Ааспыт үйэ 1964 сылын сайына…
Бочуок иккис кылааһы этэҥҥэ түмүктээн, Еля диэн эдьиийиниин Дьокуускайга олорор эдьиийдэрэ Аанаҕа күүлэйдии, “Ил-14” сөмөлүөтүнэн көттүлэр.
Уолчаан аан бастаан сөмөлүөккэ олорсор буолан, тыаһа улаханыттан, биир күдьүс дьигиһийэриттэн салла санаата эрээри, кэлин син үөрэнэн, хата, икки мотуор тыаһыгар доҕуһуоллатан, араас ырыа матыыбын таһаарыахха сөп эбит диэн толкуйдуу истэ. Ол быыһыгар иллюминатор нөҥүө көстөр былыты туохха эмэ холуу, кэрэхсии олордо. Өлүөнэ өрүс лиэнтэ курдук хотоҕостуу эриллэн субулла сытарын, уйаара-кэйээрэ биллибэт тайҕатын үөһээттэн көрөн, хаппах курдук кырыллыбыт баттахтаах төбөтө лэкээриҥнээһин бөҕө.
Аҕыйах чааһынан киин куорат авиапорда чугаһаабытын биллэрэн, сөмөлүөт дьигиҥниирэ өссө хойунна, үөһээ-аллараа түһэн ыла- ыла, намтаабытынан барда. Сотору кэминэн өрө барылыы түстэ да, сөмөлүөттэр түһэллэригэр анаммыт асфальт ньуурун устун, массыына курдук түргэн-түргэнник сүүрдээт, умса хорус гына биэрдэ. Ити аата Дьокуускайга кэллэхтэрэ.
Оо! Куораттара диэн маннык буоллаҕа! Сир, буор ханан да көстүбэккэ дылы, барыта таас. “Аата дьиктитин!” диэн санаан ылла, ургум-эргим көрө-көрө, эдьиийин кэнниттэн батыһан истэ.
Айаннаан кэлбиттэри таһаарар туспа ааҥҥа көрсөөччү киһи тобус-толору. Кинилэр ортолоругар эдьиийдэрэ Аана кинилэри кэтэһэн турар эбит. Елялаах Аана таһаҕастарын туппутунан, оптуобус тохтуур сиригэр бараллар, бырааттарын сүтэримээри, икки өттүттэн сиэтэ сылдьаллар.
Куорат биир дьоһуннаах олохтооҕо буолбут эдьиийдэрэ Аана, балтылаах быраатын аһатан, дойдутун сонунун истэ түһэн баран, бырааттарын Дьокуускай устун күүлэйдэтэ түһэргэ сананаллар. Тугу барытын интэриэһиргиир Бочуоктарын илдьэ мусуойга тиийэллэр.
Аарыма улахан мамонт уҥуоҕа таҥыллан турарын сөҕө көрдүлэр. Оттон араас чуучалалар субу аҕай көтүөх, кыыл-сүөл билигин аҕай хамсаан кэлиэх курдуктар. Куоракка аан бастаан кэлбит кырачаан киһи хараҕар туох барыта дьикти эбээт! Уол оҕо буоллаҕа, Бочуоктара киинэҕэ уонна уруһуйга эрэ көрөр “Максим” бүлүмүөтүн, “Маузер” бэстилиэтин, ыстыыктаах бинтиэпкэтин тутуон-хабыан олус баҕарда эрээри, барыта бобуулааҕа тохтотто.
Нөҥүө күнүгэр эдьиийдэрэ кинилэри аны пааркаҕа илтэ. Бочуок хараҕа уоттана түстэ. Кумааҕы хахтаах моруосунайы амсайбытыттан олус диэн астынна. Аны гаастаах ууну кырыылаах ыстакааҥҥа бэйэтэ кутан биэрэр аптамаакка тиийдилэр. Ыстакааны, ыксары умса баттаатахха, иһиккин тута сайҕаан биэрэринэн маладьыас тэрил эбит!
