Холбоһуктаах нациялар түмсүүлэрин 45-с сиэссийэлэригэр 1990 сыллаахха алтынньы 1 күнэ Аан дойдутааҕы кырдьаҕастар күннэринэн биллэриллэн турар.
Киһи кырдьыытын көмүс күһүнү кытта дьүөрэлииллэр. Ол да иһин алтынньы 1 күнүн — күһүн оройун — Аҕам саастаахтар күннэринэн анаабыттар.
Сурутуу декадатын чэрчитинэн оҕо-аймах тапталлаах «Кэскил» хаһыатыгар аахсыйа биллэриллэн турар. Ол курдук, Аҕам саастаахтар декадаларыгар «Эбэм, эһэм күндү бэлэҕэ — Кэскил хаһыат» сыл бүтүөр диэри сурутууга аахсыйанан эһиги сиэннэргитигэр, хос сиэннэргитигэр, кырачаан дьоҥҥутугар сахалыы тыллаах, сахалыы тыыннаах хаһыаты бэлэх уунуоххутун сөп.
Күндү дьоммутугар, эһээлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр, ытык кырдьаҕастарбытыгар, чугас дьоҥҥут сылаас, сымнаҕас сыһыаннарынан угуттанан, дууһа кырдьара диэни билбэккэ уһун, дьоллоох олоҕу олороргутугар баҕарабыт!