бу маннык улахан суолталаах түбэлтэлэр тустарынан санаан да ылбат этим. Оскуолаҕа үөрэнэ барарбар итии аhылыктаах остолуобуойга аһаан, киэҥ спортсаалаҕа оонньоон, уруок кэнниттэн куруhуокка дьарыктанан, босхо кинигэнэн төлөбүрэ суох үөрэнэн кэлбиппит. Барытын буолуохтаах курдук саныырбыт.
Сокуону ким олохтууруй?
Оттон историяны санаан аастахха, барыта оннук буолбатах этэ. Кинигэҕин, чэрэниилэҕин атыылаhан, аhылыккын төлөөн үөрэнэр кэмнэр эмиэ бааллара. Дьэ тоҕо кэлиҥҥи кэмҥэ күүстээх болҕомто ууруллан, үөрэххэ элбэх өҥө босхо буолбутун ырытан көрдөххө, барыта сокуон ирдэбилинэн барар эбит. Дьэ бу сокуону ким олохтууруй, ким ыларый, ким бигэргэтэрий?
Сэрэйдэххит буолуо, маны барытын норуот депутаттара иилээн-саҕалаан оҥороллор, чочуйаллар. Оттон норуот депутаттара Судаарыстыбаннай Дуумаҕа талыллан үлэлииллэр. Кинилэри дойду бар дьоно талар.
Сокуоннай сааскын ситтэххинэ
Толору сокуоннай сааскын ситтэххинэ, ол эбэтэр, 18 сааскын туоллаххына, эн дойдубут политическай олоҕор кыттар бырааптанаҕын. Ол курдук, эрэнэр, итэҕэйэр дьоҥҥор, политическай баартыйаҕа куоласкын биэрэҥҥин, Госдуумаҕа кандидаттартан талаҕын. Дьэ, төһөнөн элбэх киhи куоластыыр да, соччонон элбэх араас баартыйалар кытталлар. Бэйэҥ дьиэ кэргэниҥ иhигэр төрөппүттэриҥ, аҕа дьонуҥ, аймахтарыҥ кэпсэтэллэрин истэриҥ буолаарай: кимҥэ ыалдьалларын, кими депутатынан көрүөхтэрин баҕаралларын.
Былаас үс көрүҥэ
Санатан эттэххэ, былаас үс көрүҥэ баар: толоруулаах, сокуону оҥорор уонна судебнай былаас. Сороҕор биhигини, суруналыыстары, “төрдүс былаас”, диэн, дьээбэлээн этээччилэр.
Толоруулаах былаас күннээҕи олохпутун дьаhайар, үбү-харчыны тыыран түҥэтэр, дьаhайар. Оттон судебнай былаас сокуон толоруутун кэтиир, сокуону кэhиини буруйдуур уорган буолар. Оттон үһүс—сокуону оҥорор былааhынан Госдуума буолар. Бу дойдубут сүрүн, үрдүкү сокуонун оҥорор, торумнуур былааспыт.
Оттон регионнарга, холобур, Саха сиригэр сокуону Ил Түмэҥҥэ ылаллар, атын өрөспүүбүлүкэлэргэ “Хурал”, “Парламент”, “Народное собрание” диэн ааттаналлар. Улуустарга, нэhилиэктэргэ депутаттар мунньахтара, түмсүүлэрэ бааллар.
Парламентаризм 125 сыла
Историяҕа төнүннэххэ, Россияҕа бастакы парламент туhунан 1905 сыллаахха ыраахтааҕы Николай II манифест таhаарбыта. Ол манифеска Судаарыстыбаннай Дууманы сокуону оҥорор, айар уорганынан бигэргэппитэ. Бастакы мунньах 1906 с. муус устар 27 күнүгэр тэриллибитэ уонна бу күн Россия парламентаризмын күнүнэн дойдубут Президенин уурааҕынан 2012 сыллаахха анаммыта. Онон быйыл дойдубутугар парламентаризм сайдыбыта 125 сылын туолла.
Билигин Госдуумаҕа 450 депутат 225 биир мандааттаах уокуруктарынан уонна 225 партийнай испииhэгинэн талыллан үлэлиир.
Саха сириттэн түөрт депутат үлэлиэ
Быйылгы быыбар соhуччу көрдөрүүлэнэн, Саха Сириттэн түөрт депутат үлэлиир буолла. Саха сириттэн төрүттээх биэс депутат Забайкальскай уокуруктан талылынна. Онон хаhан да историяҕа буолбатах түгэн тосхойдо. Госдуумаҕа маннык элбэх Саха сирин интэриэһин көмүскүүр депутат суоҕа.
Күндү эдэркээн ааҕааччыларым, аҕыйах сылынан эhиги дойдубут политическай олоҕор көхтөөх кыттыыны ылыаххыт. Олохпут сайдар, тупсар суолун түстүүр сокуоннары оҥорор, ырытар, дьүүллүүр, ылынар уорган туhалаахтык үлэлииригэр кыттыhар бырааптаах буолуоххут. Онон үөрэххитигэр кыhаллан, билиилээх дьон буолан, бэйэҕит чугас, бар дьоҥҥут сайдыылаахтык олороллорун түстүүр быраапкытын туhанарга дьулуhуҥ.
Бүргэс Лэгэнтэй.