Уол пааркаҕа сырыытыттан өссө биир саамай астыммыта – сөмөлүөттээх аттракцион. Икки сөмөлүөт тус-туһунан көтөллөр: биирэ бэйэтин киинин эрэ тула эргийэр; иккиһэ – уһун тимир турбаҕа иилиллибит уонна үөһээнэн эрэ эргийэ көтөр. Үөһээҥҥитигэр олорбут Бочуок иһэ кычыгыланан, штурвалыттан кытаанахтык тутуста. Өссө да хатааһылыах киһини эдьиийдэрэ ыҥыраннар, муннун анныгар ботугуруу-ботугуруу, нэһиилэ түстэ.
Аны “Универмаг” уонна “Детский мир” маҕаһыыннары кэрийдилэр. Күнү быһа тэпсэҥнээн, Бочуок оскуолаҕа кэтиэхтээх пурааскатын, күрүҥ өҥнөөх гимнастерка форматын, киирсэбэй саппыкытын, тимир билээскэлээх курун, ону кытта биир паара бачыыҥканы атыыластылар.
Күн аайы оптуобуска хатааһылаан, Бочуок куорат туһунан өйдөбүлү, син, ылла. Нэдиэлэ күннэрэ биллибэккэ элэҥнээн аастылар. Ол икки ардыгар Бочуок дойдутун, ийэлээх аҕатын, бииргэ оонньуур оҕолорун ахта оҕуста.
Дьиэтигэр төннөрүгэр аны Бочуок соҕотоҕун өрүһүнэн сүүрүгү өрө өксөйүөхтээх. Ыраахтан маҥхайан көстөр аарыма борохуотунан үс күнү супту устуохтаах. Айанныан биир хонук инниттэн Бочуок илдьэр таһаҕаһын өргө диэри хаалананнар, түүн үөһүн диэки нэһиилэ бүттүлэр. Саатар, атыыласпыттара элбэҕэ сүрдээх, ону таһынан нэдиэлэ устата таҥныбыт таҥаһа-саба эбиискэ буоллаҕа. Хайа, аны, үс күн устата аһыыр ыһыга-өйүөтэ бэйэтэ эмиэ туспа тутуур.
Сарсыарда отой эрдэ өрүс пордугар баар буоллулар. Айаннааччы киһи кырыы-кырыытынан. Таһаҕастарын санныларыгар ууруммут, сүкпүт, илиилэригэр туппут, көтөхпүт дьон борохуот диэки суксуруһар. Хаамыы-сиимии ырааппыт, саҥа-иҥэ, ыһыы-хаһыы, онтон-мантан ыҥырсыы биир кэм оргуйан олорор. Кыргыттар бырааттарын сиэппитинэн, дьон быыһынан хаамыыларын түргэтэтэллэр.
“Красноярск” уонна “Благовещенск” диэн икки мэндиэмэннээх, улахан турбалаах, ууну хаһыйан айанныырга анаммыт улахан көлөһөҕө маарынныыр луопастардаах муус маҥан борохуоттар кэккэлэһэн тураллара оҕоҕо умнуллубат хартыына буолан көһүннэ.
Бочуок ыраахтан ымсыыра көрбүт борохуотугар эдьиийдэрэ сиэтэн, түөрт киһи холкутук батар иккис кылаастаах каютаны булан киллэрэллэр. Ааны аһа баттаабыттара, биир киһи хайыы-үйэ чэйдии олорор эбит. Саҥатыттан иһиттэххэ, көрсүө киһи быһыылаах, уолу көрүөх-истиэх буолбутуттан кыргыттар үөрэн, бырааттарыгар айанныыр билиэтин туттараллар. Инньэ гынан, түөрт киһилээх каютаҕа иккиэйэх эрэ айанныыр буоллулар.
Борохуот бэрт бүтэҥитик үстэ хаһыытаат, өһөх хара буруону күөх халлаан урсунугар өрө уһуурдан таһаарда. Хапытаан рупорынан мотуруостарыгар: “Отдать концы!” – диэбитигэр, биэрэккэ хаалбыт порт үлэһитэ аҕыс сыыппаралыы эриллибит ханааты өһүлэн, борохуокка быраҕан биэрдэ.
Бочуок өрүс пордун каассатын аттыгар эркиҥҥэ ыйанан турар улахан каартаҕа Дьокуускайтан Осетрово хайа диэки баарын көрбүтэ. Борохуот оруобуна ол туһаайыытынан сүүрүгү өрө күллүргэппитинэн барда…
Антонина БУРЦЕВА.