Yөһээ Бүлүү улууhун Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Учууталга махтал» акцияҕа кыттыыны ылаллар.
5 кылаас үөрэнээччилэрэ суруйаллар:
Учуутал оҕолору үөрэтэр, кинилэри сөбүлүүр. Мин саамай сөбүлүүр уруоктарым математика уонна английскай тыл уруога. Математикаҕа холобурдары уонна араас задачалары суоттуубут. Кыра эрдэхпиттэн математиканы сөбүлүүбүн, барыта өйдөнөр. Учууталым Ася Семёновна. Онтон омук тылыгар Прокопий Леонидович үөрэтэр. Бу уруокка английскайдыы саҥарарга уонна сөпкө суруйарга үөрэнэбит. Мин элбэх саҥа тыллары биллим. Күндү учууталларбын бырааhынньыгынан эҕэрдэлиибин!
Коля Дорофеев.
История, география уруоктарын сөбүлүүбүн. Былыргы историяны үөрэтэбит. Онно учууталбыт Анастасия Григорьевна экраҥҥа көрдөрөн кэпсиир, үөрэтэр. Египет, фараоннар тустарынан элбэҕи биллим. Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Алексеев Данил.
Математика уруогун ордорбун. Ася Семёновна араас суоттары биэрэр. Кини биhиэхэ хаhан да кыыhырбат. Биhигини таптыыр. Биhиги кини уруогар мэниктээбэппит. Учууталбын бырааhынньыгынан эҕэрдэлиибин!
Айхал Петров.
9 кылаастар суруйаллар:
Учууталлар үлэлэрэ уустук. Биhиги кинилэр үлэлэрин сыаналыахтаахпыт. Кинилэр киэҥ билиилээхтэр, баай уопуттаахтар уонна үлэлэригэр олус бэриниилээхтэр. Төрөөбүт дойдубут сайдарын, оҕолор инникигэ эрэллээх буолалларын туhугар үлэлииллэр.
Убаастабыллаах учууталларбытын ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Дьолу, доруобуйаны, үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиhиилэри баҕарабын. Кыhамньылаах үлэҕит иhин эhиэхэ барҕа махтал буоллун!
Света Прокопьева.
Махтаныам этэ кыра кылааска үөрэппит учууталбар Татьяна Петровнаҕа. Кини биhигини ааҕарга, суоттуурга, толкуйдуурга үөрэппитэ. Билиҥҥи кылааспыт салайааччыта Ася Семёновна биhигинниин куруук тэҥҥэ сылдьар, оҕо курдук оонньоон-күлэн да ылабыт. 11 кылааhы бүтэриэхпитигэр диэри аттыбытыгар баар буолуо диэн эрэнэбит.
Анна Тобохова.
Мин 5-с кылаастан алгебра уруогар сөбүлээн дьарыктанабын. Алгебра учуутала саамай үчүгэй учуутал, кини биhиги кылааспыт салайааччыта Ася Семеновна буолар. Кини биhигини өйдүүр, араас түгэннэргэ сүбэлиир-амалыыр. Кини уруогун оҕолор бары күүтэбит. Ким эрэ тугу эрэ ыйытаары, сүбэлэтээри уонна үөрэнээри. Учууталбыт наhаа үчүгэйдик быhаарар, кэпсиир, саҥа теманы өйдөтөр. Ким эмит өйдөөбөтөх буоллаҕына, барытын саҥаттан быhааран биэрэр.
Учууталбар баҕарыам этэ туох баар үчүгэйи. Эйигин больничнайтан тахсаргын күүтэбит, ахтабыт, таптыыбыт!
Вадим Докторов.
Нуучча тыла — саамай сөбүлүүр уруогум. Учууталым Люция Сергеевна нуучча тылын уонна литератураны үөрэтэр. Кини биhиги оскуолабытыгар былырыын үлэлии кэлбитэ. Учууталым үөрэппитин кэннэ нуучча тылыгар үчүгэйдик үөрэнэр, олус интэриэhиргиир буоллум. Былырыыҥҥы ВПР-га табаарыспын кытта «түөрт» сыананы ылан олус үөрбүппүт!
Учууталбар Люция Сергеевнаҕа доруобуйаны, ситиhиилэри баҕарабын!
Никита Бугулов.
Учууталбын Ася Семёновнаны Учууталлар күннэринэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин уонна муҥура суох тапталбын тириэрдиэм этэ! Киниэхэ өссө да элбэх оҕону үөрэтэн, үрдүк чыпчаалларга таhаарарыгар баҕарабын. Куруутун бу курдук эйэҕэс майгылаах, үөрэ-көтө сырыт!
Анжела Дмитриева.
Мин нуучча тылын атын предметтэртэн ордук сөбүлүүбүн. Ол эрээри куруук оннук буолбатах этэ. Бу барыта ахсыс кылаастан саҕаламмыта. Эрдэ мин бу предмеккэ мөлтөхтүк үөрэнэр этим. Онтон Люция Сергеевнаҕа үөрэнэн элбэҕи биллим, быраабылалары өйдөөн үөрэтэр буоллум. Нуучча тылыгар сыанам үчүгэй буолбатах да буоллар, элбэҕи биллим, өйдөөтүм.
Учууталбар Люция Сергеевнаҕа олус күүскэ махтанабын. Киниэхэ кытаанах доруобуйаны, дьолу баҕарабын!
Кеша Егоров.
10 кылаас үөрэнээччилэрэ суруйаллар:
Бастатан туран, бары үөрэтэр учууталларбар үгүс билиини биэрэргит, биhигини араас майгылаах-сигилилээх оҕолору тулуйан үөрэтэргит уонна инникитин үөрэхтээх, киэҥ билиилээх дьон буолан тахсарбытыгар олус кыhалларгыт иhин махталбын тириэрдэбин. Махтал биhиги кылаас маҥнайгы учууталбытыгар Татьяна Михайловнаҕа, билиҥҥи кылааспыт салайааччытыгар Анна Леонидовнаҕа!
Миигин кыра кылаастан саҕалаан спорт абылаҥар уhуйбут күндү учууталым уонна тренерим Сардаана Тусаховна Герасимова буолар. Кини биhигини чэпчэки атлетикаҕа эрчийэр эрэ буолбатах, уустук түгэннэргэ көмөлөhөр, сүбэлиир. Сүүрүүнэн дьарыктанан элбэх араас таhымнаах күрэхтэhиилэргэ кытынным, араас сирдэргэ сырыттым, элбэх доҕоттордоннум. Оннооҕор оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр Аммаҕа ыытыллыбыт «Манчаары оонньууларыгар» ситиhиилээхтик кытынным. Күндү учууталбар этиэм этэ: мин мэтээллэрим — эн ситиhиилэриҥ буолаллар!
Дайаана Федорова.
Хас биирдии киhи олоҕор, дьылҕатыгар учуутал олус улахан оруолу ылар.Кини киhи дууhатыгар, өйүгэр-санаатыгар, үлэтигэр-хамнаhыгар олоҕун устата сирдьит буолан хаалар. Саастыылаахтаргын уонна атын дьону кытта кэпсэтэргэ, алтыhарга үөрэтэр. Мин санаабар, хас биирдии учуутал оҕону олоххо көрсөр араас түгэннэргэ тус-туспатык үөрэтэр.
Yчүгэйгэ, кэрэҕэ уhуйар бары учууталларбар барыларыгар истиҥник махтанабын! Учуутал үөрэппитин олохпут тухары умнубаппыт.
Петр Семёнов.